Салгыы
«Чолбон» сурунаал алтынньытааҕы нүөмэрэ таҕыста

«Чолбон» сурунаал алтынньытааҕы нүөмэрэ таҕыста

Ааптар:
18.10.2022, 10:38
Бөлөххө киир:

«Чолбон» сурунаал саҥа нүөмэригэр быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биллэриллибит Ийэ сылынан уонна Ийэ күнүнэн саха чулуу поэттара ийэни хоһуйбут айымньылара, ол иһигэр дьон-сэргэ уоһуттан түспэт ырыа буолбут хоһооннор бэчээттэннилэр.

Прозаҕа Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун «буруолуу сылдьар» чилиэнэ Бүөтүр Хара “Тоҥустуур аартыгар” диэн гражданскай сэрии туһунан мүччүргэннээх сэһэнин саҕаланыыта таҕыста.

Поэзияҕа үс көлүөнэ лирик поэт — Вячеслав Хон, Арылы Дуйдаах уонна Харыйалаах Уола саҥа хоһооннорун билиһиннэрэбит.

Пандемия кэннинээҕи аан дойду туругун, анал байыаннай эпэрээссийэ кэтэҕэр туох хамсааһыннар буола туралларын, Кытай бэлиитикэтин ис куукунатын туһунан политолог Чокуур Гаврильевтыын Утум Захаров сэһэргэстэ.

Умнулла быһыытыйбыт биллэр фольклорист Афанасий Порядин гражданскай сэрии Мэҥэ Хаҥалас сиригэр хайдах барбытын туһунан ахтыыта аан бастакытын күн сирин көрдө.

Аныгы тыа сирин, учууталлар уонна үөрэнээччилэр кыһалҕаларын кэрэхсэбиллээхтик суруйар прозаик Татьяна Находкинаны кытары Айысхаана атах тэпсэн олорон кэпсэттэ.

Онон «Чолбон» алтынньытааҕы нүөмэрин кэрэхсээн ааҕыҥ! Күн – сири, Чолбон – саханы сырдатар!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: