Чурапчы улууһун миэдиктэрэ «КамАЗ»-нан 83 сырыыны оҥорбуттар

Share

Чурапчы улууһун П.Н.Сокольников аатынан киин балыыһата КамАЗ массыынаҕа мэдиссиинэ тэрилин тиэнэ сылдьан көхтөөхтүк үлэни ыытта.

Ол курдук, дьону эмтиир, көрөр-истэр аныгы комплексы «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын» судаарыстыбаннай бырагырааманан бэриллибитэ. Бу комплекс 2022  сыллаахха бэриллибит.

«Комплексы ылыахпытыттан бу сыл от ыйыгар диэри уопсайа 83-тэ Чурапчы улууһун бары нэһилиэктэригэр сылдьан нэһилиэнньэҕэ мэдиссиинэ өҥөтүн оҥордубут», — диэн Чурапчы улууһун киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Николай Сивцев иһитиннэрдэ.

Ол курдук, нэһилиэктэринэн сылдьарга терапевт, эндокринолог, УЗИ, онколог, харах бырааһа сылдьыбыттар. Уопсайа 8,5 тыһ. киһини көрбүттэр, 1,5 тыһ. анаалыс, олор истэригэр онкомаркердар оҥоһуллубуттар. Маны сэргэ, ааспыт сыл сайыныгар Чурапчы улууһун киин балыыһата көһө сылдьар «ФлюМамм» диэн рентген оҥорор тэрили туппута. Саҥа тэрил күлүүһүн кылаабынай бырааска Николай Сивцевка Ил Дархан Айсен Николаев тус бэйэтэ туттарбыта. Бу тэрилгэ уопсайа 2 тыһ.кэриҥэ флюорография чинчийиитэ, ону сэргэ 1,5 тыһ. маммография оҥоһуллубут. Онон ыарыыны эрдэттэн бохсорго сүрүн хардыылар оҥоһуллубуттар.

«Маннык көһө сылдьар комплекстар  ыраах улуустарга, нэһилиэктэргэ олороочуларга саҥа хайысха быһыытынан буолар. Ыарыыны эрдэттэн сэрэтэргэ, мэдиссиинэ көмөтүн кэмигэр оҥорорго туһуланаллар», — диэн СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева бэлиэтээтэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

4 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

5 часов ago