Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА
Нерюнгри оройуонугар Чульмаҥҥа тепловой электростанция (ТЭЦ) туһатыттан ааспытынан сибээстээн, бөһүөлэккэ 87,5 МВт кыамталаах сэттэ гаас хочуолунайын тутар былааннаахтар.
Бу туһунан ОДьКХ уонна энергетиката миниистирэ Вячеслав Емельянов социальнай ситимнэринэн быһа эпииргэ иһитиннэрдэ.
ТЭЦ билигин Нерюнгри оройуонун Чульманыгар соҕотох ититиинэн хааччыйар. «РусГидро» састаабыгар киирэр Уһук Илиҥҥи генеральнай хампаанньа үлэтин тохтотор туһунан иһитиннэрбитэ. Энергетика министиэристибэтин бирикээһинэн турбиналар араарыллыахтара уонна 2027 сыл бэс ыйыттан ыстаансыйа үлэтин тохтотуо.
Ыстаансыйа уонна ититэр ситим мөлтөх туруктаахтар, ититиини куоттарыыта 40 %-тан тахсарын бэлиэтииллэр. Гаас хочуолунайдарын тутар уонна ситимин саҥардар туһунан быһаарыы бөһүөлэк гаастааһынын учуоттаан ылылынна.
«Чульман олохтоохторо болҕомтото суох хаалыахтара суоҕа. Сылааһынан хааччыйыы биһиги сүрүн тутаах үлэбит», — диэн бэлиэтээтэ Вячеслав Емельянов. Саха сирэ сылааһынан хааччыйыы саҥа ситимин тэрийиигэ тус федеральнай биэдэмистибэлэри кытта үлэлэһэр. Балаһыанньа Ил Дархан хонтуруолугар сылдьар.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин судаарыстыбаннай тыл бэлиитикэтин сүрүннэрин бигэргэтэр туһунан ыйаахха илии баттаата. Бу ыйаах…
"Манчаары оонньууларынан" бүгүн "Дьулуруйар Ньургун Боотур" стадиоҥҥа саха дэгит күрэһигэр: төрүт оҕунан ытыыга, сүүрүүгэ, хапсаҕайга…
Саха сирин 18 куоратыгар уонна улууһугар буруйу оҥоруу үрдээһинэ бэлиэтэннэ. 2025 сыл бастакы аҥаарыгар Саха…
Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи сайын да, кыһын да суолга түҥнэри көтүү тахса турар. Саха сирин…
Таатта улууһун Боробул сэлиэнньэтин 31 саастаах олохтооҕо икки буруйу оҥорбутунан ааҕыллар. Эр киһи Дьохсоҕон нэһилиэгин…
Үс сыллааҕыта байыаннай дьайыы саҕаламмыта, ол кэннэ тута быстах мобилизация буолбута. Хомуур, бэлэмнэниилэр, уот айаҕар…