«Чурапчы этэ эбит»
Дьокуускайга «Триумф» таһыгар атыыламмыт, Чурапчы улууһуттан кэлбит эт тула кырата суох мөккүөр буола сыста.
Бу киэһэ эти нэһилиэнньэттэн тутан, бэрт эрэйдээх соҕустук тиэйэн аҕалан, куорат олохтоохторугар атыылааһыны тэрийбит Павел Трофимов «Саха сирэ» саайт ааҕааччыларыгар маннык сонуну иһитиннэрдэ:
— «Триумф» иннигэр кэлии эти атыылаабыттар диэн сымыйа сураҕы тарҕаппыт киһи кимэ билиннэ, көһүннэ. Эдуард диэн киһи эбит, сыыһа гыммыппын диэн билиннэ.
Онтон Эдуард бэйэтэ маннык эппит:
— Сэтинньи 4 күнүгэр Чурапчы этэ буолбатах, атын сиртэн аҕалыллыбыт (привозной) эт диэн тарҕаппытым. Ити эт дьиҥнээхтик Чурапчы этэ эбит. Ону «Триумф» иннигэр атыылаабыт Павел илдьэ сылдьан барытын көрдөрдө. Алы гыныҥ. Ити дьиҥнээх Чурапчы этэ эбит.
Хаартыска П.Трофимов тиксэриитэ
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: