Чурапчы улууһун дэлэгээссийэтэ байыастарга көмөлөһөр
ДНӨ уонна ЛНӨ баар тирэх пууннарга Чурапчы улууһун дэлэгээссийэтэ 1,5 туоннаттан тахса гуманитарнай көмөнү тиэртэ.
Дэлэгээссийэни Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев салайар.
«Запорожскай, Донецкай, Луганскай хайысхаларынан сылдьар Саха сирин байыастарыгар биһиги матасыыкыллары, тепловизордары, сибээс сириэстибэлэрин, хаххалыыр сиэккэлэри, аһы-үөлү тиэртибит. Дьиэлэрин аһын-үөлүн тутаннар, уолаттар олус үөрдүлэр. Биһиги дэлэгээссийэбит бу онус сырыыта», — диэн иһитиннэрэр Степан Саргыдаев.
Кини маннык көмөлөһүү байыастарга тирэх буоларыгар, күүһү-уоҕу бөҕөргөтөрүгэр, санааларын күүһүрдэригэр эрэнэр. Гуманитарнай көмө Чурапчы улууһун көхтөөх дьоннорун уонна тэрилтэлэр көмөлөрүнэн, өйөбүллэринэн оҥоһуллубут.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: