Чульмаҥҥа спорткомплекс арылынна (фоторепортаж)
Бүгүн Чульмаҥҥа «Газпром – оҕолорго» диэн бырагыраамма чэрчитинэн хоккейдыыр катоктаах саҥа спортивнай комплекс тутуллан үлэҕэ киирдэ.
Үөрүүлээх быһыыга-майгыга комплекс арыллыытыгар кыттыыны ылбыт Ил Дархан Айсен Николаев успуорт инвентарын атыылаһарга сэртипикээти уонна судаарыстыбаннай наҕараадалары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
«Саҥа успуорт комплекстара арыллыылара нэһилиэнньэлээх пууннар сайдыыларыгар төһүү буолар. Нерюнгри оройуонугар аһыллыбыт саҥа успуорт комплекса хоккей, фигурнай хаҥкылааһын, шорт-трек курдук успуорт көрүҥнэринэн дьарыктанар оҕолору успуорт үрдүк таһымыгар таһаарыа. Оҕолор үрдүкү маастарыстыбаны ситиһэллэригэр, элбэх наҕараадаҕа тиксэллэригэр баҕарабын», — диэтэ кини.
Нерюнгри оройуонун баһылыга Роман Щегельняк бу комплекска үлэҕэ үрдүк таһымнаах исписэлиистэри талыыга успуорт министиэристибэтин уонна үөрэх тэрилтэлэрин кытта үлэлэһиэхпит диэн иһитиннэрдэ.
Бэлиэтээн эттэххэ, Чульман олохтоохторун икки ардыгар успуорт комплексы хайдах ааттыырга куонкурус биллэриллибит. Куонкурус түмүгүнэн, успуорт комплексын «Антрацит” диэн үрдүк суортаах чох аатын талан, успуорт уораҕайыгар иҥэрбиттэр.
Бу иннинэ маныаха майгынныыр хаҥкылыыр катоктаах успуорт дьиэтэ Алдаҥҥа аһыллыбыта. «Газпром- оҕолорго» бырагыраамманан бассейнаах, хаҥкылыыр катоктаах успуорт комплекс сотору кэминэн Мархаҕа үлэҕэ киириэхтээх.
Андрей Сорокин (СИА) фоторепортаһа
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: