«Чолбон» сурунаал 2024 сылга бастакы нүөмэригэр туох таҕыста?
АЙАННЬЫТ БАРОН ТОЛЛЬ, ОЙУУҺУТ МЫТЫЙЫКЫ УОННА СҮРЭХ ЭМЧИТЭ ПЕТР ЗАХАРОВ
Сахалыы тыллаах кырдьаҕас сурунаал тохсүнньутааҕы нүөмэригэр:
— Номоххо киирбит Санников сирин көрдөөччү барон Толль туһунан Усуйаанаттан төрүттээх кырдьаҕас суруналыыс Петр Томскай-Мохсунуоха саҥа айымньыта;
— Оҕолорун сүтэрбит ийэ эһэ хайдах быһыыланыаҕай? Өлүөхүмэттэн төрүттээх суруйааччы Вениамин Миронов төрөөбүтэ 90 сылынан «Отонноотоххо оҥоойук туолар» кэпсээннэрэ;
— Таҥара мөссүөннэрин уонна Лев Толстой мэтириэтин ойуулаабыт анал үөрэҕэ суох саха худуоһунньуга Иннокентий Сивцев-Мытыйыкы туһунан норуот суруйааччыта Павел Харитонов-Ойуку өр кэмҥэ сөҥөрдөн сытыарбыт поэмата;
— Саха сиригэр сүрэх хирургиятын курдук медицина чыпчаал хайысхатын үөскэппит аатырбыт эмчит Петр Захаров уус-уран мэтириэтин суруйааччы Арылы Дуйдаах ойуулаата;
— Ирбэт тоҥу кытта иллээх сыһыаны олохтуурга дьулуһар эдэр учуонай Александр Жирковтуун Надежда Ильина сэһэргэстэ;
— Манчаары Баһылай туһунан олоҥхоһут Ноорой тугу сэһэргээбитэй? Сиэнэ суруналыыс Ольга Степанова суруйуута;
— Эмчит идэлээх прозаиктар туох уратылаахтарын литературовед Саргылаана Ноева анаарыыта;
— Поэттар поэттарынан аатырбыт Таллан Бүрэ ханна төрөөбүтэй? Уола суруйааччы Степан Сивцев-Хамалҕа чинчийиитэ;
— «Оҕоҕун кытта аах» “муннукка” Николай Заболоцкай-Чысхаан «Болот моһуогуруулара» айымньыны кэрэхсээҥ;
— Национальнай библиотеканы кытта кыттыгас «Сэдэх кинигэлэр» рубрикаҕа 1821 сыллаахха тахсыбыт сахалыы кинигэ…
«Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: