Чурапчы улууһугар эһэ сылгыга саба түстэ

Share

Бу күннэргэ Чурапчы улууһун Чакыр сэлиэнньэтиттэн 9 км сиргэ эһэ тардыбыт биэтин буллулар. Нэһилиэк баһылыга Константин Лебедев СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, бу үөр атын сылгылара эмсэҕэлээбэтэхтэр.

“Эһэ саба түспүт биэтин сэлиэнньэттэн 9 км Аччыгый Эбэ оттуур сиртэн буллубут. Дьолго, бу бааһынай хаһаайыстыба атын сылгылара эмсэҕэлээбэтэхтэр. Бааһыттан сылыктаатахха, биэ эрдэттэн бааһырбыт, эһэ ол иһин сиппитэ буолуо. Эһэ сырсыбыт суола суох, онон биэ эрдэттэн сыппыт буолуон сөп. Ол да буоллар, эһэ тарҕаныыта элбээбитин бэлиэтиир оруннаах. Дьон өссө саас нэһилиэнньэлээх пуунтан чугас эһэ суолун көрбүттэр этэ” – диэн Константин Лебедев этэр.

Ону тэҥэ, баһылык иһитиннэрбитинэн, билиҥҥитэ тыатааҕыны тутар миэрэлэри ылыммыттар. Нэһилиэнньэлээх пууну кыйа хапкааннары туруорбуттар.

Мария Горохова, СИА.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Уустар түһүлгэлэрэ аһылынна

Нерюнгрига Олоҥхо ыһыаҕа ыытылла турар, саҥа тутуллубут ''Амикан'' этнокомплекска Уустар түһүлгэлэрин аһыллыыта буолла. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин…

3 секунды ago
  • Сонуннар

Кэрэ кыыстыын киинэ көрүөм диэбитэ

Онлайн-платформаҕа киирэн, киинэ көрөбүн диэн түөкүттэр угаайыларыгар киирэн биэриэххэ сөп эбит. Саҥа ньыма «Антикино» диэн…

5 минут ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Айылгы” туосчуттар түмсүүлэрэ 21 миэтэрэ уһуннаах туос киэргэтиилээх саламаны оҥордулар

Манчаары оонньуулара буолара биэс хонук хаалбыт күнүгэр, Булуҥ сэлиэнньэтин олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уус-уран оҥоһуктарын маастара…

38 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Чурапчылар Нерюнгрига сылгы үөрүн тиэйэн аҕаллылар

Нерюнгрига быйыл 18-с сылын ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар Чурапчыттан 120-н тахса киһилээх улахан дэлэгээссийэ кыттыыны ыла…

41 минута ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҥхо ыһыаҕар олорор, сылдьар усулуобуйа хайдаҕый?

Бу күннэргэ Нерюнгри куоракка ыраахтан-чугастан дьон-сэргэ тоҕуоруста. Олоҥхо ыһыаҕар олорор, сылдьар усулуобуйа хайдаҕый? ''Амикан'' этнокомплекс…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

“Туймаада” өй-билии олимпиадата аһылынна

Бүгүн, от ыйын 3 күнүгэр, Эркээни ытык хочотугар Билим аччыгый академиятын дьиэтигэр XXXII Норуоттар икки…

2 часа ago