Салгыы
Чурапчы улууһугар тыа хаһаайыстыбата сайдар

Чурапчы улууһугар тыа хаһаайыстыбата сайдар

20.10.2024, 13:30
Бөлөххө киир:

Бүгүн Чурапчы улууһун баһылыга Степан Анатольевич  Саргыдаев ыалдьыттыыр. Кини тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар улуус ханнык бырагыраамаларга олоҕуран сайдарын, инники былааннарын туһунан кэпсээтэ.  

— Степан Анатольевич, Чурапчы улууһа тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга күүскэ үлэлиирин туһунан куруук истэбит. Иккис сылын көдьүүстээхтик үлэлиир “Сир Ийэ” пилотнай бырайыак туһунан кылгастык кэпсииргэр көрдөһөбүт.

— Улуус баһылыгын дуоһунаһыгар турар бырагыраамабар тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүрүн болҕомтобун сири кытта үлэҕэ ууруом диэн этэн турабын. Ол курдук, быйыл “Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин” бырагырааманан өрөспүүбүлүкэ, улуус, хаһаайыстыба кыттыгас үбүлээһиннээх уопсайа 27 мөл. солк. үп көрүллэн, 8 тиэхиньикэ (5 МТЗ тыраахтар, 3 состоруллар тиэхиньикэ) уонна 156 туонна күөх ыһыы сиэмэтин атыыластыбыт, 30 км күрүө тутуллуутун ороскуотун саптыбыт.

“Дулҕа-талах астарыыта” бырагыраама чэрчитинэн уопсайа 396,5 гектарга 7 мөл. солк. үптээх үлэ оҥоһулунна. “Мелиоративнай үлэлэр” бырагарааманан 2024 сылга улуус бүддьүөтүттэн 10 мөл. солк. үп көрүллэн, Бабаҕа, Мэҥири үрэхтэригэр буор быһыттар оҥоһулуннулар. Нүөлсүтүллүбүт сиргэ от күүскэ үүнэн, 600 тоннаттан тахса оту ылбыттара. “Харыылаах”, “Илин Бэрэ” быһыттарын өрөмүөнүгэр, “Хатылы” шлюз-регулятор быһытын бырайыагын оҥоһуутугар үбүлээһин көрүллэн үлэлэр ыытыллаллар, манна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 38 мөл. солк. үлэ барара торумнанар.

Манна даҕатан эттэххэ, быйыл улуус тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар олохтоох бүддьүөттэн 44 мөл. 500 тыһ. солк. үп көрүллэн, салгыы тиһиктээх үлэ барыаҕа.

— Быйыл сайын сыл тахсар оккутун хайдах булуннугут?

— Быйыл сайын бэс ыйыгар ардаабакка, кураан күннэр тураннар, түүнүн тымныы буолан, былырыыҥҥы сылы кытта тэҥнээтэххэ, от үүнүүтэ мөлтөҕүн, үрдүк сирдэрэ хатан эрэрин, ходуһалар уулаахтарын, от быкпыта да ороһулаан хаалбытын бэлиэтээбиттэрэ. Онон улууска сүөһү аһылыгын соҕотуопкатын иилиир-саҕалыыр суһал ыстаап тэриллибитэ. Ол эрээри от ыйыгар ардахтаан, айылҕабыт барахсан тыын ылан, чэлгийбиккэ дылы буолбута. Мобильнай биригээдэлэрбит отторун эбэн 36732 туоннаҕа, ол эбэтэр 92% тахсыахпыт диэн былааннаммыппыт. Сабаҕаламмытын курдук, улууска бүгүҥҥү туругунан, 36754 туонна от кэбиһиллэн, былаан 92% туолла. Улуус үрдүнэн оттооһуҥҥа 40 мобильнай биригээдэ тэриллэн, биригээдэлэри тэрийиигэ көмө бэрээдэгинэн улуус бүддьүөтүттэн 7 мөл. тахса солк. көрүлүннэ, кинилэр 6993 туонна оту бэлэмнээтилэр. Ааспыт сыллааҕы оту эбинэн кыстыгы этэҥҥэ туоруур кыахтанныбыт. Улуус үрдүнэн 1650 туонна сиилэс угулунна, 1004 туонна сенаж бэлэмнэннэ.

Субсидиялары, граннары таба туһанан

— Сүөһү, сылгы ахсаанын энчирэппэт сыалтан уонна олохтоох бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйа үрдээһинигэр туох былааннар баалларый?

— Билигин федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ таһымыгар бөдөҥсүтүү үлэтин өйөөһүн күүскэ барар. Онно олоҕуран улууспутугар кэпэрэтииптэри тэрийиини саҕалаан, быйыл сүөһү көрөр алта кэпэрэтиип тэрилиннэ. Ол түмүгэр баар сүөһүнү тутан хаалыахтаахпыт, олохтоох бородууксуйа үрдүүрүн ситиһэн нэһилиэнньэбитин сибиэһэй, бэйэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйабытынан хааччыйыахтаахпыт.

Мындаҕаайыга баар биир улахан производственнай кэпэрэтииппитигэр тирэҕирэн, нэһилиэк инники сайдыытын бырайыага оҥоһулунна. Быйыл сүрүн сорукпутунан Мындаҕаайы кэпэрэтиипкэ 120 төбө ыанар ынахха саҥа хотон тутуутун үбүлээһинигэр кыттарга үлэ барар.

Дьокуускайдааҕы “Милкэксперт” диэн тэрилтэ быйыл “Мындаҕаайы” кэпэрэтииби уонна “Комплекс” бааһынай хаһаайыстыбаны кытта сөбүлэн түһэрсибиттэрэ, ол түмүгэр үүппүт кээмэйэ 2 төгүл улаатыахтаах, ол эбэтэр биир ынахтан ылар бородууксуйабыт үрдээһинигэр болҕомто ууруллуоҕа.

Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар биллэриллэр өрөспүүбүлүкэ уонна федеральнай граннарыгар, субсидиялары көрөр сүүмэрдээһиннэригэр көдьүүстээхтик кыттабыт. Ол түмүгэр, дьиэ кэргэн пиэрмэтин граныгар 5 сыл устата 8 хаһаайыстыба 84 мөл. солк. ылары ситиспитэ. Быйылгы сылга 2 хаһаайыстыба кыттан, ынах сүөһү иитиитигэр Гаврил Попов (Алаҕар), сылгы иитиитигэр Аина Анемподистова (Чурапчы) уопсайа 16 мөл. солк. ыллылар.

Ону тэҥэ “Агростартап” гранын ылыыга 2019 сылтан 12 эдэр пиэрмэр 38 мөл. солк. көмөнү ылбыттара. 2024 сылга 12 киһи кытта сылдьар. Быйыл “Сылгыны үөрдээн иитии бырагырааманан” материальнай-тиэхиньиичэскэй баазаны хаҥатыыга 14 МТЗ тыраахтары, 1 вездеходу, 1 пресс-подборщигы, 51 племенной сылгыны хаһаайыстыбаларга чэпчэтиилээх бэрилиннэ.

Кэпэрэтииптэри өйөөһүҥҥө тиэхиньикэ атыылаһыытыгар “Эргис” СПОК 7 мөл. 122 тыһ. солк. көмөнү ылла. Былырыын өрөспүүбүлүкэҕэ олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы сирин-уотун туһунан сокуон чэрчитинэн от ыйыгар Чурапчы улууһугар “Уйгу туоната” олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы сирин-уотун туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уурааҕа тахсыбыта. Өрөспүүбүлүкэбитигэр бу саҥа сүүрээн, араас хайысхалаах миэрэлэр бааллара тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын, нэһилиэнньэ дохуоттаах буолуутун хааччыйыаҕа.

“1,5 туоннаттан тахса гуманитарнай көмөнү тиэртибит”

— Степан Анатольевич, соторутааҕыта байыаннай дьайыы сиригэр-уотугар баран кэллигит. Ол туһунан кылгастык кэпсээ эрэ. Уолаттарбыт санаалара төһө бөҕөҕүй? Ордук туохха наадыйаллар эбитий?

— Чурапчы улууһун дэлэгээссийэтэ балаҕан ыйыгар 10‑с төгүлүн байыаннай дьайыы байыастарыгар 1,5 туоннаттан ордук ыйааһыннаах гуманитарнай көмөнү тиэрдэн кэллибит. Дэлэгээссийэ састаабыгар Чурапчы улууһунааҕы дьокутааттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Яков Оконешников, Чурапчы улууһун баһылыгын солбуйааччы Алексей Лобанов киирэн, уолаттарбытын сирэй көрсөн, кэпсэтэн кэллибит. Эрдэ 3‑түү, 3,5‑дыы мөл. солк. суумалаах көмөнү оҥорор эбит буоллахпытына, бу сырыыбытыгар уопсайа 6 мөлүйүөннээх гуманитарнай көмөнү тиэртибит. Биллэн турар, эрдэттэн уолаттартан туохха ордук наадыйалларын сураспыппыт. Аныгы кэм киирсиитэ буолан уолаттар ордук оборудованиеларга, тиэхиньикэҕэ наадыйаллар. Запорожье, Донецкай, Луганскай туһаайыыларын фроннарыгар сулууспалыыр Сахабыт сирин байыастарыгар биһиги бэйэбит өттүбүтүттэн матасыыкыллары, тепловизордары, түүҥҥү прицеллэри, дойдубут дьоно илиилэрин сылааһын иҥэрэн оҥорбут маскировкалыыр сиэккэлэрин уонна улууспут аграрнай тэрилтэлэрин аһын-үөлүн илдьэн тиксэрдибит. Уолаттар, биллэн турар, ыһаарыламмыт собо, Чурапчыларын сибиэһэй этэ курдук дьиэтээҕи астарыгар олуһун диэн үөрдүлэр. Барыта 50 уолу кытта көрүстүбүт. Байыаннай дьайыы толоонугар сылдьар биир дойдулаахтарбыт санаалара олох бөҕөх. Гуманитарнай көмөҕө Чурапчы улууһун нэһилиэктэрэ, бары тэрилтэлэрэ, уопсастыбаннаһа, урбаанньыттар, биирдиилээн дьон бука бары өйөбүл, тирэх буолбуттарын иһин  махтанабын.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
22 ноября
  • -28°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 76% Скорость ветра: 4 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: