Бэҕэһээ, алтынньы 3 күнүгэр, Чурапчы улууһун олохтоохторун көҕүлээһиннэрин өйөөһүн (ППМИ) 2025 сыллааҕы бырагырааматыгар кыттыахтаах бырайыактары талыы сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Бу нэһилиэнньэ олоҕор суолталаах мунньахха улуус уонна нэһилиэк дьаһалтатын көҕүлээһиннэринэн мустубут тэрилтэ салайааччылара, биирдиилээн дьон, устудьуоннар, ыччаттар, барыта холбоон 1086 киһи кытынна диэн Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев иһитиннэрдэ.
Сүбэ мунньахха кэлбит дьон Иван Кандинскай аатынан “Айыллаан” култуура киинигэр аныгылыы көстүүлээх масссыына тохтуур сирин, “Мурун Тыымпыйа” ТОС-ка тротуар оҥоһуутун тиһэҕэр тиэрдии, “Куоҕалы” ТОС-ка сайыҥҥы уу ситимин киллэрии, Александр Федотов аатынан успуорт уораҕайыгар хапытаалынай өрөмүөн, “Сатабыл аартыга” диэн талааннаах оҕолору сайыннарыы, бэйэлэрин булуналларыгар сөптөөх эйгэни тэрийии туһунан, нэһилиэнньэттэн киирбит 5 бырайыагы дьүүллэстилэр.
Нэһилиэнньэ олоҕор туһалаах бырагыраамаларга кыттыы боппуруостарын туһунан улуус Дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, улуус баһылыгын тутуу боппуруоһугар солбуйааччы Афанасий Дьячковскай, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев тыл эттилэр. Ол кэнниттэн, олохтоохтортон киирбит бырайыактарга “Айыллаан” КК исписэлииһэ Петр Дьяконов, урбаанньыт, саҥаны айааччы Иннокентий Новгородов, Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениетын исписэлииһэ Мотрена Филиппова, Александр Федотов аатынан успуорт уораҕайын дириэктэрэ Александр Неустроев, “Үөрүү” оҕо дьоҕурун эбии сайыннарар киин салайааччыта Ирина Сергеева санааларын үллэһиннилэр. Түмүккэ сүбэ мунньах кыттыылаахтара бары биир киһи курдук, киирбит бырайыактары ылынарга 100% куоластаатылар, онон 2025 сылга бу биэс бырайыак олоххо киирэригэр бүк эрэллээх тарҕастылар.
«Тапталлаах Чурапчыбыт нэһилиэгэ сыллата тупсарыгар бары бииргэ түмсэммит куоластаан, кыайар-хотор, олоххо киллэрэр үтүө үгэспит бу курдук өрүү да салҕана турдун! Нэһилиэнньэ бэйэтэ 2025 сылга олоххо киллэриигэ көҕүлээн киллэрбит бу биэс бырайыагын түмсүүлээхтик күүскэ өйөөммүт, тапталлаах Чурапчыбытын салгыы сайыннарар суолбутун бэйэбит оҥостуоҕуҥ, биир сомоҕо буолан айыаҕыҥ, тутуоҕуҥ!», — диэн улуус баһылыга Степан Саргыдаев санаатын эттэ.
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…
2024 сылга Саха сиригэр «Безопасные качественные дороги» бырагырааманан алта муостаны туттулар. Бу туһунан массыына суолун…