«Чолбон» сурунаал ыам ыйынааҕы нүөмэригэр:
— Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии уот холоругун ортотунан ааспыт танкист, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, прозаик Семен Осипович Никифоров төрөөбүтэ 100 сылын көрсө олох муудараһыгар үөрэтэр «Күһүҥҥү киэһэ», «Сырдык таммахтар» кэпсээннэрэ;
— «Үтүө олоҕу олорор туһуттан, дьолго дьулуһар буоллахха, киһи күннээҕинэн буолбакка, инникини ырааҕы-киэҥи өтө көрүөх тустаах» диэн сүрүн санааны тиэрдэр Сэмэн Маайыһап «Дьолго дьулуһар буоллахха» диэн бүгүҥҥү тыа сирин туһунан арамаанын салгыыта;
— удьуор суруйааччы Хамалҕа «Кэскил» диэн арыгыттан оҕустарбыт ыал кэскилэ быстыытын;
— эмчит уонна суруйааччы Буор Булгунньах «Атастыылар» диэн сааскы булт уонна саха дьахтар таҥаралааҕын тустарынан саҥа кэпсээннэрэ;
— Поэттар Хабырыыс Ондороос «Поэт – үрүҥ, боотур – хара саахымат хараҕа суоллаахтар…» уонна Елизавета Мигалкина «Сарсыҥҥыга сурук суруйуохха…» диэн саҥа хоһооннорун бөлөҕө;
— Утум Захаров аныгы кэм хоһуун айанньыта Дугуйдаан Винокуров туһунан «Арассыыйа устун ат арҕаһыгар» уочаркатын түмүктүүр түһүмэҕэ;
— Таатта учууталлара Алампа «Мин ыллыым ээ, ыллыым…» биир хоһоон антологиятын туһунан санаа атастаһыылара;
— норуот суруйааччыта Тумарча «Саха геолога» кинигэтигэр кырдьаҕас суруналыыс Николай Крылов сэҥээриитэ;
— норуот суруйааччыта Баһылай Харысхал «Ааспыт кэм аартыктарынан» документальнай арамаанын тула Горнай улууһун ааҕааччыларын кытта сэһэргэһии;
— «Саха сирин Үлэҕэ Геройдара» тиһиккэ Амма аатырбыт ыанньыксыта Петр Ионович Яковлев уонна «куйаар кодунан» кини Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыытын туһунан ахтыыта.
Күн – сири, «Чолбон» – саханы сырдатар!
Алгыһы кытта «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…