Чурапчы улууһун Мындаҕаайы сэлиэнньэтигэр саҥа оскуола аһылынна

Share

Саха сиригэр саҥа орто оскуола аһылынна – Чурапчы улууһун Мындаҕаайы сэлиэнньэтигэр. Оскуоланы Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан үлэлиир “Комплексное развитие сельских территорий” судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн туттулар. Бу иннинэ оскуола саахалланар туруктаах 1970 сыллаах мас, эргэ дьиэҕэ үлэлии олорбута.

Оскуола аһыллыытын үөрүүлээх тэрээһинигэр, тохсунньу 30 күнүгэр, бэлиэ түгэнинэн үөрэнээччилэри уонна кэлэктииби Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ.

“Оскуола саҥа дьиэтэ киирэн уонна аныгы тэрилинэн хааччыллан, үөрэх өссө умсулҕаннаах буоларыгар уонна оҕолор сыраларын түмэн үөрэнэллэригэр, саҥа ситиһиилэргэ сирдииригэр эрэнэбин. Учууталлар манна үлэлииллэригэр даҕаны табыгастаах. Биллэн турар, бу сэлиэнньэ салгыы сайдарыгар төһүү күүс буолуоҕа”, — диэн Ил Дархан эттэ.

Саха сирэ инникитин силигилии сайдарын туһугар, үөрэх уонна үүнэр көлүөнэни иитии боппуруостарыгар  бүгүн өрөспүүбүлүкэ салалтата бигэ тирэҕи уурарын Айсен Николаев бэлиэтээтэ.

20530 кв. м  иэннээх, 120 миэстэлээх икки мэндиэмэннээх таас дьиэҕэ оҕолор сайдалларыгар бары усулуобуйа тэриллибит, хостору аныгы тэрилинэн хааччыйбыттар. Манна үөрэнэр кылаастар, аһыыр сир, успуорт уонна аактабай саалалар, бибилэтиэкэ, үлэ уруогар аналлаах мастарыскыай, мэдиссиинэ блога, таҥас уларыттар уонна куруһуоктары ыытар хостор бааллар.

“Биһиги оҕолорбутугар анаан усулуобуйа тэрийбиккитигэр педагогтар, төрөппүттэр уонна үөрэнээччилэр ааттарыттан махталбытын биллэрэбит. Оскуолабытын бүтэрээччилэр Саха сирэ, дойду сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэригэр эрэнэбин”, — диэн оскуола дириэктэрэ Виктория Пермякова эттэ.

Күн бүгүн оскуолаҕа 102 оҕо үөрэнэр, 30 учуутал үлэлиир.

“Биһиги мантан инньэ маннык улахан уонна кырасыабай оскуолаҕа үөрэнэрбититтэн олус үөрэбин! Бэйэбит успуорт саалаламмыппытыттан ордук үөрдүм”, — диэн 5-с кылаас үөрэнээччитэ Антон Игнатьев бэлиэтиир.

Санатан эттэххэ, кэлиҥҥи 5 сылга Саха сирин 33 тыһ. тахса үөрэнээччитэ үөрэх саҥа инфраструктуратынан хааччылынна. Аҥардас ааспыт сылга өрөспүүбүлүкэҕэ 6 уһуйаан уонна 14 оскуола үлэҕэ киирдэ, олор истэригэр эрэгийиэҥҥэ саамай улахан Дьокуускай куорат Прометей түөлбэтигэр оскуола уонна тыа сиригэр саамай улахан оскуола Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр. Быйыл 6 уһуйааны уонна 18 оскуоланы үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

6 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

6 часов ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

7 часов ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

7 часов ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

8 часов ago