Чурапчыга сүппүт отонньут көһүннэ
Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 17 күнүгэр, Чурапчы улууһугар отоннуу тахсыбыт эр киһи сүппүт. Кини тыаҕа дьонун кытта бииргэ сир аһын хомуйа тахсыбыт.
Бу туһунан Саха сиринээҕи Быыһыыр сулууспатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Быыһыыр сулууспаҕа чуолкайдаабыттарынан, атырдьах ыйын 17 күнүгэр киэһэ Мындаҕаайы сэлиэнньэтиттэн 10 км тэйиччи сиргэ, ойуур иһигэр сир аһын хомуйа тахсыбыт 1974 с.т. эр киһи сүппүтүн туһунан иһитиннэрии киирбит. Чурапчы филиалын быыһааччылара бэҕэһээ киэһэ 23:30 чааска көрдүү тахсыбыттар. Сүппүт эр киһини көрдүүргэ 4 быһааччы, аймахтара, участковай уонна дьаһалта үлэһиттэрэ үлэлээбиттэр. Биир футболкалаах, чараас ыстааннаах, испиискэтэ суох тахсыбыт эр киһи түүнү быһа хаампыт уонна отоннообут сириттэн ыраах тыаҕа барбыт. Ол кэннэ массыына тыаһын истэн ойууртан тахсыбыт. Быраас көмөтүттэн аккаастаммыт уонна Мындаҕаайы сэлиэнньэтигэр хаалбыт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: