Чурапчы Арыылааҕар игирэ ньирэйдэр төрөөтүлэр

Share

Быйыл өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар  хайа да дьыллааҕар элбэх игирэ ньирэй төрөөтө.

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһугар Тулунаҕа Семен Кривошапкин хаһаайыстыбатыгар үс игирэ тыһы ньирэй төрөөбүтүн туһунан сырдаппыппыт. Бу сарсыарда, аны, Чурапчы Арыылааҕын олохтооҕо Лена Игнатьева «икки игирэ ньирэйдэнним. Тыһылар!» диэн биир дойдулаахтарын кытта үөрүүтүн үллэһиннэ.

Хаһаайыстыбатын хаҥаппыт ынаҕын туһунан Лена Игнатьева маннык кэпсээтэ:

Билигин «ИП-бар» уонтан тахса ынахтаахпын. Аҥара төрөөтө, өссө кэлиэхтэрэ. Кырачааннар 9-с уонна 10-с ньирэйдэр. Ийэлэрэ Күннэйкэ 7 саастаах эдэр ынах, номнуо түөртэ төрөөтө. Ынах 18-20 сааһыгар диэри үчүгэйдик көрдөххө 15-16-та төрүүр.

Лена Игнатьевалыын быраата Алеша Сокольников туһунан суруйаары билсибитим. Дойду бэрэсидьиэнин «Быһа эпииригэр» ынах атыылаһарга көмөлөһөргө көрдөспүт Арыылаах үөрэнээччитэ Алеша уолу өйдүүргүт буолуо.

Уолум билигин 9-с кылааска үөрэнэр. Мындаҕаайыттан кэлбит бэрэсидьиэммит ынаҕа 7 сааһа. Икки ньирэйи бэлэхтээбитэ. Оҕустар. Аны быйыл үсүһүн төрүөхтээх. Алешам сүрүн көмөлөһөөччүм. Этэҥҥэ буоллахха, хаһаайыстыбабыт  сыыйа кэҥэн иһиэ этэ буоллаҕа, — диэн санаатын үллэстэр игирэ ньирэйдэр хаһаайкалара Лена Игнатьева.

Муус устар — үүнүү-сайдыы, эбиллии ыйа. Барыта бүгүҥҥү сааскы күн курдук этэҥҥэ буоллун!

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago