Чулуу ыанньыксыт этэ
Үлэ сылынан үлэһит үтүөтэ, майгылаах мааныта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Иван Михайлович Дмитриев туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.
Хомойуох иһин, кини бу Орто дойдуттан туораабыта икки сыл буолла. Уйбааммыныын дьүөгэбэр Аанчыкка кэлэ сылдьан билсибитим. Сүрэхпитинэн сөбүлэһэн, харахпытынан хайҕаһан ыал буолбуппут. 1976 с. уол оҕоломмуппут, онтон 1977 с. кыыстаммыппыт. Эбээтин кэриэстээн Аннушка диэн ааттаабыппыт. Уйбаан ийэтин тылын ылынан салайар каадырдары бэлэмниир тиэхиньикумҥа үөрэнэ киирбитэ. Онтон райком бюротун уурааҕынан Өспөххө биригэдьиир-зоотехнигынан барбыта. Икки сыл үлэлээн баран, сопхуос дириэксийэтигэр туруорсан, ыанньыксыттыы тахсыбыта. 18 туҥуй бургунаһы туппута. Иккис сылыгар 3300 киилэ үүтү туҥуйдарыттан ылбыта. Ол саҕана оскуоланы бүтэрбит оҕолор путевканан тахсан үлэлээбиттэрэ. Оҕолор эбии аһылыгы күүскэ туттан, бэйэ-бэйэлэрин кытта куоталаһан күүскэ үлэлээбиттэрин түмүгэр отделение үрдүнэн 2000-лаах кирбиини аһара түспүттэрэ. Уйбаан салайар “Саһарҕа” ыччат-комсомольскай кэлэктиибэ хас биирдии фуражнай ынахтан 2400 киилэ үүтү ыан, өрөспүүбүлүкэҕэ комсомольскай кэлэктииптэр куоталаһыыларыгар үһүс миэстэҕэ тиксибитэ. Кэлэктиип бастыҥ ыанньыксыттара Валентина Назарова Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин, Александра Алексеева оройуон сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыттара. Туйаара Сивцева Германияҕа баран күүлэйдээн кэлбитэ. Култуура үлэһитэ Октябрина Назарова аҕатыныын ыҥырыы таһааран ыанньыксыттыы тахсыбыта. Октябрина Семеновна “Пятилетка эдэр гвардееһа”, ”Үлэ ударнига” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.
“САҺАРҔАНЫ” САЛАЙБЫТА
Өспөххө Иннокентий Егорович Сивцев дириэктэринэн анаммыта. Уйбаан хотонугар үлэлии сырыттаҕына киирэн сүөһүлэрин көрөн сөхпүт. “Дириэктэрим үрдүк сыанабылы биэрбитэ күүспэр күүс эбэн, саҥа кирбиилэри ыларбар олук буолбута”, – диэн ахтара. 1981 с. хас биирдии туҥуй бургунаһыттан 2766 киилэ үүтү ыан өспөхтөрү сөхтөрбүтэ. Бу көрдөрүүтүнэн сопхуоска ыытыллар социалистическай куоталаһыыга кыайыылааҕынан тахсыбыта. Өспөххө кини үлэтин утумнааччылар элбээбиттэрэ. “Саһарҕа” кэлэктиибэ сылтан сыл көрдөрүүлэрин тупсаран испитэ. Ол курдук, пиэрмэ үрдүнэн биир ынахтан 1790 киилэ, 1982 с. – 1968 киилэ, 1983 с. – 1935 киилэ, 1985 с. 2254 киилэни ыабыттара. Кини салайбыт “Саһарҕа” кэлэктиибэ үһүс миэстэҕэ тиксэн, олохтоохтору үөрдүбүтэ. Бэйэтэ 3000 кирбиини аһары түспүтэ.
1983 с. Саха АССР сопхуостарын сүрүн идэлээх өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмитиэтин бочуотунай дьупулуомунан, харчынан бириэмийэлэммитэ. Уйбаан ханна да үлэлээтэр, үлэтэ тахсыылаах, түмүктэрдээх буолара. Ол барыта кыра сааһыттан бэриллибитэ. Ийэтэ 1941-1946 сс. диэри “Кыһыл кэккэ” холкуоска бэрэссэдээтэллээбит, элбэх киһини хоргуйууттан быыһаабыт. Кинини ол иһин “Бэрэссэдээтэл Аана” диэн ытыктаан ааттыыллара. Дмитрий Семенович Андросов-Сэһэн “Үтүөлэрэ умнуллубат” кинигэтигэр үйэтиппитигэр махталбыт улахан. Биир кылаас үөрэҕэ суох киһини бэрэссэдээтэллэр куурустарыгар Бахсы таҥаратын дьиэтигэр биир ый үөрэппиттэр, онтон аатын, араспаанньатын буукубанан баттыырга үөрэммит. Тулаайах хаалбыт икки кыыһы ииппит, ол кыргыттарыныын ыанньыксыттаабыттар. Аҕабыт мин ыалдьарбынан туруорсан, 1985 с. дойдубутугар көһөн кэлбиппит. Оччолорго уолбут – үһүс, кыыспыт иккис кылааска үөрэнэ киирбиттэрэ. Биһигини Күөл Эбэттэн төрүттээх Уйбаан ытыктыыр кырдьаҕаһа Николай Ефимович Дегтярев көрсүбүтэ. “Дьоҥҥут дьиэтэ эргэрдэ, үлэлиир-хамсыыр эрдэххинэ дьиэтэ туттарыаҥ этэ, управляющай Иннокентий Васильевич өйүөҕэ, бара сырыт, мин маһын булуом”, – диэбитэ. Николай Ефимович, Иннокентий Васильевич үтүөлэринэн сыл иһигэр дьиэлэммиппит, ол иһин кинилэргэ муҥура суох махтанабыт.
БАЧЫЫМ КӨТӨХПҮТЭ
Кэргэним көһөн кэлээт, ымыы оҥосто сылдьыбыт баҕа санаатын Иннокентий Васильеивичка тоҕо тэбээбитэ. Илииттэн илиигэ сылдьар үүттээх ынахтар оҕолорун сүүмэрдээн биир сиргэ кииннээн иитэн, тиҥэһэлэригэр тиийиилэригэр “хонтуруолунай тиэргэн” тэрийбит киһи диэн бачыым көтөхпүтэ. Иннокентий Васильевич тута сопхуос дириэктэригэр эппитэ. Управляющай биригэдьиир Николай Николаевич Сивцевы, Уйбааны илдьэ Суоттулаабыттара. Дириэктэр Степан Гаврильевичтан өйөбүл ылан, бачыым көтөҕүллүбүт сириттэн – Бэйдиҥэ отделениетыттан саҕалыахха диэн санааттан. Степан Гаврильевич хайа салааны сайыннаран ону барыстаах оҥоруохха сөбүн соҕотоҕун быһаарбат этэ. Уопсай дьүүлгэ таһааран, үлэһит дьон этиитигэр олоҕуран былаанныыра. “Производство маяга”, “Лена” сопхуос чулуу ыанньыксыта Иван Михайлович көтөхпүт бачыымын салалта биһирээн, олоххо киллэрэргэ бастакы олуктары уурбута. “Хонтуруолунай тиэргэн” тэриллиэҕиттэн өйүн-санаатын бастыҥ ыанньыксыттар үлэлэригэр тирэҕирэн ылыммыт үлэтин чиэстээхтик толорбута. Хас биирдии туҥуй бургунастартан 5024 киилэ үүтү ыабыта. Ити уһулуччу үрдүк көрдөрүүтүнэн 1990 с. дойду үрдүк наҕараадатын – “Ленин” уордьанын ылбыта. Уйбаан өрүү этэр этэ: “Мин салайааччыларбар махтанабын, кинилэр өйөбүллэрэ суох мин ситиһиим суох буолуо этэ.
Дириэктэрдэр дириэктэрдэрэ дэммит Степан Гаврильевич Охлопков, РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ управляющайым Иннокентий Васильевич Иванов, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ баһылык Николай Николаевич Сивцев өйөбүллэрэ хаһан да умнуллубат, кинилэргэ махталым муҥура суох”.
Уйбаан уоллаах кыыс оҕолонон, сэттэ сиэннэнэн, дьиэ туттаран, мас олордон, уоллаах кыыһын, икки улахан сиэнин үрдүк үөрэхтээн, Орто дойдуга кэлбит аналын толорон барда. Кэргэмминиин 47 сыл бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорбуппут.
Кини хаһан да дьону кэннигэр саҥарбат, бэрт былдьаспат, ордугурҕаабат этэ. Хас биирдии киһи кыра да ситиһиититтэн үөрэрэ, хомолтолорун тэҥҥэ үллэстэрэ, кыһалҕалаахха кыаҕынан көмөлөһө сатыыра. Уолбут өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх тириэньэрэ, физкултуура, үөрэҕирии туйгуна, Уус Алдан, Өлтөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо буолла. Кыыспыт саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан коррекционнай оскуолаҕа үлэлээбитэ 20-чэ сыл буолла. Сэттэ сиэммититтэн иккитэ үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ, биир кыыс художественнай училищеҕа үөрэнэр.
Тамара Дмитриева
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: