Чулуу ыанньыксыт этэ

Share

Үлэ сылынан үлэһит үтүөтэ, майгылаах мааныта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Иван Михайлович Дмитриев туһунан кэпсиэхпин баҕарабын.

Хомойуох иһин, кини бу Орто дойдуттан туораабыта икки сыл буолла. Уйбааммыныын дьүөгэбэр Аанчыкка кэлэ сылдьан билсибитим. Сүрэхпитинэн сөбүлэһэн, харахпытынан хайҕаһан ыал буолбуппут. 1976 с. уол оҕоломмуппут, онтон 1977 с. кыыстаммыппыт. Эбээтин кэриэстээн Аннушка диэн ааттаабыппыт. Уйбаан ийэтин тылын ылынан сала­йар каадырдары бэлэмниир тиэхиньикумҥа үөрэнэ киирбитэ. Онтон райком бюротун уурааҕынан Өспөххө биригэ­дьиир-зоотехнигынан барбыта. Икки сыл үлэлээн баран, сопхуос дириэксийэтигэр туруорсан, ыанньыксыттыы тахсыбыта. 18 туҥуй бургунаһы туппута. Иккис сылыгар 3300 киилэ үүтү туҥуйдарыттан ылбыта. Ол саҕана оскуоланы бүтэрбит оҕолор путевканан тахсан үлэлээбиттэрэ. Оҕолор эбии аһылыгы күүскэ туттан, бэ­­йэ-бэйэлэрин кытта куоталаһан күүскэ үлэлээбиттэрин түмүгэр отделение үрдүнэн 2000-лаах кирбиини аһара түспүттэрэ. Уйбаан салайар “Саһарҕа” ыччат-комсомольскай кэлэктиибэ хас биирдии фуражнай ынахтан 2400 киилэ үүтү ыан, өрөспүүбүлүкэҕэ комсомольскай кэлэктииптэр куоталаһыыларыгар үһүс миэс­тэҕэ тиксибитэ. Кэлэктиип бастыҥ ыанньыксыттара Валентина Назарова Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин, Александра Алексеева оройуон сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыттара. Туйаара Сивцева Германияҕа баран күүлэйдээн кэлбитэ. Култуура үлэһитэ Октябрина Назарова аҕатыныын ыҥырыы таһааран ыанньыксыттыы тахсыбыта. Октябрина Семеновна “Пятилетка эдэр гвардееһа”, ”Үлэ ударнига” бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.

“САҺАРҔАНЫ” САЛАЙБЫТА

Өспөххө Иннокентий Егорович Сивцев дириэктэринэн анаммыта. Уйбаан хотонугар үлэлии сырыттаҕына киирэн сүөһүлэрин көрөн сөхпүт. “Дириэктэрим үрдүк сыанабылы биэрбитэ күүспэр күүс эбэн, саҥа кирбиилэри ыларбар олук буолбута”, – диэн ахтара. 1981 с. хас биирдии туҥуй бургунаһыттан 2766 киилэ үүтү ыан өспөхтөрү сөхтөрбүтэ. Бу көрдөрүүтүнэн сопхуоска ыытыллар социа­листическай куоталаһыыга кыайыылааҕынан тахсыбыта. Өспөххө кини үлэтин утумнааччылар элбээбиттэрэ. “Саһарҕа” кэлэктиибэ сылтан сыл көрдөрүүлэрин тупсаран испитэ. Ол курдук, пиэрмэ үрдүнэн биир ынахтан 1790 киилэ, 1982 с. – 1968 киилэ, 1983 с. – 1935 киилэ, 1985 с. 2254 киилэни ыабыттара. Кини салайбыт “Саһарҕа” кэлэктии­бэ үһүс миэстэҕэ тиксэн, олох­тоохтору үөрдүбүтэ. Бэйэтэ 3000 кирбиини аһары түспүтэ.

1983 с. Саха АССР сопхуостарын сүрүн идэлээх өрөспүүбүлүкэтээҕи кэми­тиэтин бочуотунай дьупулуо­мунан, харчынан бириэми­йэлэммитэ. Уйбаан ханна да үлэлээтэр, үлэтэ тахсыылаах, түмүктэрдээх буолара. Ол барыта кыра сааһыттан бэриллибитэ. Ийэтэ 1941-1946 сс. диэри “Кыһыл кэккэ” холкуоска бэ­­рэссэдээтэллээбит, элбэх киһини хоргуйууттан быыһаабыт. Кинини ол иһин “Бэрэссэдээтэл Аана” диэн ытыктаан ааттыыллара. Дмитрий Семенович Андросов-Сэһэн “Үтүөлэрэ умнуллубат” кинигэтигэр үйэтиппитигэр махталбыт улахан. Биир кылаас үөрэҕэ суох киһини бэрэссэдээтэллэр куурустарыгар Бахсы таҥаратын дьиэ­тигэр биир ый үөрэппиттэр, онтон аатын, араспаанньатын буукубанан баттыырга үөрэммит. Тулаайах хаалбыт икки кыыһы ииппит, ол кыргыттарыныын ыанньыксыттаабыттар. Аҕабыт мин ыалдьарбынан туруорсан, 1985 с. дойдубутугар көһөн кэлбиппит. Оччолорго уолбут – үһүс, кыыспыт иккис кылааска үөрэнэ киирбиттэрэ. Биһигини Күөл Эбэттэн төрүттээх Уйбаан ытыктыыр кырдьаҕаһа Николай Ефимович Дегтярев көрсүбүтэ. “Дьоҥҥут дьиэтэ эргэрдэ, үлэлиир-хамсыыр эрдэххинэ дьиэ­тэ туттарыаҥ этэ, управляющай Иннокентий Васильевич өйүөҕэ, бара сырыт, мин маһын булуом”, – диэбитэ. Николай Ефимович, Иннокентий Васильевич үтүөлэринэн сыл иһигэр дьиэлэммиппит, ол иһин кинилэргэ муҥура суох махтанабыт.

БАЧЫЫМ КӨТӨХПҮТЭ

Кэргэним көһөн кэлээт, ымыы оҥосто сылдьыбыт баҕа санаатын Иннокентий Васильеивичка тоҕо тэбээбитэ. Илииттэн илиигэ сылдьар үүттээх ынахтар оҕолорун сүүмэр­дээн биир сиргэ кииннээн иитэн, тиҥэһэлэригэр тиийиилэригэр “хонтуруолунай тиэргэн” тэрийбит киһи диэн бачыым көтөхпүтэ. Иннокентий Васильевич тута сопхуос дириэктэригэр эппитэ. Управляющай биригэдьиир Николай Николаевич Сивцевы, Уйбааны илдьэ Суоттулаабыттара. Дириэктэр Степан Гаврильевичтан өйөбүл ылан, бачыым көтөҕүллүбүт сириттэн – Бэйдиҥэ отделениетыттан саҕалыахха диэн санааттан. Степан Гаврильевич хайа салааны сайыннаран ону барыс­таах оҥоруохха сөбүн соҕотоҕун быһаарбат этэ. Уопсай дьүүлгэ таһааран, үлэһит дьон этиитигэр олоҕуран былаанныыра. “Производство маяга”, “Лена” сопхуос чулуу ыанньыксыта Иван Михайлович көтөхпүт бачыымын салалта биһирээн, олоххо киллэрэргэ бастакы олуктары уурбута. “Хонтуруолунай тиэргэн” тэриллиэҕиттэн өйүн-санаатын бастыҥ ыанньыксыттар үлэлэригэр тирэҕирэн ылыммыт үлэтин чиэстээхтик толорбута. Хас биирдии туҥуй бургунастартан 5024 киилэ үүтү ыабыта. Ити уһулуччу үрдүк көрдөрүүтүнэн 1990 с. дойду үрдүк наҕараадатын – “Ленин” уордьанын ылбыта. Уйбаан өрүү этэр этэ: “Мин салайааччыларбар махтанабын, кинилэр өйөбүллэрэ суох мин ситиһиим суох буолуо этэ.

Дириэктэрдэр дириэктэрдэрэ дэммит Степан Гаврильевич Охлопков, РСФСР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ управляющайым Иннокентий Васильевич Иванов, өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаа­йыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ баһылык Николай Николаевич Сивцев өйөбүллэрэ хаһан да умнуллубат, кинилэргэ махталым муҥура суох”.
Уйбаан уоллаах кыыс оҕолонон, сэттэ сиэннэнэн, дьиэ туттаран, мас олордон, уоллаах кыыһын, икки улахан сиэнин үрдүк үөрэхтээн, Орто дойдуга кэлбит аналын толорон барда. Кэргэмминиин 47 сыл бииргэ эйэ-дэмнээхтик олорбуппут.

Кини хаһан да дьону кэннигэр саҥарбат, бэрт былдьаспат, ордугурҕаабат этэ. Хас биирдии киһи кыра да ситиһиититтэн үөрэрэ, хомолтолорун тэҥҥэ үллэстэрэ, кыһалҕалаахха кыаҕынан көмөлөһө сатыыра. Уолбут өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх тириэньэрэ, физкултуура, үөрэҕирии туйгуна, Уус Алдан, Өлтөх нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо буолла. Кыыспыт саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан коррекционнай оскуолаҕа үлэлээбитэ 20-чэ сыл буолла. Сэттэ сиэммититтэн иккитэ үрдүк үөрэҕи бүтэрбитэ, биир кыыс художественнай училищеҕа үөрэнэр.

Тамара Дмитриева

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

37 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

1 час ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Степан Аржаков туһунан дойдубут тэбэр сүрэҕэр…

Быйыл Саха сирин үрдүнэн биллиилээх судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээтибит.…

2 часа ago