Чурапчы улууһугар буойуттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл, көмө ахсаабат

Чурапчы улууһугар буойуттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл, көмө ахсаабат

Ааптар:
04.04.2023, 09:17
Хаартыска:Алексей Слепцов түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Чурапчы улууһугар дойду Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин, Ил Дархан А.С. Николаев байыаннай сулууспалаахтары уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин өйөөһүн туһунан Ыйаахтарын олоххо киллэриигэ туһуламмыт үлэлэр тиһигин быспакка ыытылла тураллар.

Бу хайысхаҕа Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн эбии саҥа дьаһаллары ылынар туһунан Ыйааҕы таһаарда. Ол курдук, бу дьоммут судаарыстыба эбэтэр муниципальнай былаас бас билиитигэр баар сир учаастагын түүлэһиигэ иэстэриттэн, төлөбүрдэриттэн, нолуоктарыттан босхолоноллор. Маны тэҥэ өйөбүл маннык көрүҥнэрэ олохтоноллор:
— улууска куорат, бөһүөлэк уопсастыбаннай тырааныспарыгар босхо айан;
— байыаннай сулууспалаах оҕотугар култуура, успуорт, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр сылдьыыларыгар чэпчэтии.
Ил Дархан А.С.Николаев байыаннай сулууспалаах уонна кини дьиэ кэргэнэ кинилэргэ бары өттүнэн өйөбүл, социальнай көмүскэл баарыгар эрэллээх буолуохтаахтарын бэлиэтээтэ. Маннык Ыйаах тахсыыта буойуттарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр улахан суолталааҕын үчүгэйдик өйдүүбүт. Манан сибээстээн Чурапчы улууһугар буойуттарбыт уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин судаарыстыба эбэтэр муниципальнай былаас бас билиитигэр баар сирдэрин учаастагын түүлэһиигэ иэстэриттэн, төлөбүрдэриттэн, нолуоктарыттан босхолоноллорун көрөр уураахха илии баттаатым.
Биһиги улууспут Ил Дархан А.С. Николаев ааспыт сылга таһаарбыт дьаһалынан буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр тута араас өрүттээх көмөнү оҥорууну тэрийбитинэн, үлэлээбитинэн барбыта. Улууска, бары нэһилиэктэргэ байыаннай сулууспалаахтарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөр штабтар, гуманитарнай көмөнү тутар пуун үлэлииллэр. Уопсастыбаннай тырааныспарга босхо айан; оскуолаҕа босхо аһылык, Саха сиригэр оҕо лааҕырдарыгар босхо путевка; төрөппүт взноһуттан босхолооһун; оҕо саадыгар, лааҕырыгар, интэринээккэ босхо киирии, санаторийга, курортка босхо эмтэнии уо.д.а. курдук, араас өрүттээх социальнай өйөбүл оҥоһуллар.
Чурапчы улууһун дьаһалтата байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр дастабырыанньа оҥорон туттарбыта. Бу туттарыллыбыт дастабырыанньа быһыытынан, «Байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин чилиэнэ» статуһунан кэккэ чэпчэтиилэр олохтоммуттара: дастабырыанньанан улуус култуурунай тэрээһиннэригэр сылдьыы, «Айыллаан» киинэ тыйаатырыгар оҕолор ханнык баҕарар киинэни босхо көрүүлэрэ, улахан дьон киинэни 50% чэпчэтиилээх көрүүлэрэ, «Чурапчы — Аллараа Бэстээх-Дьокуускай» сылдьар оптуобустарга ыйга биирдэ 50% чэпчэтии, улуус иһигэр сүүрэр социальнай тырааныспардарынан босхо сылдьыы, дьиэ кэргэн оҕолоро уочарата суох уһуйааҥҥа киириилэрэ, оҕо, дьахтар консультацияларыгар уочарата суох көрдөрүү, оскуола оҕолоро босхо аһылык уо.д.а. Байыаннай сулууспалаахтарга биир кэмнээх харчынан өйөбүлү таһынан итинник биир кэмнээх төлөбүрдэр кинилэр дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр эмиэ көрүллэр.
Улууска волонтёрдар уонна тимуровецтар көмөлөрө тэрээһиннээхтик ыытылла турар. #МЫВМЕСТЕ гуманитарнай көмөнү тутар пуун үлэтигэр улуус бары уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ көхтөөхтүк кытталлар. Ити курдук, ханна баҕарар буоларын курдук, Чурапчы улууһугар буойуттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл, көмө ахсаабат.
Биһиги дьыалабыт кырдьыктаах. Кыайыы биһиэнэ буолуо!

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
4 октября
  • 3°C
  • Ощущается: -1°Влажность: 87% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: