“Чурапчы” кэпэрэтиип ыһыахха бэлэмнэнэр
“Чурапчы” ТХПК хайыы-үйэ ыһыахха бэлэмнэнэн эрэр. Ол курдук, Чурапчы улууһунааҕы уонна нэһилиэктэр ыһыахтара хаһан буолаллара чопчуланан, кэпэрэтиипкэ үтэһэлээх эккэ, быырпахха сайаапкалар киирэн эрэллэр.
— Билигин кэпэрэтииппит 17 нэһилиэккэ баар үүт тутар пууннара аһыллан, үлэлии тураллар. Күн аайы үүт таһар 3 массыына кэрийэн аҕалар. Үүт собуота уонна халбаһыы оҥорор сыах үлэһиттэринэн толору хааччыллыбыттара. Онон оҥорон таһаарыыга туох да харгыс тахсыа суохтаах диэн эрэнэбит, — диэтэ кэпэрэтиип каадырга отделын салайааччыта Мария Лебедева.
Ону тэҥэ кэпэрэтиип бэйэтин маҕаһыыннарыгар ынах арыыта, чөчөгөй, йогурт, быырпах уо.д.а хамаҕатык атыыланар. Онон Николай Петров бэрэссэдээтэллээх кэпэрэтиип сайыҥҥы ыйдарга күүскэ үлэлиир былааннаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: