Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев биир дойдулаахтарын кытта быһа эпииринэн кэпсэттэ

Share

Атырдьах ыйын 29 күнүгэр  Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев олохтоох нэһилиэнньэни кытта социальнай ситимнэринэн быһа эпиири ыытта.

Баһылык Степан Саргыдаев улуус тыатын хаһаайыстыбатыттан саҕалаан олох, үлэ бары хайысхатыгар бара турар үлэни-хамнаһы, быһыыны-майгыны сиһилии билиһиннэрдэ. Чурапчы улууһа өрөспүүбүлүкэ тыа хаһаайыстыбатыгар биллэр-көстөр үлэлээх улууһа буоларынан, муниципалитет салайааччыта бу хайысхаҕа быһа эпиириттэн балачча бириэмэни анаата. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатыгар көрүллэр үбүлээһини үрдэтиигэ сөптөөх үлэ баран, бүддьүөттэн үбүлэнии 4,5 мөлүйүөн солкуобайынан улааппыт. Билиҥҥи туругунан 35 тыһыынча гектар сир оттонон, оттооһуҥҥа былаан 82% тиийбит. Баһылык сиилэстээһин,  үүтү туттарыы былааннарыгар көрдөрүү быйыл үчүгэйин бэлиэтээтэ.

Хаһаайыстыбалар материальнай-техническэй баазаларын бөҕөргөтүүгэ кэккэ ситиһиилэр бааллара, сылгыны үөрдээн иитиигэ субсидия кэлэн, тиэхиньикэҕэ, баазаны сайыннарыыга туһаайыллара бэлиэтэннэ.
Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ «Дьиэ кэргэн пиэрмэтэ» грант ылыытыгар куонкурус түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 10 хаһаайыстыба тиксибититтэн, Чурапчы улууһугар икки кэлбитин, онон Алаҕар нэһилиэгиттэн  Гаврил Попов — сүөһү иитиитигэр, Чурапчы нэһилиэгиттэн Аина Анемподистова — сылгы иитиитигэр, уопсайа 16 мөлүйүөн солкуобайдаах грант ылбыттарын иһитиннэрдэ.

«Сир ийэ» бырайыагынан кормопроизводствоҕа туһаныллар тыраахтардары, күрүөлээһиҥҥэ, дулҕа, талах астарыытыгар үс таһым кыттыгас үбүлээһини ылыы, 51 араас быһыттарга үбүлээһин өттүгэр үлэ күүскэ барбыта, онон быһыттар тутуллууларыгар улахан былааннаах үлэлэр олоххо туолар кыахтаныылара,  тыа хаһаайыстыбатыгар уларыйыылар бараары туралларынан бу хайысхаҕа  үбүлээһин 2025 сылтан улуус бас билиитигэр кэлиэхтээҕэ бэлиэтэннэ.
Баһылык быһа эпииргэ эбии аһылыгы хааччыныы түмүгэр үүт ыаһына биллэ улаатарын быһыытынан, «Сир ийэ» бырагыраама чэрчитинэн сүөһүгэ  иҥэмтэлээх аһылыгы бэлэмнээһин 18 араас компоненнаах бэлэмнэниитин салгыы сайыннарар сорук турарын бэлиэтээтэ.

Салгыы кини социальнай хайысхаҕа, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһиҥҥэ, спортка уо.д.а. бара турар үлэлэргэ тохтоон, хас биирдии хайысхаҕа туох, ханнык үлэлэр олоххо киирбиттэрин, ханнык былааннаах үлэлэр бара туралларын билиһиннэрдэ,  олохтоохтортон киирбит кэккэ боппуруостарга толору хоруйдары биэрдэ. Бу туһунан баһылык бэйэтин телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдэ.

Мин Степан Саргыдаевтан бу тэрээһин көдьүүһүн, суолтатын туһунан ыйыппыппар, кини маннык хоруйдаата:

Быйылгы сылга куйаар ситиминэн дьоммун-сэргэбин кытта социальнай ситим нөҥүө бу бэһис кэпсэтиим. 30-тан тахса араас ис хоһоонноох ыйытыы киирдэ. Биллэн турар, дойдум дьонун кытта маннык кэмиттэн кэмигэр кэпсэтии  олус наада. Үлэбэр да көмөлөөх, араас суолталаах этии да киирэр. Онон сайыҥҥы түбүктээх үлэ түмүктэнэн, аны хомуур, кыстыкка бэлэмнэнии, саҥа үөрэх дьыла саҕалыыныытыгар түбэһиннэрэн күһүҥҥү кэпсэтии буолла. Ити курдук, сыл бүтүөр диэри сүбэлэһэрбит, санаа атастаһарбыт үгүс. Түгэнинэн туһанан, дьоммор-сэргэбэр быһа эпииргэ көхтөөхтүк кыттыбыттарыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин.

What’s your Reaction?
+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

34 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago