Арассыыйатааҕы Силиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Бастрыкин Чульмаҥҥа оҕоҕо бэйдиэ сылдьар ыттар саба түспүттэринэн холуобунай дьыалаҕа иккис төгүлүн дакылаат ирдээтэ.
А.И. Бастрыкин «ВКонтакте» аккаунугар олохтоохтор Чульман бөһүөлэгэр бэйдиэ сылдьар ыттары тутууну тэрийиигэ миэрэ ылыллыбатаҕын туһунан иһитиннэрбиттэр. Быйыл алтынньыга бэйдиэ сылдьар ыттар саба түһүүлэрин түмүгүнэн 12 саастаах кыыс оҕо өлбүтүн үрдүнэн, күн бүгүнүгэр диэри нэһилиэнньэлээх пууҥҥа 200-тэн тахса көрүүтэ-истиитэ суох ыт сылдьарын туһунан суруйбуттар. Бу кыыллар олохтоох дьоҥҥо салгыы саба түһүүлэрэ салҕанар. Эмсэҕэлээбит дьон үгүс элбэхтэ тыллаабыттар уонна куттала суох буолууларын иһин долгуйаллар. Бу түбэлтэ СМИ-нэн эрдэ сырдатыллыбыта.
Саха сиринээҕи Силэстийэлиир кэмиэтигэр А.И. Бастрыкин дакылаат бэлэмнииргэ сорудаҕынан холуобунай дьыала көбүтүллэн ыыттылар. Арассыыйатааҕы Силиэстийэлиир кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Бастрыкин Саха сирин СК салайааччытыттан Виталий Кондратенкоттан холуобунай дьыалаҕа ыытыллыбыт тэрээһиннэр туһунан иккиһин дакылаат көрдөөтө. Сорудаҕы толорууну биэдэмистибэ киин аппараатыгар хонтуруолга туруорулунна. Бу туһунан ВКонтакте социальнай ситиминэн Александр Бастрыкин приемнайын бөлөҕө суруйар.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…