Чоочо баай Чүүйэ «Эбэтигэр» хоннохтоох отчуттар күүлэйдэрэ буолла

Share

Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 16 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ходоро нэһилиэгэр  «Эбэ» диэн  200 га иэннээх киэҥ алааска  улуустааҕы үгэс буолбут «Хотуур Хоһууннара» күүлэй буолан ааста.

Суолталаах тэрээһин туһунан ытык алгысчыт, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ытык Сүбэтин салайааччыта, «Саха сирэ» хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Зиновий Игнатьев  маннык кэпсээтэ:

— Ытык Эбэ үгүс номохторго кэпсэнэр, дьиҥнээх олоххо олоро сылдьыбыт Чоочо баай алааһынан биллэр.

Чоочо баайтан 21-с үйэбитигэр кэллэххэ, бэҕэһээ, бээтинсэ күн,  от хотуурунан охсуу күүлэйигэр Амма, Хаҥалас, Нам, Горнай улуустарыттан уонна Мэҥэ Хаҥаласпыт бэйэтин нэһилиэктэриттэн кэлэн, оҕолуун-дьахтардыын, ытык кырдьаҕастыын-уолан ыччаттыын анаан кыттыыны ыллылар.

Олохтоох дьаһалта ыалдьыттары көрсөргө ох курдук бэлэмнэнэн, ас бөҕөтүн бидиличчи буһаран көрүстэ. Сарсыарда рис хааһыттан, итии чэйтэн, сибилигин хобордооххо сириличчи ыһаарыланан тахсыбыт сып-сылаас алаадьыттан саҕалаат, эбиэт саҕана собо миинэ, ис үөрэтэ, эт миинэ, быһата, миин арааһынан күндүлээн  дьону сөхтөрдүлэр.

Ким тугу аһыырынан киирэ-тахса, дьиэтигэр курдук, буор-босхо аһыы сырытта. Мин эт амтаннааҕын амсайан, эмиэ олус астынным.

Аны үлэ дьонун өйөөн,  түмэл үлэһитэ Александр Эверстов тэрээһини өссө биир көрүҥүнэн байытан, быыстапка эспэнээтин быһыытынан Майа сэлиэнньэтин уонна Ходоро нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Семен Никаноров хотуурдарын аҕалан туруорда.

Ытык киһи оттуур тэриллэрин аттыгар киһи болҕомтотун тардар суруктаах.

Лоомтукаттан Тимир Байбал Уус уһанар тэриллэрин сиэнэ аҕалан эмиэ көрдөрүүгэ туруоран, дьон болҕомтотун тарта.

Мин көрөөччу уонна уопуттаах уопсастыбанньык быһыытынан, бу күрэххэ кыра оҕолор кыттан эрэллэрин хайгыы көрдүм.  10 саастарыттан кыттыбыт оҕолор, саастарын ситтэхтэринэ, кимиэхэ да иннилэрин биэрбэт хоннохтоох охсооччу аатын ылыахтара турдаҕа. Ол курдук, Моорук нэһилиэгиттэн быйыл 5 кылаас үөрэнээччитэ Сулустаан Скрябин илиинэн охсо сылдьарын көрө-көрө киһи үөрэр!

Бу оҕо эһээтин билэбин. Кини курдук эмиэ үлэһит бэрдэ буолсу. Уолчаан үгүс киһи хайҕалын ылыан ылла.

 Амма улууһун Эмиһиттэн уонна Хорообуттан ыал ыалынан кэлэн кыттыбыттарын бары да сэргии көрдүбүт.
Саамай кэрэхсэбиллээҕэ, охсооччулары саастарынан араарбыттара буолар. Ол курдук, оҕолору саастарынан түһүмэхтэргэ араарбыттарын ааһан, аны кыргыттар, уолаттар, эр дьон, дьахталлар диэн саастарынан арахсан, күрэхтэһии бэрт тыҥааһыннаахтык барда.
Халлаан сөрүүн буолан, өссө от охсор кэмнэригэр ардаан, сөрүүкэтэн, улахан илистиини охсооччулар билбэтилэр. От өссө сымнаан биэрэн, куйааска буһар-хатар курдук буолбатах.

Күүлэй бүппүтүн кэннэ, халлаан ардаҕын тохтотон, култуурунай тэрээһини кытта ыытар кыаҕы биэрдэ. «Саха» НКИХ биллэр суруналыыһа Георгий Белоусов ыытааччылаах култура үлэһиттэрин «Айар айан» бөлөҕүн кэнсиэрэ буолла.

Ырыа аайы ыалдьыттар уонна хаһаайыттар үҥкүү-битии арааһын тартылар.  Оттон   хапсаҕайга күрэхтэһии тэрээһини олус киэҥ уонна дириҥ ис хоһоонноото.

Быйылгы «Ходуһа хоһууттара» от охсооччулар күрэхтэһиилэрэ саастарынан арахсан ыытылынна. Бэйэтин категориятыгар бастаабыт Мэҥэ Хаҥалас күүлэйигэр сыл аайы кыттар Хаҥалас олохтооҕо, төрөөбүт Нөмүгүтүгэр өрүү Аҕа сэбиэтин салайа сылдьыбыт Кузьма Острелины кытта билсэн, кинини хаартыскаҕа үйэтиттим.

Тэҥнээҕин булбатах Хаҥалас хоннохтоох охсооччута сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланна.

Ити курдук,  Чүүйэ быйылгы күүлэйэ биэс улуус дьонун түмэн, тэрээһинин кыайа-хото тутан, Чоочо баай аатырбыт алааһын дорҕоонноохтук ааттатта.

What’s your Reaction?
+1
19
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1
+1
3

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саҥа IT-ситиһиилэр: ”Группа Астра” “Цифровой алмаз» пуорумҥа айан таһаарыыларын билиһиннэрдэ

“Группа Астра”​ бэйэтин бырайыактарын Дьокуускайга “Цифровой Алмаз” федеральнай пуорумҥа билиһиннэрдэ. Хампаанньа дойдуга оҥоһуллар бырагырааманан хааччыйыы…

3 минуты ago
  • Сонуннар

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев Олоҥхо күнүнэн эҕэрдэтэ

Ытыктабыллаах Саха сирин олохтоохторо! Эһигини Олоҥхо күнүнэн ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Олоҥхо – өбүгэбит кэриэс…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Дьуһуурунай борокуруор: итирик уруулга олоруу тохтообот

Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 5 буруйу оҥоруу түбэлтэтэ бэлиэтэннэ, олорунан процессуальнай бэрэбиэркэ ыытыллар уонна холуобунай дьыалалар…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн — Олоҥхо күнэ

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэнэр. Олоҥхо саха омук былыр-былыргы дьыллар быыстарыттан…

2 часа ago
  • Быһылаан

Мииринэйгэ суол кытыытыттан эр киһи өлүгүн буллулар

Сэтинньи 23 күнүгэр Мииринэй оройуоннааҕы полиция отделын дьуһуурунай чааһыгар Надежнайга баар "Вилюй" гостиница таһыгар суол…

3 часа ago
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа

Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, сорох улуустарга 43 кыраадыска тиийэ тымныйыаҕа диэн УГМС иһитиннэрэр. Киин, соҕуруу,…

4 часа ago