Чулуу спортсмен Роман Дмитриев туһунан киинэни салҕыы Чурапчыга устуохтара
Ил Дархан Айсен Николаев аатырбыт тустуук Роман Михайлович Дмитриев аатын үйэтитэр дьаһалынан, кини туһунан киинэни устуу сотору кэминэн Чурапчы улууһугар салгыы ыытыллыаҕа диэн Чурапчы улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бэҕэһээ ону бэлэмниир, тэрийэр боппуруоска сүбэ мунньахха Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев, киинэ режиссера Никита Аржаков, киинэ дириэктэрэ Степан Москвитин уонна да атыттар тэрээһин боппуруостары дьүүллэстилэр. Роман Дмитриев туһунан уус-уран киинэни устуу Улуу спортсмен төрөөбүт дойдутуттан – Бэстээхтэн саҕаламмыта, аны билигин успуорт чыпчаалыгар уһуйбут саха уһулуччулаах тириэньэрэ Д.П. Коркиҥҥа дьарыктаммыт сиригэр-уотугар, Чурапчыга, салгыы уһулуохтаахтар.
Сүбэ мунньах кыттыылаахтара Сахатын сирин аар-саарга аатырдыбыт чулуу спортсмен Роман Дмитриев олоҕун, үлэтин, олоххо көрүүтүн, успуорка ситиһиитин, дьулуурун, тулуурун, күүстээх санаатын, муударай өйүн киэҥ эйгэҕэ, кэнэҕэски ыччакка тиэрдии, холобур оҥоруу – бу киинэ сүрүн сыала-соруга диэн бэлиэтээтилэр.
Киинэ СӨ Бырабыыталыстыбатын тус сакааһынан сыл устата уһуллара, таҥыллара былааннанар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: