Бу күннэргэ Дьокуускайга Бааһынай ырыынагар оҕуруот аһын сыаната биллэрдик түстэ.
«Бааһынай ырыынага» диибин эрээри, ити мин ырыынакка бэйэтигэр киирбэккэ эрэ, Комсомольскай болуоссат аттыгар турар олохтоох пиэрмэрдэр атыыларын этэбин. Манна сүрүннээн чугас улуустартан киирбит Хаҥалас, Нам улуустарын пиэрмэрдэрэ уонна Тулагы, Хатас сэлиэнньэлэриттэн кэлбит бааһынай хаһаайыстыбалар оҕуруот аһын арааһын атыылыыллар.
Эмиэ буоларын курдук, биэстэн-алтаттан киэһэ тиийдэххинэ, сыананы хото түһэрэллэр. Ол курдук, табылыннаххына, билигин киилэтэ 70 солкуобайдаах хаппыыстаны 60 солкуобайга атыылаһыаххын сөп.
Хортуоппуй сыаната 75-85 солкуобай буолбут. Сууйуллубут хортуоппуй — 100 солкуобай. Биэрэс — 80-100 солкуобай. Моркуоп — 100 солкуобай, «стандартнайа суох» суох дэнэрэ 50-70 солк. халбаҥныыр, чеснок — 60 солк.
Бу хаартыскаларынан сирдэтэн, бүгүҥҥү күҥҥэ пиэрмэрдэр оҕуруот аһын хаска атыылыылларын кытта билсиҥ. Иһирдьэ киирдэххэ сыана хас эбитэ буолла, ким билиэй? Олохтоох бородууксуйаны эрэ атыылаһар буолан, пиэрмэрдэр лааппыларыттан ырааппаппын.
Дьэ, онон, мантан инньэ сыана түһэрин кэтэһээччилэр, бу бүгүҥҥү сыананан суоттаныаххытын сөп.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…