Салгыы
«Чума» киинэ: Ааҕааччы санаата

«Чума» киинэ: Ааҕааччы санаата

18.09.2024, 20:07
Хаартыска: Кинопоиск.
Бөлөххө киир:

Балаҕан ыйын 19 күнүттэн режиссер Дмитрий Давыдов «Чума» киинэтэ киэҥ экраҥҥа тахсар. Билиэт атыыга баран эрэр, дьон интэриэһиргиир эбит диэн киинэни оҥорбут дьон этэллэр.

Хаартыска: Кинопоиск.

«Чума» киинэ экраҥҥа көстүөн иннинэ, аан дойду, Арассыыйа улахан наҕараадаларын ылбыта: Висбадеҥҥа ФИПРЕССИ бирииһин, Геленджиккэ «Маяк» киинэ бэстибээлигэр бастыҥ режиссер үлэтин иһин бирииһи. «Маяк» бэстибээл кэнниттэн, киин бэчээккэ бу киинэ туһунан ыстатыйалар таҕыстылар, онно «стильное, артхаусное, стерильное, совершенно европейское черно-белое», «международного уровня», «эстетически выверенное, вылизанное» диэн кириитиктэр сыана быстылар. Ол эрээри, сүрүн кириитик — саха көрөөччүтэ бу киинэни ылыныа дуо?

Чиэһинэйдик эттэхпинэ, олох күлүк өттүн хасыһан, була сатыы-сатыы, наар аанньа куһаҕаны, кыһалҕаны эрэ көрдөөн булан, ону тарбыы-тарбыы көрдөрөллөрүн сөбүлээбэппин. Ол эрээри, олох үтүө да, мөкү да өрүттээҕэ биллэн турар баар суол буоллаҕа. Баар кыһалҕаны таарыйан, толкуйдатар буоллахтарына, режиссер сыалын сиппит диэн буолар.

Дмитрий Давыдов «Пугало» киинэтин көрөн баран, Станиславскайдыы эттэхпинэ, «итэҕэйбэтэҕим». Арыгыһыт дьахталларга сэнэбиллээх сыһыан баара буолуо эрээри, иччини, үөрү итэҕэйэр сахалар аньыырҕаан да, куттанан да, айылҕалаах  дьахтары итинник атаҕастыа суох этилэр дии санаабытым. Киинэ кэнниттэн олох хараҥанан бүрүллэн, сырдык кылайар эрэлэ суох түмүктэммитин курдук, хараҥаҕа мунан дьиэлээбитим. Ол иһин «Чума» киинэҕэ, ыҥырбыттарын аанньа, эмиэ сэрэх санаалаах кэлбитим. Ол да буоллар, бэйэм санаабын суруйуум.

Дьэ, харааран-боруоран түһэн, киинэ! Режиссер соруйан өҥнөөх каадырдартан аккаастаммыт, айылҕа кэрэтэ, чаҕылхай өҥнөрө киинэ сүрүн санаатыттан, дьон сыһыаныттан аралдьыппатыннар диэн. Хап-хара харандааһынан уруһуйдаммыт хартыына курдук. Чахчыта, ол да иһин киинэҕэ дьон сыһыана — аҕалар уонна оҕолор сыһыаннара сүрүн сурааһынынан тардыллан, аралдьыппакка, болҕомтону бүтүннүү баһылыыр. Үрүҥ-хара өҥнөр — олоххо үрүҥ-хара охсуһуутун, тэҥҥэ эллэһиитин санаталлар…

…Арай хараҥаны кыайар,

Кыйдыыр күүс баарыгар эрэл,

Үрүҥ-хара хайаан да тэҥҥэ эллэһэр

Ыйаахтарыгар итэҕэл… эһэр

Саарбах санаалары, кыйдыыр

Хаарбах харгыстары…

—диэн хаһан эрэ хоһоон суруйан турардаахпын.

«Үтүө санааны мөлтөх өрүт курдук ылыныма» диэн санаа киинэни ситимниир. Көнө, сытыары-сымнаҕас, үтүө санаалаах киһини мөлтөх, бэйэтин иннин көмүскэммэт киһи курдук көрөллөрө баар суол. Көнө киһи кыраҕа кыһаммат курдук, элбэҕи тулуйар, ол эрээри, этэргэ дылы, үтэһэ туоллаҕына, биирдэ дэлби барыан сөп. Киһи ону билэр буолан, киинэ былаһын тухары дьиксинэ кэтэһэр — бу киһибит кэлин туох-туох буолан турар, хайдах-хайдах дьүһүлэнэр? Киһи буолабыт дуу, кии буолабыт дуу?

…Уо, хаһан килбэйэр бии буолан,

Тыҥ хатар? Киһи дуу, кии дуу

Буолар биллибэт…

Хаартыска: Кинопоиск.

Киинэҕэ элбэх хатыланар бэлиэлэр бааллар: иһиирии, дьүкээбил, туораттан хаһыылар, тыы… Бэл, Биибилийэҕэ баар бэлиэлэри туһаммыт. Режиссер бу бэлиэлэр нөҥүө атын, түгэх суолтаны таайтаран этэр.

«Чума» киинэ — уйулҕа оонньуутун, дьон сыһыанын көрдөрөр психологическай драма. Уопсастыба элбэх кыһалҕата таарыллар: арыгылааһын, арахсыы, эр киһи-дьахтар өйдөспөт буолуулара, үлэтэ суох хаалыы, оҕону кытта истиҥник кэпсэппэт буолуу, көлүөнэлэр тэйсиилэрэ, бэйэ-бэйэҕэ хаҕыс сыһыан, күүһүнэн өттөйүү, уо.д.а. Үчүгэй режиссер хас биирдии каадырынан тугу эрэ этэ, тиэрдэ сатыыр. Бу баар буоллаҕа — дьон болҕомтотун тардыы, толкуйдатыы.

Хаартыска: Кинопоиск.

Төһө да хараҥа каадырдар буоллаллар, киинэ кэнниттэн санаам түспэккэ, баттаммакка, элбэҕи толкуйдуу, өйдүү сатыы, саалаттан таҕыстым. Баҕар, ол киинэ түмүгүттэн буолуо. Урутаан эттэххэ, хата, өлөрсүбэтилэр… Режиссер, баҕар, этэргэ дылы, «хааны-сиини баҕаран», төһө баҕарар «өлөртөөн» кэбиһиэн сөп этэ. Оччотугар эмиэ бүтэй хараҥа, эрэлэ суох түмүк буолуо этэ. Оттон манна «хараҥаҕа тыкпыт сырдык» баар — им-балай быыһыгар дьүкээбил суһумнуур, эрэл кыыма буолан, ыраахха ыҥырар, дууһаны угуттуур.

Олоххо тардыһыы, сырдыкка эрэнии, бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыан баар эрэ буолан, төһөлөөх да ыарахан түгэннэргэ киһи-аймах тыыннаах ордон кэллэҕэ, удьуорун ууһаттаҕа. Бу улаатан эрэр уолаттар олохторо — иннилэригэр, хайдах суолу талаллара — бэйэлэрин илиилэригэр. Кинилэр кэскиллэрин сарбыйбакка, дууһаларыгар оспот дириҥ бааһы хаалларбакка, киинэ маннык түмүктэммитэ — эрэл баарын, үтүө санаа өрөгөйдүүрүн, саха норуота кэскиллээҕин туоһулуурга дылы… 

+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
7 октября
  • -0°C
  • Ощущается: -2°Влажность: 100% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: