Салгыы
«Чороон». Владимир Мохначевскайга аналлаах ахтыы-кэнсиэр (видео)

«Чороон». Владимир Мохначевскайга аналлаах ахтыы-кэнсиэр (видео)

13.11.2022, 15:05
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 11 күнүгэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Чороон» вокальнай инструментальнай ансаамбылы төрүттээбит Владимир Мохначевскай-Махно төрөөбүтэ 70 сылынан ахтыы-кэнсиэр үгүс көлүөнэ көрөөччүлэри муста.

Быйыл тэриллибитэ 50 сылын туолар «Чороон» ансаамбыл бастакы, иккис састаабын кыттыылаахтара, Саха сиригэр эстрада бастакы артыыстара бары биир сыанаҕа мусталлара сэдэх көстүү. Ол да иһин, хас биирдии көрөөччү улахан талааннары биир сыанаҕа көрөн, чахчы астынна, дуоһуйда. Таптыыр артыыстарбыт төһө да сааһыра быһыытыйдаллар, куоластара чөллөркөйө, ис култуураларын, интэлигиэн көрүҥнэрин ыһыктыбакка сылдьаллара астыннарда. Бары уу сахалыы тылынан сэһэргээн, дьээбэни-хообону сөптөөх миэстэтигэр «эрийэ» тутан кэпсииллэрин киһи истэр истэ олоруон курдук. Бары да истиҥ-иһирэх ахтыыны оҥордулар, ырыаһыт, мелодист эрэ буолбакка, уран тыл маастардара,  сээркээн сэһэнньиттэр  эбиттэрин биллибит.
«Ыллаан-туойан, ахтан-санаан ааһыаҕыҥ…» ахтыы-кэнсиэри СӨ үтүөлээх артыыската, көр-күлүү уонна сатира маастара Валентина Чиркова уонна ырыаһыт Иван Тарасов ыыттылар. Владимир Мохначевскай олоҕун аргыһа Валентина Чиркова ахтыы киэһэтин кыттыылаахтарын ортолоругар  бүгүн «биэс» Владимир баарын бэлиэтээн туран, «бүгүҥҥү күнү эһиги баһылыыгыт» диэн тэрээһини саҕалаата. Телевидениеҕэ уонна араадьыйаҕа ырыаһыттарга аналлаах бэйэтэ туспа биэриилээх Иван Тарасов убайдарыгар, эдьиийдэригэр сүгүрүйэрин биллэрэн, хас биирдиилэрин олохторун, айар үлэлэрин бэйэтин көрүүтүнэн ситэрэн-хоторон биэрдэ.
Бу күн уостан түспэт, классикаҕа кубулуйбут элбэх ырыа ылланан, көрөөччүлэр эдэр саастарыгар эргиллэн ыллылар, толорооччулары кытары тэҥҥэ ыллаһа олордулар.
Владимир Мохначевскай биир дойдулааҕа, «Чорооҥҥо» бииргэ саҕалаабыт доҕоро Петр Макаров, ансаамбылга сылдьан ыал буолбут  Вячеслав Саввин уонна Александр Тойтонов кэргэннэрэ Раиса Саввина, Зинаида Тойтонова дьиэ кэргэннэринэн сирэйдээн, Махно туһунан ахтан-санаан аастылар.
Махно  үтүө санаалаах, куруук сырдыгынан сыдьаайа сылдьар, тарбаҕар талааннаах маастар, камин оҥорооччу, дьиэ тутааччы бастыҥа этэ. Саха киһитэ сатыырын барытын сатыыра.

