Чурапчы норуодунай тыйаатырын 70-ус сс. ыччаттарын ахтан-санаан ааһыахха
РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа П.М.Решетников аатынан Чурапчы норуодунай тыйаатырыгар 70-ус сылларга үлэлээбит ыччаттары ахтан-санаан ааһыахха.
Чурапчыга норуодунай тыйаатыр атаҕар туруутугар 70-нус сыллар ыччаттара төһүү күүс буолбуттара. Кинилэртэн бүгүн сорохторун сырдатарга дьулуһуом. Ордук райкомол үлэһиттэрин хото соруйан оонньотор буолар этибит.
Уаров Прокопий Иванович (15.04.1942 с-19.02.2020 с.)
СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэнэн, ССКП мэтээллэринэн, Кыайыы үбүлүөйдээх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Сунтаар улууһун уонна Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
1960 с. Сиэйэ орто оскуолатын бүтэрэн, Ленин уордьаннаах “Элгээйи” сопхуоска 2 сыл ыанньыксыттаабыта. 1961 с. үс сыл Сэбиэскэй аармыйаҕа Тиксии-3 байыаннай чааска сулууспалаабыта. 1965 с. «Элгээйи» сопхуос комсомольскай тэрилтэтигэр сэкирэтээринэн үлэлээбитэ. 600 чилиэннээҕэ. 1966 с. СГУ историческай салаатыгар киирэн, 1970 с. кыһыл дипломунан бүтэрбитэ. ЫБСЛКС обкома хомсомуол Чурапчытааҕы райкомун бастакы сэкирэтээринэн ыыппыта. Дьэ, онон Чурапчы хомсомуоллара бэртээхэй, элбэх буһуу-хатыы оскуолатын ааспыт сэкирэтээрдэнэ түспүппүт. Кини олус аламаҕай, кэпсэтинньэҥ, күлбүт-үөрбүт, биир сиргэ таба олорбот, өрө күүрбүт энергиялаах салайааччы этэ, начаас үлүгэр ыччаттар куттарын туппута. Комсомольскай бюролар, пленумнар, араас тэрээһиннээх мунньахтар уоттаахтык-күөстээхтик тэриллэннэр, ыччаттар ортолоругар сэргэхсийиини таһаарбыта.
1970 с. Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх деятэлэ И.Гоголев “Наара Суох” 3 оонньуулаах, 5 хартыыналаах көр-күлүү айымньытын режиссер И.И. Кандинскай туруорбута. Худуоһунньук С.Н.Семенов, дириэктэр Е.Е. Дьячковская, көстүүмнэри Т.Оконешникова бэлэмнээбитэ. Иван Иванович обургу кутугунатан, Наара Суох оруолугар хомсомуол райкомун бастакы сэкирэтээрэ Прокопий Иванович Уаровы тылыгар киллэрэ охсон, эрэпэтииссийэҕэ аҕалбыт этэ. Хайдах эрэ толло санаабытым. Улахан салайааччы Прокопий Иванович төһө да солото суох, түбүктээх үлэлээх буоллар, быыс булан кэлэн бэлэмнэниилэргэ көтүппэккэ сылдьан, туох да бэртээхэйдик, хата кимнээҕэр эрэ чаҕылхайдык оонньообута. Наһаа түргэнник бары уопсай тылы булан доҕордоспуппут. Оруолугар аһары барара. Кини айылҕаттан чэпчэки туттуута-хаптыыта, көрүдьүөс тыла-өһө, аһаҕас дууһата, ып-ырааһынан чаҕылыччы көрбүт хараҕа, кэрэ сэбэрэтэ дьону тута абылыыра. Наара Суоҕу адьас көрөн төрөөбүт курдуга. Бу айымньынан Чурапчынан, Тааттанан гастроллаан, барыта 30 төгүл көрдөрбүппүт. Артыыстар олус табыллан, сүргэлэрэ көтөҕүллэн онньууллара. Көрөөччүлэр күлэн быардара быстара. Прокопий Иванович майгылаах бастыҥа, суобастаах ырааһа, чаҕылхай ыччат этэ. Хомсомуол үлэтэ оройуон үрдүнэн күргүөмнээхтик ыытыллара, соц.куоталаһыылар тэрээһиннээхтик илин-кэлин түсүһүүлээхтик тэриллэллэрэ. Олус түбүктээх үлэлээх буолан кэлин тыйаатыртан тохтообута. Ол эрэн халбаҥнаабат кэллэктиип үөскүүрүгэр киллэрсибит сүдү кылаатын оччотооҕу көлүөнэ умнубаппыт. Кэлин да Прокопий Иванович дьоһуннаах олоҕу олорбута. “Сырдык олох киэҥ аартыгынан” диэн олоҕун, үлэтин туһунан кинигэ суруйан 2017 с. таһаартарбыта. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, уһун сылларга бииргэ үлэлээбит доҕоро, СӨ суруналыыстыка эйгэтигэр судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Н.Н. Петров “Үйэтитиигэ үлэлээбит үтүөкэн киһибит” диэн аан тыл ахтыытын суруйбута. Прокопий Иванович Чурапчыга үлэтэ өрүү сылаас, сымнаҕас тылынан ахтылла туруоҕа.
Макаров Юрий Егорович (06.02.1944 с-11.11.1989 с)
Чурапчы сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1978 с. СГУ-ну бүтэрбитэ, нуучча тылын уонна литературатын учуутала идэни ылбыта. 1969-1971 сс. Чурапчытааҕы хомсомуол райкомугар РК отделыгар үлэлээбитэ. 1972 с. Хатылыга, Болтоҥоҕо, Д.П.Коркин аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи оскуола-интэринээккэ, онтон Чурапчы орто оскуолатыгар 1978-1989 сс. учууталлаабыта. Оскуолаҕа хаартыска уонна киинэ куруһуогун салайан бэрт айымньылаахтык үлэлээбитэ.
П.М. Решетников аатынан Чурапчы тыйаатырыгар 1970 с. И. Гоголев “Наара суох” комедиятыгар Мыччыкаан оруолугар, 1976 с. И.Находкин “Улахан доҕор” драматыгар (режиссер Н.М. Заболоцкая, худуоһунньук В.Н. Дьячковскай, көстүүмнэри М.Г.Феофанова, дириэктэр М.Никитина) Куолдьаар- оруолун Ю.Макаров, Арамааны-Кузьмин толорбуттара. 1981 с. Л.Габышев “Былыттаах да түүҥҥэ” (режиссер Н.Заболоцкая, худуоһунньук Сардаана (Григорьева) Мухина, көстүмүөр Феофанова М.Г, дириэктэр В.П.Герасимов) Юрий Егорович Омсолоох уобараһы — Маппый оруолун көрөөччүлэри чахчы сэргэхситэр гына оонньообута . Бу пьесанан нэһилиэктэринэн уонна Таатта оройуонунан гастроллаабыттара. Юрий Егорович сүрдээх элбэх фантазиялаах, куруук тугунан эрэ дьарыктана сылдьар буолааччы. Оҕолорго сахалыы мультик оҥоруохпун баҕарабын диэн араас кыыллары, ынах, сылгы сувенирдарын муспутун аҕалан көрдөрбүттээх.
Үйэтэ уһаабыта буоллар чахчы олоххо киллэриэхтээҕэ хааллаҕа. Көнө, судургу майгылааҕа. Аҕата Егор Алексеевич ис-иһиттэн сэһэнньит, остуоруйаһыт, оҕолорго аналлаах “Чыычаах түбүгэ” кинигэтэ 1000 ахсаанынан тахсыбыта. 2005 с.»Өйдөөн-санаан кэллэхпинэ» диэн кинигэ 300 ахсаанынан күн сирин көрбүтэ. Барыта оҕолорго 5 кинигэлээх. Юрий Егорович аҕатын суолунан бэртээхэй айар үлэһит буолуохтааҕа диэн улаханнык аһыйбыппыт. Дьылҕа хаан итинник сорохторго күн сирин кэмчилээн биэрэр. Баара-суоҕа 45 сыл олорон ааспыта.
Федулова Христина Петровна — “Оройуон сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» 3 ст. бэлиэ хаһаайына, Чурапчы оройуонун, Хоптоҕо нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Хоптоҕо нэһилиэгин норуотун маастара, үлэ бэтэрээнэ.
Дириҥ орто оскуолатын 8 кылааһын 1964 с. бүтэрэн, 1967с. Дьокуускайдааҕы культпросвет училищены, 1976 с. Хабаровскайдааҕы култуура институтун кэтэхтэн үөрэнэн бүтэртээбитэ. Сунтаар, Чурапчы оройуоннарыгар Арыылаахтааҕы, Хатылытааҕы, Мэлдьэхситээҕи оҕо библиотекаларыгар уонна киин библиотекаҕа ааҕар саала сэбиэдиссэйинэн, оройуоннааҕы библиотека дириэктэринэн, Хомсомуол, партия райкомнарын аппараатыгар учуот сиэктэр сэбиэдиссэйинэн, Хоптоҕо дьаһалтатын кылаабынай исписэлииһинэн үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта.
П.М.Решетников аатынан норуодунай тыйаатырга 1971 сыллаахха «Төлөн Ньукуус» И.Кандинскай туруоруутугар (дириэктэр Е.Дьячковская, худуоһунньук С.Н.Семенов), телевизионнай бэстибээлгэ Христина аан бастаан маассабай сыаналарга оонньоспута. 1972с. оройуон судьуйата, РФ суруналыыстарын союһун чилиэнэ М.Попов «Күлүк сырдыкка сүтэр» (режиссер И.И.Кандинскай, художник С.Н.Семенов, көстүүмнэри Т.Оконешникова бэлэмнээбитэ, дириэктэр Е.Е.Дьячковская) пьесаҕа Тамара оруолун толорбута. 1974 с. В.Протодьяконов «Маҥнайгы ньургуһуннар» пьесатын (режиссер Никитина М.А., худуоһунньук С.Н.Семенов, дириэктэр А.Д.Аммосов, көстүмүөр М.Алексеева, бутафория, реквизит Пр.К.Дорофеев, музыкатын Е.Е.Дьячковская) пьесаҕа Булдакова оруолун оонньообута. 1977 с. Илья Находкин «Олоҕуҥ иннигэр» (режиссер Н.М. Заболоцкая, худуоһунньук В.Н, Дьячковскай, дириэктэр М.А Никитина , музыканан киэргэтии Анатолий Филиппов) пьесатыгар Кэскил кыыс оруолун толорбута. 1978 с. Илья Находкин «Улахан доҕор» (режиссер Н.М. Заболоцкая) пьесатыгар Мыссыы оруолун толорбута. Христина ылыммыт дьыалатыгар куруук кыһамньылаах, бэлэмнэниилэргэ эҥкилэ суох сылдьар, бары үлэҕэ-хамнаска эппиэтинэстээх буолара. Сороҕор агитбиригээдэлэргэ лектор быһыытынан эмиэ сылдьыһара. Көрдөстөххө хаһан да акаастаабат, куруук көмө-ньыма, биир төһүү артыыскабыт буолара.
Винокурова Людмила Михайловна — РСФСР норуотун үөрэҕириитин, ССРС үөрэҕириитин туйгуннара, “Гражданскай килбиэн”, “СӨ Бэрэсидьиэнин махтала” бэлиэлэр, СӨ үтүөлээх учуутала, Чурапчы улууһун бочуоттаах олохтооҕо, уус-уран самодеятельность Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүлэр лауреаттара.
1963 сыллаахха Кытаанах аҕыс кылаастаах оскуолатын, 1966 с .Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатын бүтэрбитэ. 1971 с. СГУ историко-филологическай факультетын бүтэрээт, хомсомуол куораттааҕы кэмитиэтигэр пропаганда отделыттан үлэтин саҕалаабыта. Алтынньы ыйга хомсомуол Чурапчытааҕы райкомун ыҥырыытынан оскуолаларга сэкирэтээринэн талыллан үлэлээбитэ. П.М.Решетников аатынан норуодунай тыйаатырга 1972 с. М.Попов суруйуутугар, И.Кандинскай туруоруутугар “Күлүк сырдыкка сүтэр” пьесаҕа Лара диэн холкуос ыанньыксыта кыыс оруолун оонньообута. Ол пьесаны Дьокуускайга Саха тыйаатырын сыанатыгар ситиһиилээхтик туруорбуппут. Хомсомуол сэкирэтээрин быһыытынан ыччаттар ортолоругар КВН-нары ыытыыга олус чаҕылхайдык үлэлэспитэ. Ити сылларга КВН оонньуута ыччаттарга биһирэнэрэ.
Ону нэһилиэктэр иилэ хабан ылан оонньуур буолбута. 1972 с. Тыа сирин уус-уран самодеятельноһын Бүтүн Арассыыйатааҕы көрүүтүгэр конферансье быһыытынан улахан күрэҕи ааһан, Саха сирин кэнсиэрин Иркутскай зонатыгар ситиһиилээхтик ыытыһан, лауреат үрдүк аатын ылан кэлбитэ. “Иркутский комсомолец” хаһыакка тахсыбытын фотограф түмүк кэнсиэргэ аҕалан биэрбит. Ону Людмила Михайловна бэркэ харыстаан уура сылдьар хаартыскатын ыыппыта. Людмила Михайловна ыччаттар ортолоругар улахан авторитеттааҕа. Икки тылынан холкутук араас дьаһаллары ыытыыга лиидэр этэ. Оройуоҥҥа култуурунай-маассабай дьаһаллары ыытыыга биир бастыҥ тэрийээччи, көҕүлээччи быһыытынан үрдүктүк сыаналанара.
Куличкина (Оконешникова) Наталия Васильевна
Ахсынньы 6 күнүгэр 1953 с. Алаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1972 с. ахсыс кылаас кэнниттэн Дьокуускайдааҕы үп техникумугар банковскай дьыаланы бүтэрбитэ. Чурапчытааҕы госбаҥҥа кредитнэй инспектор, Чурапчы комбаныгар экэнэмиис. «Арассыыйа почтатыга» кылаабынай буҕаалтыр. «Алмазкредитсервис» агенын быһыытынан үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Биэс оҕо амарах ийэтэ, элбэх сиэн, хос сиэн эбээтэ.
Оонньообут оруоллара: 1974 с. В.Протодьяконов «Маҥнайгы ньургуһуннар» пьесатыгар (режиссер Герасимова (Никитина) М.А., худуоһунньук С.Н. Семенов) Малышева Даша оруолун ситиһиилээхтик толорбута. И.Гоголев “Хотугу сибэкки” опереттатыгар (режиссер М.А. Никитина, худуоһунньук В.Н. Дьячковскай, уотун-күөһүн киэргэтиитэ Е.Дьячковская, көстүүмнэри М.Алексеева, дириэктэр А.Д.Аммосов) Татыйык оруолун оонньообута. 1974 с. И.Гоголев “Кыталыктар кырдаллара” (режиссер Татьяна (Константинова) Гоголева, худуоһунньук В.Н.Дьячковскай, көстүмүөр М.Г.Феофанова, дириэктэр М.Никитина) Куһаҕан Хочугур оруолун толорбута.
Кыыс оҕо буолбакка, уол оҕо оонньуурун курдук көрөөччүлэр ылыммыттара. Наташа оруолларын ис хоһоонугар наһаа табыллан киирэрэ уонна көрөөччүнү тардар гына оонньуура. Бэртээхэй артыыс буолуох кыыс эрдэ ыал буолан, оҕолордонон, үп салаатын курдук эппиэттээх үлэҕэ үлэлиир буолан, ити дьоҕурун тохтотон кэбиспитэ.
Шестаков Спиридон Иванович (1951 с-11.07.1982 с.)
Чурапчыга төрөөбүтэ. Чурапчы орто оскуолатын бүтэрэн баран, 1970 с. быткомбинакка ювелирнай сыахха үлэҕэ киирбитэ. 1971 с. Сэбиэскэй Аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Ол кэнниттэн 1973 с. Чурапчытааҕы лесхозка леснигинэн киирбитэ. Спиридон 1974 с. В.Протодьяконов «Маҥнайгы ньургуһуннар» 4 оонньуулаах пьесаҕа М.А.Никитина туруоруутугар Александр Христолюбов, каменщиктар биригэдьиирдэрин оруолун оонньообута. Бу пьесанан Таатта нэһилиэктэринэн гастроллаан, көрөөччүлэри биһирэтэн кэлбиппит. Барыта 17 төгүл туруорбуппут.
1974 с. режиссер Татьяна Константинова туруоруутугар “Кыталыктар кырдаллара” пьесаҕа Үчүгэй Үөдүкү оруолун оонньообута. 1976 с. режиссер Ф.Эверстов туруоруутугар «Маарыкчаан ыччаттара» пьесаҕа Сеня Оноев уобараһын бэркэ арыйбыта. Бу айымньынан илин эҥээрдээҕи норуодунай тыйаатырдар зонатааҕы көрүүлэригэр кыттыбыттара.
1979 с. Алтайдааҕы култуура институтун устудьуона А.С.Романов дипломнай үлэтигэр — А.Салынскай “Барабаанньыт кыыс” пьесатыгар Алексей уобараһын айбыта. Спиридон куруук сүрүн оруолларга кыһаллан, ылыннарыылаахтык оонньуура. Кытаанах характердаах уобарастары бэйэтэ туһунан буочарынан , түс-бас болҕомтолоох тылынан-өһүнэн көрөөччүнү куруук абылыыра. 1980 с. Эрилик Эристиин сопхуоска дьиэ кэргэнинэн көһөн барбыттара. Онно Дириҥнээҕи норуодунай тыйаатырга айымньылаахтык оонньуу сылдьан эдэр сааһыгар ыалдьан олохтон туораабыта.
Пермякова Любовь Алексеевна
СӨ үөрэхтээһинин туйгуна, үөрэхтээһиҥҥэ СӨ уонна РФ бочуоттаах үлэһитэ, Чурапчы улууһун бочуоттаах бэтэрээнэ, үлэ уонна сыана бэтэрээнэ, Чурапчы норуодунай тыйаатырын артыыһа.
1953 с. муус устар 12 күнүгэр төрөөбүтэ. 1979 с. СГУ ИФФ факультетын бүтэрэн, саха тылын уонна литературатын учуутала идэни ылбыта.
Сүрүн оонньообут оруоллара :
1974 с. М.А.Никитина туруоруутугар В.Протодьяконов “Маҥнайгы ньургуһуннар” пьесаҕа Догойдонова Саргы оруолун райкомолга үлэлии сылдьан аан маҥнай оонньообута.
1986 с. Суорун Омоллоон 80 сааһынан, 1987 с. Улуу Өктөөп 70 сылынан «Сайсары» драма турбута (режиссердар Н.М.Заболоцкая, С.И.Яковлев, киэргэтии В.Н.Дьячковскай, П.К.Дорофеев, музыканан киэргэтии В.П.Герасимов, уотун-күөһүн Е.Е.Дьячковская, А.П.Васильев, көстүүмнэри М.Г. Феофанова, А.И. Ноговицына бэлэмнээбиттэрэ, дириэктэр В.П.Герасимов). Любовь Алексеевна бу драмаҕа Ньургуу оруолугар оонньообута. Пьеса Дьокуускай куоракка ситиһиилээхтик туруоруллубута. 1976 с., 1979 с., 1980-82 сс. Иван Гоголев «Үрүҥ көмүс иҥэһэ» драмаҕа (режиссер Надежда Заболоцкая, 1976 с. дириэктэр М.Никитина, 1979 с.дириэктэр Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Е.С.Дьячковскай, 1981 с. дириэктэр В.Герасимов) Тыаһааны уонна Эркээни эмээхсин уобарастарын арыйталаабыта. Бэйэтэ биир туспа суоллаах-иистээх артыыска. Бу айымньынан норуодунай тыйаатырдар зонатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүлэригэр 1-кы миэстэлэри ылаттаабыта. Тыйаатыр Чурапчы, Уус Алдан оройуоннарынан улахан гастроллары тэрийбитэ. 2018 с. Сочига Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ Чурапчы норуодунай тыйаатыра Чингиз Айтматов “Ийэ сирэ” драманан кыттыбыта. Режиссер И.И.Бушков. Онно Любовь Алексеевна маассабай сыанаҕа оонньоспута. Маны таһынан атын да драмаларга, испкэтээктэргэ маассабай сыаналарга үгүс кыттыыны ылбыт, биир тарбахха баттанар артыыспыт буолбута.
Кузьмин Василий Васильевич (31.03.1952-15.02.2018с)
СӨ култууратын туйгуна, Бүтүн Сойуустааҕы, Арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэ, улуус көрүүлэрин лауреаттара. «Эр киһи оруолун бастыҥ толорооччу» номинация хаһаайына.
1971 с. Кытаанах орто оскуолатын бүтэрэн, 1973-1974 с. Одьулууннааҕы СПТУ-га байаныыс-хормейстер идэтигэр үөрэммитэ. 1974 с. Болтоҥоҕо, Хайахсыкка култуура дьиэтин дириэктэринэн, Чурапчыга РДК-ҕа методиһынан, Чараҥ култууратын дьиэтин дириэктэринэн, РДК-ҕа АКБ методиһынан — барыта 21 сыл үлэлээбитэ. Үлэлии сылдьан 1987-1989 сс. култуурунай-сырдатар училищены кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ. Чурапчы норуодунай тыйаатырыгар 1976 с. Эрилик Эристиин арамаанынан Николай Якутскай инсценировкатыгар “Маарыкчаан ыччаттара” (режиссер Федор Эверстов) турбута. Онно кыһыл армеец буолбута. Салгыы А.Софронов “Олох дьэбэрэтэ” (режиссер М.Никитина) отчут оруолун толорбута, 1976, 1979-1980, 1982 сс. Суорун Омоллоон “Үрүҥ көмүс иҥэһэ” (режиссер Н.М.Заболоцкая, худуоһунньук В.Н.Дьячковскай) туруорууга Төрөнөй оруолун толорбута.
Бу пьеса 21 төгүл оонньоммута. 1981 с. норуодунай тыйаатырдар өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүлэригэр 1 истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмыта. М.Герасимова “Көһөрүү” пьесатын көһөрүллүү 50 сылыгар Нуучча тыйаатырыгар туруоран, Баһылай Миитэрээс оруолун толорон, көһөрүллүү үгүс кыттыылаахтарын долгуппута, ытаппыта. Көрөөччүлэр истиҥ биһирэбиллэрин ылбыта. Бу пьесанан телебэстибээлгэ өрөспүүбүлүкэ 38 тыйаатырыттан 1 м. тахсыбыппыт. 1996 с. өрөспүүбүлүкэ норуодунай тыйаатырдар көрүүлэригэр “Эр киһи оруолун бастыҥ толорооччу” номинация хаһаайынынан буолбута.
Ити сыл СӨ култуууратын туйгуна буолбута. 1982-84 сс. Ст.Ефремов “Хобороос хоһоонугар” (режиссер Н.М.Заболоцкая) суотчут Дьөгүөр буолан тиэрэ үктээн киирэн кыыска ымсыыран, уоһун салбана-салбана, 4 күтүөттэн ордон, ойох ылаары сирэй-харах буолан, мылаарыҥнаан үчүгэмсийэ турара. 1984 с. Ив.Алексеев “Ис биэтэһигэр” акаа-макаа соҕус Саараҥ Дьаакып буолан мунньахха тугу этэрин бэйэтэ да билбэтэр, “Ис биэтэһэ хайдах эбитэ буолла”, — диэн хаҥсыа куолаһынан тыл этэн сордоно, быһаарыыта суох көрө турара, М. Доҕордуурап “Дуруускаһыт уонна күтүөт” диэн кэпсээнинэн инсценировкабар Валерий Петровичтыын дуруускаһыттаан муораны тобугунан, халлааны хабарҕатынан күннээн-күөнэхтээн, ойор күннэри, орто дойдулары умнан, аһаан сарсыарда хаайыыга уһуктубутун быһаарбакка сыҥааҕын ыһыктан, уоһун тэллэтэн, илиитэ-атаҕа сап-салыбырас үс муннуктааҕынан барбатах балык миинин курдук мэндээриччи көрөн тахсар аан көрдөөн муҥнана сылдьара, “Үрүҥ көмүс иҥэһэҕэ” Төрөнөй оруолугар батыйанан далайбыппар “Ийээ!” диэн хаһыыта илэ бааччы өйбөр тиллэн кэлэллэр. И.Гоголев “Кэрэ көмүскэлигэр” Семен Яковлевтыын аччыктаан тоҥон өлүмээри биир олоппос атаҕын сынньана-сынньана эрбии тураллара, И.Семенов “Сонордьуттарыгар” Микииппэр Таллаайап буолан саҥаран-иҥэрэн хабыгырыы, кэлэн-баран сорҕолоно сылдьара уо.д.а.оруоллара көрөөччү өйдөбүлүгэр умнуллубаттык хатаммыт буолуохтаахтар.
«1989 с. И.Гоголев “Эр дьону эмиэ харыстааҥ” трагикомедиятын В.В.Кузьмин культпросветы бүтэрэр дипломнай үлэтигэр (худуоһунньуктар Афанасий уонна Николай Коркиннар, көстүмүөр Мария Фа-ин-фо, музыкатын, уотун Георгий Шараборин, режиссер ССРС култууратын туйгуна Н.М. Заболоцкая, дириэктэр В.Герасимов) туйгун сыанаҕа туруорбута», — диэн Надежда Михайловна бэртээхэй ахтыыны бэйэтин кинигэтигэр суруйбута. Элбэх оруоллары айбыт, тенор куоластаах ырыаһыт В.В.Кузьмин үгүс дьон сүгүрүйүүтүн, махталын ылыан ылбыт дьоһуннаах артыыс, амарах аҕа, эйэҕэс эһээ этэ.
Кузьмина Клара Егоровна — СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Бүтүн Сойуустааҕы театральнай көрүү лауреата.
1954 с. алтынньы 2 күнүгэр Сылаҥ нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Орто оскуола кэнниттэн икки сыл ыанньыксыттаан, Одьулууннааҕы профтехучилищены бүтэрэн, Районо бухгалтериятыгар үлэлээбитэ. Ол кэнниттэн райсовет, дьаһалта приемнайдарыгар 11 сыл сэкирэтээрдээбитэ. «Амма Даймонд» АО үлэҕэ киирэн, 3 ыаллыы сытар улуустарга алмааһы кырыылыыр собуоттары тэрийэн үлэлэппиттэрэ. Кэлин ветеринарнай управлениеҕа кадр отделыгар үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Барыта 42 сыл үлэ стажтаах. 1976 с. норуодунай тыйаатыр сыанатыгар аан бастаан Хаарчаана оруолун толорбута. 1976 с.А.Софронов “Олох дьэбэрэтэ”( режиссер М.Никитина) пьесаҕа Даайыс кыыс оруолун оонньообута. 1977 с. И.Находкин ”Олоҕуҥ иннигэр” (режиссер Н.М. Заболоцкая, худуоһунньук В.Н.Дьячковскай) Нина ыанньыксыт кыыс оруолун толорбута.
1978 с. Ст.Ефремов “Куорат кыыһа” (режиссер Р. С.Диодорова, худуоһунньук В.Н.Дьячковскай, көстүмүөр М.Г. Феофанова, дириэктэр М.Никитина) пьесатыгар Катя ыанньыксыт кыыс оруолун толорбута. Клара Егоровна норуодунай тыйаатыр артыыската диэн дастабырыанньаны ылбыта. Олоҕун доҕоро В.В. Кузьминныын 40 сыл бииргэ олорбуттара. 3 оҕолоохтор, 10-ча сиэннээхтэр. 1981 с. В.Розов суруйуутугар П.Попов тылбааһыгар “Көрүнньүк мөккүөр” 5 хартыыналаах пьесатыгар режиссер Н.М. Заболоцкая, дириэктэр В.П Герасимов, худуоһунньук С.Мухина (Григорьева), көстүүмүөр М.Г.Феофанова, уотун-күөһүн Е.Е. Дьячковская үлэлээбиттэрэ. Бу пьесаҕа Кузьминнар иккиэн оонньообуттара. Пьесаны көрөөччүгэ 5 төгүл туруорбуттара.
Дьэ, ити курдук 70-ус сыллар ыччаттара норуодунай тыйаатыр атаҕар туруутугар төһүү күүс буолбуттара диэн быһа тардан сырдатыыбын түмүктүүбүн.
СӨ култуура үлэтин бэтэрээнэ ,РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ,
РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ М.А.Герасимова-Сэҥээрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: