Чурапчы норуодунай тыйаатыра 250 киһи кыттыылаах улахан олоҥхону туруорда

Share

Чурапчы улууһугар «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтин үрдүк түһүлгэтигэр П.М. Решетников аатынан Чурапчытааҕы норуодунай тыйаатыр 55 сыллаах үбүлүөйдээх сезона «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур» дьүһүйүү-олоҥхонон арылынна.

Семен Жендринскэй хаартыскаларга түһэриитэ.

Туруоруу олоҥхоһут Иннокентий Гурьевич Тимофеев – Теплоухов төрөөбүтэ 155 сылыгар уонна фольклорист В.Ф. Ермолаев 95 сылынан ананна. Бу олоҥхо уратыта диэн үс үйэ сырдатыллар. Бу иннинэ отучча сыллааҕыта Мария Герасимова туруоруутугар бастакы үйэтэ турбут. Иккис үйэтин  быйыл режиссер, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Бушков туруорда. Олоҥхону дьүһүйүүгэ 250-ча улуус олохтооҕо кыттыбыт, 1 мөл. 600 солк. көрүллүбүт.

Дьүһүйүү-олоҥхону бэлэмниир кэмҥэ “Саҥа олох” хаһыакка режиссер Иван Бушков хайдах туруора сылдьарын сиһилии кэпсээбититтэн быһа тардан ылан билиһиннэрэбит:

“Мин бэйэм, режиссер киһи буоларым быһыытынан, олоҥхону классическай көрүҥүнэн көрөөччү ылыммат диибин, сүрдээх ыарахан. Ол курдук, бастатан туран, олоҥхо тылын-өһүн  көрөөччү өйдүү охсубат. Иккиһинэн, биһиги туруоруубутугар бухатыыр киһи куйаҕа, сэбэ-сэбиргэлэ суох. Ыччат киһиэхэ өйдөннүн, тас көрүҥнэрин  да ылынныннар диэн дьоруойдарбыт таҥастарын-саптарын арыый да аныгылыы истииллээтибит. Куйахтаах, сэптээх-сэбиргэлээх хамсанарга сүрдээх ыарахан. Онон артыыстар хамсаналларыгар, оруолларын арыйалларыгар табыгастаах гына толкуйдаатыбыт. Артыыстарбыт төһө да култуура үөрэхтээхтэрин иһин, эдэрдэр,  артыыс быһыытынан саҥа холоноллор. Күн Толомон Ньургустай оруолугар Марианна Диодорова, оттон Куруубай хааннаах Кулун Куллустууру Иннокентий Поисеев оонньоотулар“.

Оттон сэтинньи 30 күнүгэр көрөөччүлэр иннилэригэр режиссер тахсан, туох үлэ барбытын кэпсээтэ:

“250 улуус олохтооҕо, бииртэн-биир ураты талааннаах дьон кыттан, чахчы да, норуот бырайыагынан буолла. «Айар кыл» төрүт инструменнар ансаамбыллара тэриллэн, аан бастаан сыанаҕа таҕыстылар. Ол курдук, бөлөххө Кытаанахтан, Чакыртан, Хайахсыттан, Болтоҥоттон, Хатылыттан кырыымпаҕа оонньуур дьон мустан, дьарыктанан бүгүн сүрэхтэннилэр. Маны таһынан биир улахан ситиһиибитинэн олоҥхоҕо ылланар тойугу Ирина Чепалова мелодияҕа киллэрэн, Екатерина Лыткина нуотаҕа  түһэрэн, Үрдүкү муусука оскуолатын оркестрын салайааччыта Александр Кузьмин бэйэтэ тылланан муусукатын оҥорон, Чурапчы хуора биир улахан репертуарданна. Бу алгыс ырыаны уопсайа 170 киһи — Чыаппара, Хоптоҕо, Мугудай, Хатылы олохтоохторо уонна Чурапчы гимназиятын, Чурапчытааҕы «Туллукчаан” уһуйаан үлэһиттэрэ ыллыахтара”.

Көрөөччүлэр дьүһүйүү-олоҥхону умсугуйан олорон көрдүлэр, бүппүтүгэр туран эрэн ытыстарын таһыннылар. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга улуус баһылыга Степан Саргыдаев, Чурапчы нэһилиэгин баһылыга Владимир Сивцев, улуустааҕы култуура салалтатын начаалынньыга Петр Гуляев эҕэрдэлээтилэр итиэннэ  улуус социальнай-экономическай сайдыытыгар кылааттарын киллэрсибит норуодунай тыйаатыр үлэһиттэрин, испэктээк тахсыытыгар үлэлэспит дьону-сэргэни чиэстээтилэр.

Любовь Варламова, Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо:

— Олус кэрэ, уһулуччу үчүгэй туруорууну көрөн, сөҕүөхпүн сөхтүм. Дьүһүйүүгэ олоҥхо сиэдэрэй көстүүтүн толору көрдөрдүлэр, муусуката, уота-күөһэ чахчы чаҕылхай буолбут. «Браво” эрэ диэхпин баҕарабын. Чурапчы норуодунай тыйаатыра үрдүк таһымнааҕын өссө төгүл бигэргэттэ. Режиссерга, артыыстарга махтанабын, өссө да сайда туруҥ. Наһаа үчүгэй.

Наталья Захарова, Чурапчы нэһилиэгин олохтооҕо:

— Биһиги киэн туттар олоҥхоһуппут И.Г. Тимофеев – Теплоухов «Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхотун Чурапчы талааннах режиссера Иван Бушков саҥалыы тыыннаан туруорбутун биһирээтим. Эдэр артыыстар оруолларын итэҕэтиилээхтик оонньоон, дьоруойдарын олус үчүгэйдик арыйдылар. Испэктээк тэтимнээхтик барда. Киһи биир тыынынан көрөр. Бэйэм Василий Николаев олоҥхону муусуканан киэргэппитин ордук сөбүлээтим. Ону таһынан Василий Брызгаев үҥкүүнү туруоран, испэктээги ситэрэн-хоторон биэрдэ. Дьүһүйүүгэ кыттыбыт, үлэлээбит дьоҥҥо-сэргэҕэ махталбын тиэрдэбин, ситиһиилэри  баҕарабын.

“Саҥа олох” хаһыат саайтын матырыйааллара туһанылыннылар.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Николай Матчитов: «Үөрүүбүт уонна махталбыт муҥура суох»

Биллэрин курдук, Саха сирин сайдыытыгар улахан  үлэни ыыппыт “Мин Сахам сирэ 21-с үйэҕэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи үтүө…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтары хоруупсуйаны утары үөрэтэр үлэни күүһүрдэллэр

Ахсынньы 4 күнүгэр Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев судаарыстыбаннай уонна муниципальнай сулууспалаахтар идэлэрин баһылааһыҥҥа…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тааттаҕа «Манчаары оонньууларыгар» бэлэмнэнэллэр

Ахсынньы 3 күнүгэр Таатта улууһун олохтоох дьаһалтатыгар «Манчаары оонньууларын» тэрийиигэ уонна ыытыыга аналлаах сүбэ мунньах…

36 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ

Чурапчы улууһун Толоон сэлиэнньэтигэр саҥа култуура дьиэтин тутуута түмүктэннэ. Бэрэбиэркэ түмүгүнэн бырайыактыыр докумуон ирдэбилигэр сөп…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Таатта оройуонугар хачыгаар уокка сиэппит

Таатта улууһугар хочуолунай үлэһитэ эчэйии ылбытынан холуобунай дьыала тэрилиннэ. Бу туһунан ахсынньы 4 күнүгэр Саха сиринээҕи Силиэстийэлиир кэмитиэтин…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Чэгиэн

СҮБЭҺИТ: Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago