Чурапчы Арыылааҕар игирэ ньирэйдэр төрөөтүлэр
Быйыл өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар хайа да дьыллааҕар элбэх игирэ ньирэй төрөөтө.
Соторутааҕыта Уус Алдан улууһугар Тулунаҕа Семен Кривошапкин хаһаайыстыбатыгар үс игирэ тыһы ньирэй төрөөбүтүн туһунан сырдаппыппыт. Бу сарсыарда, аны, Чурапчы Арыылааҕын олохтооҕо Лена Игнатьева «икки игирэ ньирэйдэнним. Тыһылар!» диэн биир дойдулаахтарын кытта үөрүүтүн үллэһиннэ.
Хаһаайыстыбатын хаҥаппыт ынаҕын туһунан Лена Игнатьева маннык кэпсээтэ:
— Билигин «ИП-бар» уонтан тахса ынахтаахпын. Аҥара төрөөтө, өссө кэлиэхтэрэ. Кырачааннар 9-с уонна 10-с ньирэйдэр. Ийэлэрэ Күннэйкэ 7 саастаах эдэр ынах, номнуо түөртэ төрөөтө. Ынах 18-20 сааһыгар диэри үчүгэйдик көрдөххө 15-16-та төрүүр.
Лена Игнатьевалыын быраата Алеша Сокольников туһунан суруйаары билсибитим. Дойду бэрэсидьиэнин «Быһа эпииригэр» ынах атыылаһарга көмөлөһөргө көрдөспүт Арыылаах үөрэнээччитэ Алеша уолу өйдүүргүт буолуо.
— Уолум билигин 9-с кылааска үөрэнэр. Мындаҕаайыттан кэлбит бэрэсидьиэммит ынаҕа 7 сааһа. Икки ньирэйи бэлэхтээбитэ. Оҕустар. Аны быйыл үсүһүн төрүөхтээх. Алешам сүрүн көмөлөһөөччүм. Этэҥҥэ буоллахха, хаһаайыстыбабыт сыыйа кэҥэн иһиэ этэ буоллаҕа, — диэн санаатын үллэстэр игирэ ньирэйдэр хаһаайкалара Лена Игнатьева.
Муус устар — үүнүү-сайдыы, эбиллии ыйа. Барыта бүгүҥҥү сааскы күн курдук этэҥҥэ буоллун!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: