Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри суолу аспаалынан бүрүйүү үлэтэ түмүктэнэн эрэр
Аҕыйах хонугунан Чурапчы улууһугар суолу аспааллааһын үлэтэ түмүктэниэҕэ. Тутааччылар «Халыма» федеральнай суол Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри кэрчигин балаҕан ыйын 30 күнүгэр диэри бүтэриэхтэрэ.
Бу туһунан Чурапчыттан төрүттээх Петр Оконешников маннык иһитиннэрэр: «Бэҕэһээ Чурапчыга баран кэллим. Киһи этэ да барбат – суол тупсубута үчүгэйэ сүрдээх. Чурапчыттан Аллараа Бэстээххэ икки аҥаар чааһынан айаннаан кэллибит. Ити өссө сөбүгэр бытаан айан. Чурапчы-Мэҥэ Хаҥалас кыраныыссатыгар туруоруллубут анал бэлиэ кэрэ көстүүтэ улахан уларыйыылар буолбуттарын туоһулуур, Кыыс Сарыннаах илин өттүгэр көнөҕө тахсары кытта бу дьэргэс гына түһэр.
Суолу тутааччылар өйүүн, балаҕан ыйын 30 күнүгэр, «Халыма» федеральнай суол Аллараа Бэстээхтэн Чурапчыга диэри кэрчигин тутан бүтэрэбит дииллэр. Биһиги, чурапчылар, үөрүүбүт улахан. Ол өйдөнөр бөҕө буоллаҕа дии: бу ааспыт хас эмэ уонунан сылларга куораттыыр суолбутугар төһөлөөх тиэхиньикэ алдьанан-айгыраан, дьоммутун төһөлөөх ороскуокка тэппитэ буолуой – ону ааҕан сиппэккин! Аҕыйах хонугунан саҥа аспаал суол үөрүүлээхтик аһыллыаҕа».
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: