Чурапчы ыччатын десана нэһилиэктэринэн сылдьан саҕалаата
Ааспыт бээтинсэҕэ Чурапчы улууһугар Хадаарга, Хайахсыкка, Чакырга олохтоох ыччат десана нэһилиэктэринэн сырытта.
Ыччат десаныгар Чурапчы улууһун дьаһалтатын ыччат бэлиитикэтигэр салайааччыта, Ыччат балаататын чилиэнэ, психологический киин психолога, «Движение первых», АПМРИ волонтерскай хамсааһын куратора, ЧГИФКСИ волонтерскай киинин, «Эрэл» эдэр педагогтар ассоциацияларын бэрэстэбиитэллэрэ киирдилэр диэн Чурапчы улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Кинилэр нэһилиэктэргэ сылдьан үлэлэрин билиһиннэрэн, бэйэлэрин кэккэлэригэр киирэргэ ыҥырдылар. Хадаарга былырыын саҥа киирбит Тыа сирин сайдыытын киинэ тэрээһиннээхтик көрүстэ. Кылгас соҕус бириэмэҕэ бырагырааманан бэйэни билиһиннэрии, ыстаансыйанан оонньуулар, бырайыагы толкуйдааһын, флешмобу устуу, оһуохай, дискотека, гитаралаах ырыа тэрилиннэ.
Ити курдук десант Саҥа дьылга диэри улуус нэһилиэктэрин барыларын хабыахтаах. Маннык сырыы сыалынан-соругунан хас биирдии нэһилиэккэ ыччат лиидэрэ баар буоларын ситиһии, эдэр ыччаты түмүү, волонтердар хамсааһыннарын сайыннарыы, улуустааҕы эдэр ыччат уопсастыбаннай түмсүүлэригэр ыччаты ыҥырыы, эдэр ыччат киинин үлэтин билиһиннэрии буолар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: