«Чолбон» сурунаал 11-с нүөмэрэ күн сирин көрдө
Прозаҕа Тааттаҕа олорор Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик Бүөтүр Хара «Тоҥустуур аартыгынан» диэн гражданскай сэрии туһунан мүччүргэннээх сэһэнин тыҥааһыннаах түмүгэ бэчээттэннэ.
Поэзия салаатыгар норуот суруйааччыта Сайа, поэтессалар Суоһааны уонна Дьүөрэл саҥа хоһоонноро киирдилэр. Ону тэҥэ быйыл төрөөбүтэ 70 сылын туолар философия наукатын кандидата, этнопедагог Акулина Попова, сүнньүнэн, 1990-с сылларга суруллубут хоһооннорун түмтүбүт.
Саха тылын, литературатын уонна төрүт культура учууталларын II өрөспүүбүлүкэтээҕи съезтэрин көрсө, учууталлар, учуонайдар уонна саха бэлиэ дьоно, ол иһигэр духуобунай академига Мандар Уус, Төрүт омуктар оскуолаларын чинчийэр институту салайбыт Светлана Семенова уонна «Эркээйи» үөрэх бырагырааматын төрүттэспит Татьяна Ильина, тус көрүүлэрин кэрэхсиэххит.
Бу нүөмэр Саха сирин бэлиэ дьонугар ананна диэтэххэ киһи сыыһыа суоҕа. Ол курдук, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ Михаил Николаев 85 сааһынан кини кытта бииргэ үлэлээбит Климент Иванов, Егор Жирков, Виктор Ноговицын ахтыылара уонна «Биһиги бэрэсидьиэммит» диэн аатынан 1990-с сылларга атахтарыгар турбут саха интеллигенциятын бэрэстэбиитэллэрин, ол иһигэр киинэ режиссера Никита Аржаков, опера ырыаһыта Айталина Адамова, тыйаатыр артыыһа Иннокентий Дакаяров, худуоһунньук Андрей Чикачев уо.д.а., санаалара таҕыстылар.
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, норуот поэта Наталья Харлампьева бэргэн этиилэрин поэт уонна учуутал Рустам Каженкин түмэн бэчээккэ бэлэмнээтэ.
Быйыл 70 сааһын туолбут историк учуонай уонна документалист-суруйааччы Владимир Пестеревтиин сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов ирэ-хоро сэһэргэстэ.
Быйыл олохтон туораабыт П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, суруйааччы Николай Винокуров-Урсун туһунан үөлээннээхтэрэ – норуот суруйааччыта Ойуку уонна СӨ Ил Дарханын Суорун Омоллоон аатынан литератураҕа бириэмийэтин лауреата Николай Калитин ахтыылара таҕыста.
Сэтинньи ыйдааҕы «Чолбон» сурунаалы кэрэхсээҥ ааҕыҥ!
Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: