Чульмаҥҥа тахсыбыт быһылаанынан Александр Бастрыкин иккиһин дакылаат көрдөөтө

Чульмаҥҥа тахсыбыт быһылаанынан Александр Бастрыкин иккиһин дакылаат көрдөөтө

Ааптар:
07.12.2024, 18:30
Ульяна Захарова хаартыскаҕа түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Арассыыйатааҕы Силиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Бастрыкин Чульмаҥҥа оҕоҕо бэйдиэ сылдьар ыттар саба түспүттэринэн холуобунай дьыалаҕа иккис төгүлүн дакылаат ирдээтэ.

А.И. Бастрыкин «ВКонтакте» аккаунугар олохтоохтор Чульман бөһүөлэгэр бэйдиэ сылдьар ыттары тутууну тэрийиигэ миэрэ ылыллыбатаҕын туһунан иһитиннэрбиттэр. Быйыл алтынньыга бэйдиэ сылдьар ыттар саба түһүүлэрин түмүгүнэн 12 саастаах кыыс оҕо өлбүтүн үрдүнэн, күн бүгүнүгэр диэри нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 200-тэн тахса көрүүтэ-истиитэ суох ыт сылдьарын туһунан суруйбуттар.  Бу кыыллар олохтоох дьоҥҥо салгыы саба түһүүлэрэ салҕанар. Эмсэҕэлээбит дьон үгүс элбэхтэ тыллаабыттар уонна куттала суох буолууларын иһин долгуйаллар. Бу түбэлтэ СМИ-нэн эрдэ сырдатыллыбыта.

Саха сиринээҕи Силэстийэлиир кэмиэтигэр А.И. Бастрыкин дакылаат бэлэмнииргэ сорудаҕынан холуобунай дьыала көбүтүллэн ыыттылар. Арассыыйатааҕы Силиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Бастрыкин Саха сирин СК салайааччытыттан Виталий  Кондратенкоттан холуобунай дьыалаҕа ыытыллыбыт тэрээһиннэр туһунан иккиһин дакылаат көрдөөтө. Сорудаҕы толорууну биэдэмистибэ киин аппараатыгар хонтуруолга туруорулунна. Бу туһунан ВКонтакте социальнай ситиминэн Александр Бастрыкин приемнайын бөлөҕө суруйар.

+1
8
+1
0
+1
0
+1
2
+1
2
+1
0
+1
2
Бары сонуннар
Салгыы
11 декабря
  • -42°C
  • Ощущается: -42°Влажность: 73% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: