Чурапчы улууһугар кэлэр кыстыкка бэлэмнэнии үлэлэрэ үгэннээн турар кэмнэрэ.
Тоҕус ыйдаах томороон тымныылаах тыйыс усулуобуйалаах дойдуга олорорбут быһыытынан кыстыкка олохтоохтук оҥоһуннахпытына, бэлэмнэннэхпитинэ эрэ кыһыны туоруубут.
Чурапчы улууһугар оттук сезонугар бэлэмнэниини «ОДьКХ» ГУП Чурапчытааҕы филиалын үлэһиттэрэ ыыталлар. Кинилэр ититии уонна уу ситимнэрин, хочуолунайдарын көрөллөр, өрөмүөннүүллэр диэн Чурапчы улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Күн бүгүн көрүллүбүт харчы өрөмүөн үлэлэригэр, хочуолунайдары, дьиэлэри ититиигэ, уу ситимнэрин өрөмүөннээһиҥҥэ, оборудованиены уларытыыга, матырыйаалларынан хааччыйыыга туттулунна. Бары хочуолунайдарга үлэ толору оҥоһуллан, түмүктэнэрэ хаалла. Улуус үрдүнэн былааннаах оттук, уматык сөптөөх кээмэйэ кэллэ. Мантан салгыы улуус бары нэһилиэктэрин баһылыктара тустаах хайысханы күүстээх хонтуруолга тутаннар, кыстыкка толору бэлэмнээх киириини хааччыйыыны болҕомто киинигэр тутуохтара», — диэн Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев кэпсээтэ.
Госдуума элбэх оҕолоох ыалларга юридическай көмө босхо буолуохтааҕын туһунан сокуон бырайыагын бастакы ааҕыыга ылынна. Көмөнү үс…
А.С.Пушкин аатынан Нуучча тылын судаарыстыбаннай института 2024 сыл тылынан "Пушкин" диэн тылы ааттаата. Бу туһунан…
Бүгүн «Дьиэҕэ төннүү» сэминээргэ анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэрин кытта сөптөөх…
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин норуокка туһаайан этиитигэр бастакытын "Орешник" диэн саҥа комплекс туһунан иһитиннэрдэ. Кини…
2024 сылга "Култуура" национальнай бырайыагынан 5 муниципальнай модельнай бибилэтиэкэлэри киллэрдилэр. Бу иннинэ 35 маннык бибилэтиэкэни…
Cахалыы тыллаах саамай кырдьаҕас "Чолбон" сурунаал сэтинньитээҕи нүөмэригэр кэрэхсээҥ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун 90 сылын…