«ЧОЛБОН» бэс ыйынааҕы нүөмэригэр: Ыһыах туһунан ыллыктаах тыллар, Майя халандаара, акыйааҥҥа таптал…
Үөһээ үрдүк айыылартан алгыс ылар үрүҥ тунах ыһыахтарынан эҕэрдэлээн туран, «Чолбон» сурунаал бэс ыйынааҕы нүөмэригэр ыһыах туһунан ыллыктаах санааларын үллэһиннилэр:
айылҕа уутун-хаарын тардынарыгар, уотун уодьуганнатарыгар уһун сылларга уһуйааччы Эдьиий Дора;
Туймаада ыһыаҕын наукалыы сүбэһитэ, история наукатын доктора Екатерина Романова;
Туймаада ыһыаҕын төрүттэспит 1990-с сс Дьокуускай куорат дьаһалтатын култуураҕа салаатын салайааччыта Ольга Харайбатова;
«Эллэйээдэ» оскуола оҕолорун экспедициятын салайааччыта, кыраайы үөрэтээччи Прокопий Ноговицын;
саха норуодунай суруйааччыта Елена Слепцова-Куорсуннаах;
Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин баһылыга Петр Захаров.
Бу нүөмэргэ уус-уран айымньылары дуоһуйа ааҕыҥ:
эколог уонна уопсастыбанньык Иван Бурцев Отох Уйбаан диэн аатынан «Суоппуйа» ахтыы кэпсээнигэр Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕанааҕы саха олоҕун ойуулуур;
Егор Картузов «Бэстилиэнэй тыһыынча, Майя халандаара уонна саха ойууна…» диэн мүччүргэннээх кэпсээнэ;
Сэмэн Маисов «Дьолго дьулуһар буоллахха» романыгар бу түһүмэҕэр тыа сирин уонна куорат ситимнэрин, куһаҕан дьаллык ыччакка хайдах сөрөнөрүн туһунан сэһэргэнэр;
Өссө тыыннааҕар уос номоҕо буолбут поэт Василий Саввин төрөөбүтэ 85 сылынан «Мин күүтүүлээх ыалдьытым – сарсыҥҥы тахсар күнүм» хоһооннорун бөлөҕө уонна Иннокентий Дүөндүн истиҥ-иһирэх киирии тыла;
Улуу уу – Акыйаан кутун-сүрүн кытта алтыһар, анаарар Саргылана Гольдерова-Саргы Куо «Акыйаан тапталым» диэн саҥа поэмата;
эдэр поэт Харыйалаах Уола «Бу сиргэ мин дьолум – дойдум уонна дьонум…» диэн өлүү уонна таптал, олох уонна айылҕа, күһүн уонна саас солбуһууларын хоһуйар хоһоонноро;
«Оҕолор дьикти кэрэлэр, оһуор-симэх кэриэтэлэр…» диир оҕо суруйааччыта, фольклорист Петр Дмитриев-Туутук 80 сааһын көрсө хоһооннорун бөлөҕө;
Хаппаргытыгар хатыыртыгар:
СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун ытык киһитэ Татьяна Андросова саха омук духуобунай лидерэ диэн ааттаммыт Мандар Уустуун алтыһыыларын уонна кини үйэтитэр уонна үөдүтэр үлэтин эридьиэстиир ыстатыйатын туох диэн түмүктүүрүй?;
Филология наукатын кандидата, литературовед Саргылаана Ноева поэт Зинаида Архипова айар үлэтигэр бэлиэтээһиннэригэр кинини тоҕо «Куйаар кыыһа» диэн ааттыырый?;
Баан үрдүкү таһымнаах үлэһитэ Афанасий Лугинов «Кредит кистэлэҥнэрин» билиһиннэрэр.
Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: