Чурапчы улууһун баһылыга Степан Саргыдаев Ил Дархан Айсен Николаев «Быһа лииньийэтин» туһунан санаатын үллэстэр:
— Бэҕэһээ Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө, балаҕан ыйын 24 күнүгэр киэһэ 19:00 чаастан быһа эпиирин бука бары болҕойон көрдүбүт-иһиттибит.
Айсен Сергеевич Николаев ыйытыыларга хоруйдууругар өрөспүүбүлүкэ инники сайдыытын стратегическай хайысхаларын, сүрүн соруктарын олоххо киллэрии хайдах баран иһэрин кытта ыкса сибээстээн, киэҥник хабан киһи астынарын курдук толору сырдатта. Кини суолу-ииһи, дьиэни-уоту тутуу, хаарбах дьиэттэн көһөрүү, ОДьКХ уонна энэргиэтикэ, гаастааһын, түргэн интэриниэтинэн хааччыйыы, байыаннай эпэрээссийэҕэ Саха сирин көдьүүстээх көмөтүн, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар социальнай өйөбүлү күүһүрдүү, доруобуйа харыстабылын, үөрэх, тыа хаһаайыстыбатын тула ыйытыыларга сиһилии хоруйдаата.
Бу күннэргэ Чурапчы улууһуттан гуманитарнай көмөнү тиэрдиигэ уолаттарбытыгар баран кэлбит буоламмын, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын бүгүҥҥү быһа эпииригэр «Вместе — к Победе!» өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйаны тэрийбитин туһунан иһитиннэриитин сэргии иһиттим. Бу хамыыһыйа байыаннай дьайыыга кыттар байыастар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрин кыһалҕалаах, быһаарыллыбатах боппуруостарын суһаллык быһаарыыга анаан үлэлиэхтээх диэтэ. Хамыыһыйаны эрэгийиэн баһылыга Айсен Сергеевич тус бэйэтэ салайыахтаах. Солбуйааччыларынан СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов уонна Москваҕа Саха сирин бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Андрей Федотов анаммыттар. Буойуттарбытыгар көдьүүстээх көмөнү оҥорууга хара бастакыттан быһаччы үлэлээн кэлбит салайааччылар буолалларынан, быһаарылла илик кыһалҕалар тутатына туоратыллан иһиэхтэригэр эрэнэбин.
Маны сэргэ биһиэхэ, илин эҥээр улуустарга суолталаах боппуруоһу таарыйан, сиһилии кэпсээтэ. Ол курдук, Өлүөнэ эбэни туоруур күргэни уйан-тутан туруохтаах үс бөҕө-таҕа улахан тирэх сыбаайалары бетонтан оҥорууга үлэлиэхтээх икки собуот өрүс уҥа-хаҥас өттүгэр бэлэмнэнэ турарын туһунан иһитиннэрдэ. Бу сыбаайалар балтараалыы миэтэрэ диаметрдаах гына оҥоһуллан, 28 миэтэрэттэн ордук дириҥҥэ түһэриллиэхтээхтэр. Бу муоста биһиги улуу эбэбит ирэр-тоҥор бары усулуобуйаларын, сааскы көмүөлүн күүһүн учуоттаан тутуллуохтаах. Онон ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар Арассыыйаҕа бүгүҥҥү күҥҥэ ханна да тэҥнээҕэ суох ураты тутуунан буолуохтаах. Бөҕө-таҕа күргэ тутулуннаҕына, уһун сылларга өрөспүүбүлүкэ уонна улуустарбыт сайдыыларыгар, бука барыбытыгар көдьүүстээхтик сулууспалыа диэн эрэл улахан.
Ил Дархан быһа эпииригэр өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһын төрүттээбит Платон Ойуунускай, Максим Аммосов, Исидор Барахов, Степан Васильев, Степан Аржаков, Иван Винокуров курдук саха чаҕылхай уолаттара, Саха сирин саҥа кэмин сөптөөх хайысханан эрэллээхтик сирдээбит бастакы Бэрэмидьиэммит Михаил Ефимович Николаев хаалларбыт үтүө нэһилиэстибэлэрин салгыы сайыннарыах тустаахпытын бэлиэтээһинэ – өрөспүүбүлүкэни салайыыга утум күүстээҕин, ытык дьоммут ыра санаалара туолан иһиитин туоһутунан буолла.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…