Салгыы
Чульман бөһүөлэгин баһылыга дуоһунаһыттан туоратылынна

Чульман бөһүөлэгин баһылыга дуоһунаһыттан туоратылынна

Ааптар:
18.10.2024, 10:30
Хаартыска: PxHere
Бөлөххө киир:

Нерюнгри оройуонугар Чульман бөһүөлэгин баһылыга дуоһунаһыттан быстах кэмҥэ туоратылынна. Бу туһунан Өрөспүүбүлүкэ сууттарын холбоһуктаах пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Санаттахха, бу сыл алтынньы 7 күнүгэр Чульман бөһүөлэгин Строителей уулусса 12-с №-дээх дьиэтин таһыгар 12 саастаах кыыс оҕоҕо дьэллик ыттар үөрэ саба түспүтэ. Ииримтийбит ыттары ааһан иһэр олохтоох уонна быһылаан тахсыбыт кэмигэр тиийбит кыыс оҕо аҕата тохтоппуттара. Кыра кыыс балыыһаҕа киирэн баран, алтынньы 9 күнүгэр ылбыт эчэйиилэриттэн олохтон туораабыта. Быһылаан кэннэ дьалаҕай буолуу ыстатыйатынан холуобунай дьыала тэрилиннэ.

«Нерюнгри куоратын суутун уурааҕынан «Чульман бөһүөлэгэ» куораттааҕы муниципальнай тэриллии баһылыгар холуобунай дьыала тэрилиннэ. Буруйданааччы быстах кэмҥэ дуоһунаһыттан туоратылынна уонна хамнас алын кээмэйинэн ыйдааҕы судаарыстыбаннай төлөбүр ананна»,  — диэн Өрөспүүбүлүкэ сууттарын холбоһуктаах пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Уураах күүһүгэр киирэ илик.

Бу иннинэ Саха сиринээҕи силиэстийэлиир кэмитиэтин управлениетын көрдөһүүтүнэн буруйдааҕы көҥүлүн быһарга быһаарыы ылынары Нерюнгри куоратын суута ылымматаҕа.

+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -34°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 75% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: