Саха литературатын летопиһа кырдьаҕас «Чолбон» сурунаал Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар анаммыт Саха сирин бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэнин быһаарар «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу» бырайыагы тэрийэн ыыппыппыт.
Ааҕыыны өрө туппут, саха литературатыгар сүгүрүйэр дьиэ кэргэттэргэ анаммыт бырайыакка оҕо, төрөппүт уонна эһэ-эбэ састааптаах хамаандалар билиилэрин-көрүүлэрин тургутуспуттара. Түмүккэ, саха литературатын биһигэ буолбут Таатта улууһун Баайаҕа нэһилиэгиттэн «Чолбон» сурунаалы 60-тан тахса сыл быспакка суруппут, удьуор учуутал ыал Кустуровтар (эдьиий Полина Николаевна – педагогика үлэтин бэтэрээнэ, ийэ Ульяна Дмитриевна – педагог-библиотекарь, оҕо Венера – 10-с кылаас үөрэнээччитэ) кыайаннар, «Бастыҥ ааҕар дьиэ-кэргэн» аатын ылан, Өлүөнэ очуостарыгар сынньанар путевканан наҕараадаламмыттара.
Сахабыт сирин биир ураты сиригэр хайдах сынньанан кэлбиттэрин туһунан педагогика үлэтин бэтэрээнэ, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Полина Николаевна Кустурова маннык үллэһиннэ:
— Саас «Чолбон» сурунаал тэрийэн ыыппыт оонньуутугар сиэн балтыларбын кытта бэркэ сэргээн кыттыбыппыт. Өрөспүүбүлүкэҕэ бастаан, үөрүүбүт сүрдээх этэ. Бириис да боччум, сонун. Бачча сааспар диэри аатырбыт Өлүөнэ очуостарын илэ харахпынан көрө илик этим. Теплоход икки өттүнэн көһө сылдьан, Өлүөнэ эбэбит кытылларын сонургуу, кэрэхсии көрбүппүт, хаартыскаҕа да түһэрбиппит. Онтон, дьэ, саҕаламмыта, долгуйа күүппүт, көрөргө дьулуспут сирбит-уоппут! Эчи, үрдүктэрин, сүдүлэрин бу таас очуостар! Сорохторун дыбарыаска, сорохторун кыылга-сүөлгэ, өссө туохха эрэ маарыннатан кэрэхсии, сөҕө-махтайа, астына устубуппут.
«Өлүөнэ очуостара» национальнай пааркаҕа тохтоон, алгыс ылан, салама ыйаан, сыалбытын-сорукпутун ситээри, айаммыт, дьэ, саҕаламмыта. Ким чыпчаалга тиийэр эбитий? Эдэрдэр, биллэн турар, элээрэ турбуттара, чыпчаалга тиийэн, үөрэн-көтөн төннүбүттэрэ. Биһиги да, барбахтаһан баран, тохтообуппут. Өлүөнэ очуостарыгар маннык ытталлар эбит диэн өйдөбүл ылбыппыт да сөп буолла.
Төннөн иһэн, кумахтаах кытылга тохтоон, сылаас кумах устун хаампыппыт, күҥҥэ сыламнаабыппыт. Сөрүүн күн буолан, аҕыйах киһи сөтүөлээтэ. Киэһэтин теплоход кытылга тиксэн, айаммыт түмүктэннэ.
Ити курдук, быйыл умнуллубат айаҥҥа сырыттыбыт, көрбөтөхпүтүн көрдүбүт, үгүс сонуну, кэрэни биллибит.
Маннык үчүгэй айаны бэлэхтээбит тапталаах «Чолбон» сурунаалбыт коллективыгар барҕа махтал!
Санатар буоллахха, «Чолбон өй күрэһэ» оонньуу саха дьоно уутуйан олорор 12 улууһун уонна Дьокуускай куораты хаппыта, онуоха барыта 60 нэһилиэктэн, үс куораттан 91 ыал, 182 улахан киһи уонна 91 оҕо кыттыбыта. «Тургутуу түһүмэҕи» ааспыт 13 хамаандаттан 9 дьиэ кэргэн кэлэн туйгуннары быһаарар түһүмэххэ Туймаада хочотугар күөн көрсүбүттэрэ. Онно инники күөҥҥэ тахсыбыт түөрт бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн муус устар 12 күнүгэр «Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа аһаҕас эпииригэр кылаан түһүмэххэ кыттыбыттара.
Оонньуу инникитин өссө да ыытыллыа, иһитиннэрии тахсыа.
«Чолбон» суруаал эрэдээксийэтэ.
“Бүгүҥҥү күҥҥэ саамай улахан ситиһиибитинэн олоҥхону толорор ыччаппыт, эр дьоммут элбээбитэ буолар. Кинилэри түүн да…
Абхазияҕа ааспыт нэдиэлэттэн өрө туруу баран, бэрэсидьиэннэрин быыбара болдьоҕун иннинэ ыытыллар буолла. Сэтинньи 15 күнүгэр…
Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий? Өрөспүүбүлүкэ арҕаа, хотугулуу-арҕаа улуустарыгар, Өлүөнэ…
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…