Чокуурдаахха күөгүһүттэр күрэхтэстилэр

Share

Ааспыт өрөбүлгэ Чокуурдаахха бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, Аллайыахатааҕы экологияны судаарыстыбаннай кэтээн көрүүгэ иниспиэксийэтэ уонна Д.А.Лебедев аатынан Аллайыахатааҕы туундара айылҕатын уонна булдун мусуойа “Ловись, рыбка, мала и велика!” күрэхтэһиини кыттыһан тэрийдилэр. Күөгүһүттэр күрэхтэһиилэрэ РФ  — Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр — Оҕо сылыгар уонна Аллайыахаҕа Балыктааһын сылларыгар ананна.

Күрэхтэһии саҕаланыытыгар түмэл дириэктэрэ А.Д.Лебедева Балыксыт күнүн бырааһынньыгын тэрийии устуоруйатын сырдатта. Аллайыахалар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр балык фронугар хайдах үлэлээбиттэрин, балыксыт дьиэ кэргэттэр тустарынан кэпсээтэ. Олохтоох инсипиэксийэ начаалынньыга Т.Г.Стрюкова балыктааһын быраабылатын билиһиннэрдэ. Күрэхтэһиигэ уопсайа 14 киһи кытынна.

Онон түмүккэ 1 чаас 30 мүнүүтэ иһигэр 16 чабааҕы хаптарбыт Снежана Капусто “Саамай элбэх балыктаах” (“Самый большой улов”) номинацияҕа кыайыылааҕынан таҕыста.

Наталья Карпова 21 см уһуннаах балыгы хаптаран, “Саамай улахан балыкчаан” номинацияҕа тигистэ. “Саамай эдэр балыксыт” аатын биэс саастаах Богдан Черемкин уонна 3 саастаах Миша Капусто ыллылар. Онон чокуурдаахтар дуоһуйа салгыҥҥа сынньанан, күөгүлээн, бэйэ-бэйэлэрин кытта күрэхтэһэн, өрөбүллэрин туһалаахтык атаардылар.

Хаартыска: иниспиэксийэ уонна түмэл ыыттылар.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Полярнай авиалиниялар” байыаннай дьайыы наадатыгар УАЗ массыынаны биэрдилэр

“Полярнай авиалиниялар” Донбасска көмө уонна өйөбүл Хотугулуу-Илиҥҥи пуондатын  бэрэстэбиитэллэригэр УАЗ массыынаны туттардылар. “Бу хардыы хампаанньа…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Айсен Николаев Саха сирин военкордарын үлэлэригэр үрдүк сыанабылы биэрдэ

Арассыыйа бэчээтин күнүгэр Айсен Николаев байыаннай кэрэспэдьиэннэри кытта көрүстэ. Саха сирин баһылыга кинилэр үлэлэрин хайҕаата,…

7 часов ago
  • Маны аах
  • Сонуннар

Суруналыыс диэн кимий?

Суруналыыс суруйар Олох араас өрүтүн, Суруналыыс саралыыр Олох араас мөкүтүн.   Кини хорсун , кырдьыксыт,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Аҕатын сылгыларын ырытан, дакылаат оҥордо

Бу сыл тохсунньу ый 10-11 күннэригэр “Инникигэ хардыы” өрөспүүбүлүкэтээҕи НПК-ҕа биһиги оскуолаттан 7 кылаас үөрэнээччитэ…

9 часов ago
  • Быһылаан

Сунтаар олохтооҕо билэр киһитин өлөрбүт

Сунтаар улууһун олохтооҕо билэр киһитин быһаҕынан биэстэ анньан өлөрөн тутулунна.  СӨ Силиэстийэлиир кэмитиэтэ иһитиннэрэринэн, тохсунньу…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Ыал арахсар түбэлтэтигэр биэнсийэлэрин баалын үллэстэригэр этии киирдэ

Арахсарга соруммут ыалга бииртэн биир мучумаан эбиллэн иһэр. Бу иннинэ судаарыстыбаннай пошлина сыаната ыараан, 5…

9 часов ago