Раиса САВВИНА, «Чороон» ансаамбыл кыттыылааҕа:
«1972 сыллаахха Саха сирин ыччата мустан, улахан куонкуруһу ааһаммыт, түмүгэр 21 ыччат талыллан, Москваҕа  Эстрада ускуустубатын Бүтүн Арассыыйатааҕы айар мастарыскыайыгар  (ВТМЭИ) үөрэнэ барбыппыт.  «Алтай» гостиницаҕа олорбуппут. Сахабыт сирин тыйаатыра төлөөн, артыыстар курдук сылдьар этибит, хамнастаах этибит. ВДНХ иһигэр билигин да баар «Зеленай тыйаатырга» үөрэммиппит. Бары кэриэтэ тыаттан кэлбит оҕолор буоламмыт, аан бастаан тиийбит дьон мунан-тэнэн бараммыт, сыыйа-баайа үөрэммиппит. Билигин санаатахха, наһаа үчүгэй, күүстээх учууталлар үөрэппиттэр эбит.
Ырыаһыт Валерий Леонтьевы кытары үөрэммиппит. Володялаах уолаттарыныын гитараҕа оонньууллара, Валерий Леонтьев биһиги оҕолорбутугар ымсыырар этэ. «Миэхэ оонньоон биэриҥҥитиий», — диирэ. Сахалары элбэх кэнсиэргэ кытыннараллара. Көҥүл суруктаах буоламмыт, Эстрада тыйаатырыгар, Большой тыйаатырга уо.д.а. көҥүл сылдьарбыт.
Биһиги Москваҕа тиийэн баран, Славалыын «чорооннорго» бастакынан ыал буолбуппут. Славалаах Володя оскуола саҕаттан чугас доҕордуу этилэр. Кэлин Слава доҕоро  Володя ыалдьыбытыгар наһаа аһынан, хайдах да гыныан билбэккэ, сотору-сотору баран көрсөр этэ. Онтон бэйэтэ үс сылынан ыалдьан өлбүтэ…
Биһиги ыал буолан баран уол оҕоломмуппут да, уолбут гостуруолга сырыттахпытына ыалдьан өлөн хаалбыта. Ол иһин,  эстрадаттан баран, иккиэн үйэбит тухары үөрэхтээһиҥҥэ оҕолору иитиигэ үлэлээтибит», -– диэн ахтан-санаан ааста.

Ону таһынан ансаамбылга ыллаабыт Елизавета Романова, Эстрада тыйаатырын артыыската Лариса Троева Владимир Мохначевскай кинилэр олохторугар оруолун тоһоҕолоон кэпсээтилэр. Бэйиэт, публицист Уйбаан Николаев-Уххан бу күн көрөөччүлэри улаханнык соһутта. Уххан доҕоругар Махноҕа анаан кылыһахтаах тойугун уонна кини кэргэнэ Валентина Ивановнаҕа көрдөөх хоһоонун ааҕан (онуоха Валентина Чиркова аттыгар туран кыттыһан), бэйэтэ көрдөөх сценка курдук көһүннэ.
Биллиилээх артыыстар, биир кэмҥэ үлэлээн ааспыт Владимир Заболоцкай, Владимир Татаринов, Владимир Еремеев, Сергей Расторгуев, Георгий Сергучев, Екатерина уонна Алексей Егоровтар, Рафаэль Крылатов, Владимир Индигирскэй, Бүөккэ Бөтүрүөп оччотооҕу кэмҥэ толорбут ырыаларын көрөөччүлэр күүстээх ытыстарын тыаһынан хаһааҥҥытааҕар да долгуйан туран толордулар.
Ахтыы-кэнсиэр 3 чаас устата барбытын тухары экраҥҥа урукку устуулар, чуолаан «Чороон» ансаамбыл 30 сылын бэлиэтээһин кэнсиэриттэн, көстө турдулар. Онон Олег Бубякин, Николай Соловьев уо.д.а. ырыаларын бу баардыы иһиттибит.
Манна даҕатан эттэххэ, быйыл «Чороон» ансаамбыл тэриллибитэ 50 үбүлүөйдээх сыла. Тустаах дьон өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бэлиэтииргэ туруорсан көрбүттэр да, муус хамсаабатах курдук… Онон, ансаамбылы тэрийээччи Владимир Мохначевскай оруобуна ансаамбылын үбүлүөйдээх сылыгар  70 сааһа бэлиэтэнэрэ  эмиэ үөһэттэн ыйдарыы курдук буолбутун бэлиэтээтилэр. Инникитин эдэр ыччаттарбыт, оҕолорбут саха эстрадата саҕаламмыт кэмин умнубаттарын, «Чорооннор» толорбут ырыалара көлүөнэттэн көлүөнэ бэриллэн иһэрин туһугар, оҕолорго эбэтэр улахан дьоҥҥо Владимир Мохначевскай аатынан ырыа куонкуруһун тэрийэргэ баҕа санааларын эттилэр.
Кыттааччылар Валентина Чирковаҕа, билигин төһө да ыарахан кэмҥэ олорорбут иһин, истиҥ-иэйиилээх ахтыы-кэнсиэрин тэрийбитигэр ис сүрэхтэриттэн махтаннылар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: