Чурапчыбыт аатын үрдүк таһымҥа таһаарбыт суруйааччыбыт

Share

Дьуон Дьаҥылы төрөөбүтэ 110 сыла

Мин 1974 сыллаахха армияҕа сулууспалыы сылдьан, уоппуска ылан,
дойдубар Саха сиригэр кэлэн сынньанан барбытым. Ол кэмҥэ дьонум Майаҕа
олорор этилэр, кылгас уоппуска ылан кэлбиппин истэн таайым, биллиилээх
суруйааччы, лирик поэт, прозаик, публицист Алексей Спиридонович Бродников
миигин көрсөөрү куораттан Майаҕа тахсыбыта. Кини биһиэхэ сылдьан
ыалдьыттаан, бииргэ төрөөбүт балтынаан, ийэбинээн Евдокия
Спиридоновналыын сүрдээх истиҥник иһирэхтик кэпсэтэн, хонон-өрөөн баран,
куоракка киирэригэр миигин, быраатым Володя Макаров (суруйааччы, поэт Г.И.
Макаров-Дьуон Дьаҥылы уола) Москваҕа эстраднай мастерскойга “Чороон”
ансаамбыл коллективын кытта бииргэ үөрэнэн кэлбитин туһунан кэпсээбитигэр
бырааппын көрсөөрү, үөрүүнэн таайбынаан аргыстаһан, Дьокуускай куоракка
киирбиппит. От ыйын саамай өҥүрүк куйаас күннэрэ сатыылаан турар кэмнэрэ
этилэр. Мин таайым Алексей Спиридонович көрдөһүүтүн ылынан, байыаннай
формабын кэтэн куораттаабытым, инньэ гынан өҥүрүк куйааска буһан өлө
сыспытым. Дзержинскай уулуссанан дьоммутугар, кырдьаҕас эдьиийим аахха
Мария Афанасьевна Макарова-Аайалаах дьиэлэригэр баран иһэн, уулуссаҕа
байыаннайдары көрүстэхпинэ чиэс биэрэн иһэрим. Ол аайы таайым тэйиччиттэн
көрө-көрө ис иһиттэн олус үөрэн астынан: “Оо, уолум дьэ дьиҥнээх байыаннай
киһи буолбуккун», — дии-дии үөрэ-көтө, кэпсии-ипсии иһэрэ бу баарга дылы.
Эдьиийбит аахха тиийбиппит, Аайа ыалдьан олорор этэ. Сирэйиттэнхараҕыттан биллэ көстөр гына улаханнык мөлтөөбүт көрүҥнээҕэ. Кыыһа Альбина
остуолга ас тардан, таайым биһигини чэйдэппитэ. Алексей Спиридонович оҕо
эрдэҕиттэн бииргэ үөскээн, алтыһан улааппыт эдьиийин ыалдьарын билэр эбит
этэ. Ол даҕаны иһин буолуо ытыктаан, истиҥник-иһирэхтик кэпсэтэ, уруккунухойуккуну санаһа кэлбит быһыылааҕа. Аайа миигин кытта кэпсэтэ олорон:
«Балтым Дьэбдьиэ оҕолоро хайыы-үйэҕэ улааппыттар. Көмө дьоно буолар
буолбуттар, кытаатан ийэҕитигэр күүс-көмө буолун. Билиҥҥи дьалхааннаах үйэҕэ
үчүгэйдик сылдьыҥ»,-диэн алҕаабыта. Кырдьаҕас эдьиийбитин Мария
Афанасьевнаны-Аайаны Чурапчыга олордоҕуна даҕаны ахсааннаахтык көрсөр
этибит. Наһаа ис-иһиттэн холку, үтүө майгылаах, сахалыы айылгылаах, киһи
киэнэ кэрэмэһэ этэ. Мин бырааппынаан Володялыын үксүн таайым аах
дьиэлэригэр, балтым Саргы дьүөгэлэринээн бииргэ алтыһан эдэр сааспыт
ааспыта. Быраатым Виктор, Дьуоннар кыра уолларынаан Сашалыын (оҕо сылдьан
тапталлаах аата Заяц диэн этэ) эдэр эрдэхтэриттэн бииргэ сылдьыбыттара.
Кинилэр ордук музыканан, гитаранан иккиэн үлүһүйэр, ансаамбылларга оонньуур
буоланнар уопсай тылы судургутук, түргэнник булар быһыылаахтара. Олус
тапсаллара, хардары-таары ыалдьыттаһан сылдьаллара, биир өйүнэн-санаанан
олоҕу олорбуттара. Хомойуох иһин, икки айар куттаах талааннаах ыччаттар, эдэр
саастарыгар хомолтолоохтук олохтон туораабыттара.
Ити куоракка киирэ сылдьан, таайбынаан Аайалаахха сылдьыым биир
өттүнэн кырдьаҕас эдьиийбит өрүттүбэт ыарахан ыарыыга ылларан олороро
киһиэхэ курус санааны үөскэппитэ. Ол эрээри, эдэр дьон буоларбыт быһыытынан
быраатым Володя, Сэбиэскэй Союзка биллэр эстраднай мастерскойга сахалартан
биир бастакынан «Чороон» ансаамбыл айар коллективын кытта, Москваҕа
үөрэнэн кэлбитэ эмиэ даҕаны киһини үөрдэрэ, санааны көнньүөрдэрэ.
Быраатым хоһугар киллэрэн, буһан-хатан тиритэн сөп буолан кэлбит
байыаннай таҥаспын уһултаран, Москва курдук сиртэн бэйэтигэр анаан ылбыт, ол
кэмҥэ мээнэ көстүбэт ыарахан сыаналаах джинсовай көстүүмүн уонна ойуулаах,
суруктаах-бичиктээх футболкатын уларсан, баспыттан атахпар тиийэ муодунай
таҥастанан, саха тэҥэ суох сананан куоракка күүлэйдии барбыппыт. Сарсыныгар
быраатым кэргэн ылаары сылдьар кыһыын Муся Вешникованы (суруйааччы Баал
Хабырыыс аймаҕа) көрсө аэропорка киирбиппит. Муся Ленинград куоракка Н.К.
Крупская аатынан култуура институтун библиотечнай отделениетын бүтэрэн
кэлбитэ. Мин ол кэмнээҕи сырдык өйдөбүлбүнэн сүрдээх үчүгэй нарын-намчы
быһыылаах-таһаалаах, хартыынаҕа көстөр курдук муодунай былааччыйалаах
сиртэн-буортан тэйбит курдук эдэркээн кэрэ кыыс самолеттан түһэн кэлбитэ
билигин даҕаны харахпар көстөргө дылы. Дьэ, ити курдук быраатым Володя ыал
буолбута, эдэр дьон дьоллорун холбообуттара.
Мин манна биир бүччүм санаабын үллэстиэхпин баҕарабын, кырдьаҕас
эдьиийбит Аайа төһө даҕаны ыарахан ыарыыга ыллара сырыттар, оҕото, уола
Володя үөрэҕи бүтэрэн, кийиит кыыһы батыһыннаран кэлбитигэр төһөлөөх үөрэн,
санаата көнньүөрэн, олоҕун үтүө кэмнэрин эргитэ санаан көрбүтэ буолуой? Эдэр
саас, бастакы ыал буолуу хайа да киһиэхэ умнуллубат дьоллоох түгэннэр
буоллахтара ээ. Ол иһин мин манна сыһыары тутан таайым, истиҥник саныыр,
ытыктыыр киһим Алексей Спиридонович Бродников күтүөтэ Гаврил Иванович
Макаров-Дьуон Дьаҥылы Аайалыын саҥа ыал буолан холбоспут күннэригэр
көрсүһүүтүн уонна икки айар куттаах талааннаах дьон Чурапчыларын аатынсуолун өрө тутан, үрдэтэн, бииргэ алтыһан, айымньылаахтык үлэлээбит киэн
туттар суруйааччыларбыт истиҥ сыһыаннарын билиһиннэрээри, Дьуон Дьаҥылы
төрөөбутэ 110 сылын бэлиэтиир үөрүүлээх күннэргэ Алексей Спиридонович
Бродников архыыбыгар (таайым библиотекатын балтым Саргылаана Алексеевна
өр кэм устата кичэллээхтик ууруллан сыппытын миэхэ биэрбитэ). Фронтовик,
биллиилээх поэт, тылбаасчыт Гаврил Иванович Макаров — Дьуон Дьаҥылы
туһунан ахтыытын манна толору биэрэн киллэрэргэ сананным. Ол курдук, күндьыл ааһан истэҕин аайы сорох өйдөбүллэр умнуллан иһиэхтэрэ. Оттон суруккабичиккэ бэлиэтэнэн киирбит үйэ-саас тухары киэҥ эйгэҕэ тарҕана, дьон өйүгэр
санаатыгар дириҥник иҥэ туруоҕа диэн бигэ эрэллээхпин.

Дьуон Дьаҥылы (ахтыы)

Алексей Бродников.

«Сайын этэ. Арай биирдэ дьонум эттилэр: -«Аайа кыыс эргэ тахсан эрэр үһү,
эн чутас оройуон киинигэр олорор киһи тахсан билсэ сырыт. Уруу-сыбаайба
оҥорор үһүлэр дуо? Туома баай, суруйааччы киһиэхэ барбыт», — диэтилэр. Мин
олус соһуйа иһиттим, Аайа эргэ бара оҕустаҕа дии санаабат этим. Манна даҕатан
эттэххэ, Аайа биһиги үстээх-түөртээх сааспытыттан биир тэлгэһэҕэ иитиллэн
үөскээбиппит. Саас хаардаахха чалбахха сөтүөлээн тымныйан ыалдьан
ыҥаалаабыт аҕай дьоннор этибит. Хайа уонна кини ийэтэ Маайа биһиги
эдьиийбит, абаҕабыт Өлөксөй Бродников кыыһа буоллаҕа дии. Поэт Күн
Дьирибинэ (Степан Афанасьевич Саввин), артыыс Виктор Афанасьевич Саввин,
Аайа бииргэ төрөөбүт убайдара, онон бары хаан-уруу аймахтыы да буоллахпыт
дии. Виктор Саввин, Дьокуускайга Саха театрыгар үлэлии киириэр диэри Виктор
Бродниковынан сылдьыбыта. Бастакы кэргэнин Өлөөнөнү, Төлөйгө Дьуодьалыга
(билигин Бродниковтар алаастара) биһигини кытта олорон ылбыта. Үс хонуктаах
уруу буолбута. Ол кэргэниттэн Афанасий Бродников диэн худуоһунньук уоллаах
этэ, кини сааһын тухары Мэҥэ-Хаҥалас Павловскайыгар олорбута. Айар үлэтинэн
дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник биллибитэ.
Ити кэнниттэн сотору буолаат, дьонум үлэхтэрин толорон, күтүөтү көрө,
Чочоолоптор олохторугар Хара Уулаах диэн сиргэ тиийдим. Хоһо суох эргэ
нуучча дьиэтигэр олороллор этэ. Дьиэҕэ киирбитим бары баар эбиттэр. Чочоолоп
уола-Охонооһой Саабын оҕонньор (Аайа аҕата) ирэ-хоро кэпсэттэ. Эдьиийим
Маайа остуолга ас татта. Тэйиччи сурук остуолугар кыра уҥуохтаах мотох курдук
киһи тугу эрэ суруйар. Сэрэйдэххэ күтүөт буоллаҕа буолуо. Суруйарыгар буолан
мин диэки хайыһан да көрбөтө.
Аайа ийэтэ Маайа: «Бу- кынныһаҕым, мин быраатым Өлөксөй Бродников
кэллэ»,- диэн күтүөтүгэр миигин билиһиннэрдэ. Онуоха били эдэр киһи ойон
туран, миэхэ утары мотоһуйан кэллэ. Онно өйдөөн көрбүтүм туруору кыргыылаах
баттахтаах, хайдах эрэ хотостугас сирэйдээх киһи илиитин биэрэ-биэрэ:
«Ганябын», — диэтэ. Аһаан бүтэн баран, бии суруйар кумааҕытын үрдүгэр түстэ
уонна суруйа сылдьар «Уйбаанчыгын» аахта. Мин олус сөбүлүү иһиттим. Ол
гынан баран, остуолун анныгар кумаламмыт кумааҕы ыһылла сытарын көрөн
баран ыһыллаҕас, соҕус киһи быһыылаах дии санаатым. «Уйбаанчык» диэн
хоһоонунан романын оччоттон суруйа сылдьар эбит этэ. Суруйар остуолун
үрдүгэр хоһоон бөҕөтө суруллубут кумааҕыта кутулла сытара. Онно биир хоһоон
ойоҕоһугар «Түөйэлээхэп» диэн илии баттаммыт этэ. Ону көрөөт сүрэҕим «бар»
гына түстэ, күтүөтүм Түөйэлээхэп эбит дии санаатым. Оччоҕо оройуоннааҕы
«Социализм суола» хаһыакка, «Кыымҥа», «Эдэр бассабыыкка» да нүөмэр аайы
хоһооннор олус чаастатык тахсаллара. Онно Түөйэлээхэп хоһоонноро эмиэ
үтүстүк бэчээттэнэллэрэ. Ол гынан баран, Түөйэлээхэби бу диэн билбэт этим. Дьэ,
бу соһуччу көрүстэҕим. Мин аны кыбыстан, «кутуйах хорооннонон» дьулайан
бардым. Дьонум бары “хон” дии сатаабыттарын буолумматым. Эдьиийим Маайа:
«Оҕонньор бэһиэнньик өлөрбүт, хонон бар нохоо»,-диэбитин үрдүнэн атахха
биллэрдим. Ганя дьиэ таһыгар тахсан кэннибиттэн көрө хаалла. Дьуон
Дьаҥылыны кытта бастакы көрсүһүүм ити курдук саҕаламмыта.
Биирдэ Аайалаах куоракка көһөн киирбит сурахтара иһилиннэ. 1940
сыллаахха куоракка киирэ сылдьан, Аайалаахха тиийдим. Оччолорго кинилэр
Саха театрын олбуорун иһигэр кыра таас дьиэ баарыгар олороллоро. Уруккута
аҕабыыт олорбут, Собор таҥаратын дьиэтэ эбитэ дуу? Кинилэр олорор дьиэлэрин
таһыгар сүүрбэччэ оҕо Ленинградка театр үөрэҕэр бараары гитараҕа оонньуу,
ыллыы-туойа олороллоро. Ол оҕолор ортолоругар Чурапчылар эмиэ бааллара,
Афанасий Попов (Кылыыһыт отоһут уола), Анастасия Тихоновна Старостина,
уо.д.а. Дьуон Дьаҥылылыын иккис көрсүһүүм онно буолбута. Кини оччоҕо
издательствоҕа үлэлиир быһыылааҕа. Ити иннинэ Чурапчытааҕы педучилищеҕа
үөрэнэн иһэн куораты булбута.
Кэлин армияттан кэлэн баран, дьэ, дьиҥнээхтик бодоруспуппут. Сэрии
кэнниттэн урукку эргэ музыкальнай оскуола буола сылдьыбыт дьиэ соҕуруу
кынатыгар олорбуттара. Мин ол кэмҥэ Дириҥ детдомугар завуһунан үлэлии
сылдьар этим. Чурапчыга киирдэрбин эрэ кинилэргэ күүлэйдии тиийэрим. Ити
бириэмэҕэ олохтоох музей дириэктэрэ Андрей Андреевич Саввин (Аайа аҕата
Афанасий Андреевич Саввин — Чочоолоп уолун инитэ, биллиилээх краевед,
этнограф, фольклорист) кинилэргэ дьиэлэнэн олороро. Биирдэ Чурапчыга
наадабар киирэ сылдьаммын куолубунан Дьуон Дьаҥылылаахха ыалдьыттыы
тиийдим. Күнүс чэйдии олороммун, биэс-алта хоһоонноохпун Дьуоҥҥа көрдөрө
биэрдим:-» Көр эрэ, туох эмэ тахсыыһы дуо?»,- диэн ыйыттым. Киһим улаханык
сэргэҕэлээтэ, аахта уонна:-“Дьэ, доҕоор, куһаҕан «ыарыыга» ылларбыккын. Манан
олох дьарыктаныма. Мин айар үлэнэн дарыктанаары этим-тириим баранна»,-
диэтэ. Ону истэн олорбут Өндөрүүскэ Саввин өрө хабылла түстэ: — «Ээ барахсан,
бэрт киһи эн эрэ бэйиэттээ. Литератураҕа, искусствоҕа дьону тарда сатыаххын
билбэккэ, таҥнары сабатаастыы олороҕун. Баҕар улахан бэйиэт бу сылдьара
буолуо»,-дии-дии туран төттөрү-таары хаамыталаата. Дьуон тугу да саҥарбата.
Хайдах эрэ кыбыстыбыт, симиттибит курдук буолла. Хоһооннорбун ылан хат-хат
аахта:-«Кыратык көннөрбүт киһи сороҕун бэчээккэ биэриэххэ сөп эбит»,- диэтэ.
Мин хоһооннорбун ылан сиэппэр уктан кэбистим. Хара маҥнайгыттан «иннибин
быһа этэн кэбиһэн», киһи сыстыа-сүбэлэтиэ суох киһитэ быһыылаах диэн быһа
«уураахтаан», аны киниэхэ көрдөрүө суохпун диэн санааны ылынным.
Кэлин Чурапчыга военкомат таһыгар дьиэ туттубуттарын кэннэ куруутун
сылдьарым, хонорум. Элбэҕи кэпсиирэ, сүбэлиирэ, хоһооннорбун ырытара.
Литературнай институтка үөрэнэ барарыгар библиотекатын барытын миэхэ
биэрбитэ. Литературнай институтка элбэх доҕордоммутун кэпсиирэ. «Евгений
Онегины» уонтан тахса сыл илиибиттэн араарбакка тылбаастаатым диирэ.
Институтка барыан иннинэ эрдэ тылбаастаабыт икки бастакы главаларын хат
саҥалыы тылбаастаабыта үһү. Пушкин бу сүдү айымньытын тылбаастаабыт дьон
Лауреат, биитэр Социалистическай Үлэ Геройа буолаталаабыттар. Оттон миэхэ
туох да сыанабыл суох диэн, хом санаатын биирдэ быктаран аһарбыта. “Поэт
киһи наһаа тылбааска охторо куһаҕан эбит. Мин наар Пушкины үтүктэ сылдьар
буолан хааллым”- диирэ.
-«Дьуон Дьаҥылы» диэн ааты тоҕо ылыммыккыный, туохтан ситимнээн ити
аат эйиэхэ тигистэ? «, — диэн биирдэ сөтүөлүү бара сылдьаммын, холус соҕустук
ыйытан турардаахпын. Киһим күллэ, мин диэки көрбөхтөөтө. Арааһа ыйытыым
ыпсыыта суоҕуттан эбитэ буолуо. Ол да буоллар, эппиэттээтэ:-«Эллэй
бэлэхтээбит аата. Кини Түөйэлээхэп да, Массыныыс Хабырыыс да диэн ааттаргын
бырах. Аны Дьуон Дьаҥылы диэн буол, эн саха оҕото буоллаҕыҥ. Ол аата
бухатыыр сиэнэҕиҥ. Бары даҕаны олоҥхо бухатыырдарын удьуордара
буоллахпыт»-, диэбитэ. -«Дьэ ити аат историята итинник»,- диэн баран эмиэ
мүчүҥнээн ылбыта.
Күһүн үөрэх аһыллыбытын кэннэ Чурапчыга киирэ сылдьан, кинилэргэ
хонор буоллум. Гаврил Иванович дьиэтигэр баар эбит, оскуолаҕа литературнай
куруһуогун уочараттаах занятиета буолуохтааҕын эттэ. Миигин барыс, мин ыытар
куруһуокпар сырыт диэтэ. Мин үөрүүнэн ылынным. Куруһуогар уон икки
оҕолоох эбит. Бу сырыыга биир уола кэлбэтэх. Тоҕус кыыһы кытта, икки уол
баар. Оҕолор иккилии хоһоону суруйан аҕаларга сорудах ылбыттар. Дьуон
Дьаҥылы уон биир оҕо хоһоонун барыларын аахтарда уонна биирдии-биирдии
ырытта. Хас биирдии хоһоонтон көрдөнөр ирдэбили барытын ымпыгар-чымпыгар
тиийэ иҥэн-тоҥон ырытта. Кэлин бүтэһигэр уопсай түмүк оҥордо. Олус да
кыһаллан, ис сүрэҕиттэн нуустатын ууран туран ырытар, сүбэлиир эбит диэн мин
бэлиэтии санаабытым. Кэлин Дьуон-Дьаҥалы литературнай куруһуогар биирдэ
эмит сылдьар буолар этим. Онтон элбэххэ үөрэммитим, онтукам кэлин бэйэм
литературнай түмсүүнү салайан үлэлэтэрбэр сүрдээҕин көмөлөспүтэ.
***
Дьуон Дьаҥылы Чурапчыга элбэх истиҥ доҕоттордоох этэ. Олор истэригэр
сааһын тухары учуутал Федоров Петр Николевич, быраас Брысгаев Дмитрий
Титович, Захаров Роман Егорович, Софронов Степан Феоктистович, Дьячковскай
Василий Егорович, Шестаков Василий Егорович, уо.д.а. Дьуон Дьаҥылы олус
хайҕыыр, элбэхтик көрдөрөр саалаах этэ. Ону истиҥ доҕоругар Федоров Петр
Николаевичка бэлэхтээбитин туһунан биирдэ миэхэ кэпсээн турардаах. Соҕуруу
Москваҕа Литературнай институтка үөрэнэ сылдьан, доҕоро Феоктист Софронов
үөрэҕиттэн уурайан хаалбытыгар Малай театрга үөрэнэ сылдьар саха оҕолорун,
студеннары үөрэтэр, учууталлыыр үлэтин туран биэрбитин кэпсээбитэ. Дьуон
Дьаҥылы чугас дьонун-доҕотторун ол курдук өйүүр, көмөлөһөр үгэстээх этэ.
Дьуон Дьаҥылы төрөөбүт оройуонун, сирин-уотун, дьонун-сэргэтин олус
таптыыра. Үөрэнэ сылдьан, Москваттан сайын аайы Чурапчытыгар кэлэн
сынньанан, бултаан-алтаан барарын олус сөбүлүүрэ, таптыыра. Ол туһунан
суруйбут хоһоонноруттан даҕаны ааҕан билсиэххэ сөп:
…Чурапчы, мин дойдум Чурапчы,
Үчүгэй даҕаны аатын,
Тыаҕар, чараҥҥар лыҥкыначчы
Трактор, массыына ыллаатын.
Кыайыы иннэ диэн туруннугут
Кыра оҕолор, дьахталлар,
Үгүс үтүөнү оҥордугут
Мин дьоннорум Чурапчылар…
(«Чурапчыга» диэн хоһоонтон)
Эбэтэр Японияны утары кыргыһыыга сэриигэ сылдьан суруйбут хоһоонугар
бу курдук эппиттээх:
…Сааһар сэриигэ бастааччы,
Снайпер, бастыҥ кыдыйааччы
Ойуун, артист, суруйааччы
Ууһаабыт сирэ баар Чурапчы…
Дьуон Дьаҥылы суруйааччы доҕотторун уоһуттан өрүү түһэрбэт этэ. Олус
элбэхтик ахтара, кэпсиирэ. Оччоҕо мин литератураҕа тардыһар киһи
ыйыталаһарым, моһуйсарым үгүс буолара. Ону ол диэбэккэ барытыгар киһини
астыннарар гына эппиэттиирэ. Поэт Иннокентий Илларионович Эртюков
дьиҥнээх истиҥ доҕоро эбит этэ. Ол Дьуон Дьаҥылы истиҥ кэпсээниттэн,
хоһоонноруттан уонна Иннокентий Эртюков Дьуоҥҥа анаабыт хоһоонноруттан
уо.д.а. ахтыыларыттан үгүс дьон-сэргэ билэрэ буолуо дии саныыбын.
Дьуон Дьаҥылы «Даачаҕа» диэн хоһоонугар бу курдук ахтан аһарбыттаах:
…Дьон буоллугут, Коля, Ганя,
Кеша биһи поэппыт,
/Ол эрээри, оччо аанньа
Поэт буола иликпит/.
……………………………..
Кеша гвардия киһитэ
Кинигэ таһаараҕыҥ,
Улаханы айыаҥ этэ,
Ону хаһан ааҕабыт.
Оттон оччоттон суруйар,
Үбүлүөйүн күүтэр Дьуон,
Үөрэммэтэх буруйугар,
Бүгүн эмиэ «устудьуон».
Дьуон Дьаҥылы дьиэтигэр түптээн-таптаан олорбута ахсааннаах.
Хоһоонугар этэрин курдук, айымньыларын «геройдарын» көрдөөһүнүгэр элбэхтик
кэлэрэ-барара, куораттыыра-тыалыыра, нэһилиэктэргэ даҕаны сылдьара. Онуоха
эбии бултуурун олус сөбүлүүрэ.
Биирдэ куораттан таҕыста. Үөрбүтэ-көппүтэ, санаата көтөҕүллүбүтэ
сүрдээх этэ:-“Таптал туһунан суруйбут лирическай хоһооннорум циклларын
көрөн, ааҕан баран, Уурастыырап олус хайҕаата, эйиэхэ бэринним диэтэ”,-диэн ис
иһиттэн көнньүөрэн олорон кэпсээбитэ. Владимир Михайлович кырылыйан турар
кырдьыгы эппит этэ. Ол эрээри, ол цикллар тустарынан «Кыымҥа» улахан
критическай ыстатыйа тахсыбыттаах «Дьуон Дьаҥылы алҕаһыыр»-диэн балтаччы
ааттаах. Ол ыстатыйаҕа Дьуон Дьаҥылы элбэх кыыһы таптыыр киһини суруйбут
диэн саба быраҕан этиллибит этэ.
Дьуон Дьаҥылы сороҕор олус түргэнник суруйталаан кэбиһэр идэлээҕэ. Ити
хаачыстыбата поэттарга үксүлэригэр да баар быһылаах. Дьуон Дьаҥылы
«Сылгыһытын» конкурс сарсын сабыллыа аҕыйах чаас иннинэ жюрига тиксэрэр
уонна маҥнайгы миэстэни ылар. Ол ырыа күн бүгүҥҥэ диэри ыллана сылдьар.
Үөрэҕи бүтэрэн кэлэн баран, хоту оройуоннарга сылдьыбатаҕын кэмсинэрэ.
Соҕуруу сырыттахпына, хоту дойду туһунан элбэҕи истиэхтэрин, билиэхтэрин
баҕараллара. Мин «Хоту дойду киһитэ» ааттаахпын уонна хоту дойду туһунан
тугу да булан кэпсээбэппиттэн олус кыбыстабын» — диирэ. Ити санаатын туһунан
элбэхтик кэпсиирэ. Суруйааччыларга да ахтара эбитэ буолуо.
Арай биирдэ Чурапчы оскуолатыгар учууталлыы сылдьан, биһиги
Хатылыга олордохпутуна кыһын ыалдьыттыы кэллэ. Элбэҕи кэпсэттибит.
Кэпсэтии үксэ булт, литература туһунан буолла. Күнүс эбиэттээтибит. Мииммит
үс эмис көҕөллөөх кус эттээх үтүө миин буолла. Дьуон олус сөхтө, үөрдэ:-
«Доҕоор Өлөксөй, улахан булчут киһи эбиккин, бу баччааҥҥа кыс ортотугар
диэри эмис көҕөллээх этинэн эмсэхтэнэ олордоҕуҥ тугуҥ бэрдэй. Оо, хаһан эрэ
саас буолар. Дьэ көрүлүөм, сынньаныам да этэ. Поэт киһи айылҕаҕа
сылдьыахтаах. Айылҕа киһини поэт оҥорор. Дьэ, хата, эн биһиги кыттыһыах.
Улуу сыһыыга икки дурда миэстэтин бэлэмнээбитим. Ону ким даҕаны
былдьаспат»,-диэтэ. Кустуу барарбытыгар сороҕор манан кэлэн миигин илдьиэх
буолла. Сороҕор болдьоһон баран дурдаҕа быһаччы тиийиэх буоллубут. Петр
Николаевич эмиэ кыттыһыа диэн быһаардыбыт. Ити кэпсэтии кини Аллайыаха
оройуонугар барыан аҕай иннинэ этэ. Ол Дьуон Дьаҥылы биһиги кини
тыыннааҕар тиһэх көрсүһүүбүт этэ. Ол саас мин кини миэстэтигэр куска
сыппатаҕым. Чурапчы райкомугар инструктор буолан көһөн киирэн хаалбытым.
Оттон Петр Николаевич Федоров кини миэстэтигэр куска сыппыта. Күтүөппүн
Дьуону ытыктаан уонна кэпсэтиибин бырааптаан, Петр Николаевичка биир түүн
хоноһолоон куска сытыспытым. Ол түүн Ганябыт туһунан ирэ-хоро
кэпсэппиппит.
Дьуон Дьаҥылы суруйааччыларга эрэ таптаппыт буолбатах, бар дьонугар
барытыгар таптаппыт-ытыктаппыт дьиҥ киһилии киһи, доҕор, табаарыс этэ. Ону
ааһан улахан дууһалаах, улахан поэт этэ. Дьуон Дьаҥылы туспа турар суоллаахиистээх поэт. Ити туһунан ким баҕарар этиэҕэ. Дэлэҕэ даҕаны Владимир
Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап курдук сүдү киһи Дьуон Дьаҥылы
айымньытыгар, истиҥ дууһатыгар сүгүрүйүө, тиһэх суолугар көмүс уҥуоҕун
көтөхсүө дуо? Дэлэҕэ даҕаны Дьуон Дьаҥылыны тиһэх суолугар атаарарбытыгар
ис-иһиттэн долгуйан саха литературата ыар сүтүктэммитин туһунан иэйэнкуойан, ытаан-соҥоон ити курдук киһи санаатыттан арахпаттык этиэ дуо? Ол
Чурапчы тыллаахха хаһан даҕаны умнуллуо суоҕа.
Дьуон Дьаҥылы Аллайыаха оройуонугар айар командировкаҕа бара
сылдьан, сүрэҕинэн эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Суруйааччылар Союзтарын
көмөлөрүнэн, тэрийиилэринэн Чурапчыга Братскай могилаҕа көмүллэ сытар.
Уҥуоҕун эргиирин суруйааччылар эмиэ тэрийбиттэрэ. Оттон улахан бюһа
үөрэммит уонна үлэлээбит Е.И.Курашов аатын сүгэр Чурапчы орто оскуолатын
икки этээстээх корпуһун аттыгар көстүүлээх миэстэҕэ турар. Биллиилээх
суруйааччы поэт, тылбаасчыт, фронтовик Гаврил Иванович Макаров-Дьуон
Дьаҥылы кэлин даҕаны кэнчээри ыччаттарга аата ааттана туруоҕа.
***
Дьэ, ити курдук, биһиги киэн туттар кырдьаҕас суруйааччыбыт таайым
Алексей Спиридонович Бродников Дьуон Дьаҥылы туһунан иһирэх, сылаас
илгэлээх ахтыыны суруйан хаалларбыта билигин саныахха олус үчүгэй.
Мин манна ордук чорботон бэлиэтиэхпин баҕарабын поэт, учуутал Алексей
Спиридонович үөрэппит уонна саха уус-уран литературатыгар хоннохтоохтук
үлэлээн киирэригэр айар суолун аартыгын аһан биэрбит. Биир тарбахха баттанар
бастыҥ үөрэнээччитэ, саха народнай суруйааччыта, тылбаасчыт, публицист,
литературнай критик, Саха Республикатын П.А.Ойуунскай аатынан
Государственнай бириэмийэтин лауреата, Чурапчы, Булун улуустарын бочуоттаах
гражданина Семен Андреевич Попов-Сэмэн Туматы. Кини 50-ча сыл устата
Дьуон Дьаҥылы литературнай нэһилиэстибэтин үөрэтэн, сырдатан, хоһооннорун,
поэмаларын хомуурунньугун (1974, 1986сс.) кинигэ оҥорон бэчээттээн, Улуу
Пушкин «Евгений Онегин» поэманан романын сахалыы тылбааһын 1976
сыллаахха хос таһааттаран, онтон салгыы 1994 сыллаахха «Дьуон Дьаҥылы»
диэн монографиятын суруйан, ити үлэтин «Евгений Онегин» сахалыы тылга
тылбаастаныыта» диэн лоскуйун «А.С.Пушкин уонна Саха Сирэ» (1999с.) диэн
кинигэтигэр киллэрэн. Ону таһынан саха суруйааччыларын айар үлэлэрин ырытан
көрдөрөр уонна сахалыы уус-уран айымньы сайдыытын историятын дириҥник
хорутан, сөптөөхтүк сыаналаан көрөргө туһулаан суруйбут «Эйгэ тардыыта»
(2003с.), «Эһиги истиҥ, мин сэһэргиим» (2004с.), «Өй-сүрэх көрдөбүлүнэн»
(2009с.) диэн кинигэлэригэр Дьуон Дьаҥылыны киэҥ хабааннаахтык сырдатан
кини аатын үйэтитиигэ туохха да тэҥнэммэт үтүө дьыаланы оҥорон хаалларан
кэлэри ситистэ. Өссө үөрүүлээҕэ баар, Г.И.Макаров-Дьуон Дьаҥылы төрөөбүтэ
100 сыла туоларынан сибээстээн, «Бичик» кинигэ кыһатыгар айар олоҕун биир
сүрүн үлэтинэн сыаналанар «Дьуон Дьалыҥы» (2013с.) диэн монографиятыгар
дириҥ ис хоһоонноох эбии матырыйааллары түмэн киллэрэн, иккис төгүлүн
таһааттаран, уус-уран литератураны чинчийиинэн утумнаахтык дьарыктанар
дьоҥҥо сүдү бэлэҕи оҥордо. Ордук киһи бэлиэтиирэ бу саҥа тахсыбыт
монографияҕа «Евгений Онегин» поэма сахалыы тылбаастаныытыгар, Дьуон
Дьаҥылыга көмөлөһөн саха суруйааччылара Эллэй, Чаҕылҕан, Тыаһыт, Феоктист
Софронов, Николай Габышев оҥортообут рецензиялара туспа салаа быһыытынан
киирбиттэринэн уратылаах. Бу рецензиялары үчүгэйдик ырытыы түмүгэр кэлин
тылбааска үлэлиир дьоҥҥо бэртээхэй көмө, үлэлэригэр туһалыыр методичка
(пособие) курдук туттан, айар үлэлэрин хайысхатын булалларыгар төһүү күүс
буолуон сөп. Уопсайынан, Сэмэн Андреевич үрдүк үөрэҕи бүтэрэригэр поэт
Дьуон Дьаҥылы туһунан дипломнай үлэтин көмүскүөҕүттэн ылата, өр сыллар
устата илиитин араарбакка, кини айар үлэтин дьаныһан үөрэппитин,
чинчийбитин, байыппытын түмүгэр, күн бүгүн биһиги фронтовик, поэт,
тылбаасчыт Г.И. Макаров-Дьуон Дьаҥылы айар үлэтин сүрүн тосхоллорун,
олорбут олоҕун, фроннааҕы, сэрии кэминээҕи хоһооннорун, олоҕун тиһэх
сылларын билсэр кыахтаахпыт.
Ордук чорботон, нуучча литературатын улуу генийэ А.С. Пушкин «Евгений
Онегин» хоһоонунан романын сахалыы тылбаастаабытын билсэммит, төрөөбүт
тылбыт хайдахтаах курдук сүдүтүн, имигэһин дириҥник ылынабыт.
Биһиги, чурапчылар киэн туттар суруйааччыбыт Дьуон Дьаҥылы «Ол, мин
дойдум Чурапчы» диэн хоһоонугар, мелодист Федор Гоголев матыыбыгар,
улууспут гимнин (Өрөгөй ырыатын) ылынаммыт, тапталлаах суруйааччыбыт
аатын өссө үрдүк таһымҥа тахсарын, киэҥ эйгэҕэ биллэрин бигэтик олохтоотубут.

Павел Федоров-Сомоҕо,
Россия суруйааччыларын Союһун чилиэнэ
Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Уус Алдан улууһугар бөрө үөрэ сылгыларга кутталы суоһууллар

Соторутааҕыта Уус Алдан улууһун Эһэлээх сэлиэнньэтин таһыгар булчуттар бөрө үөрэ сиэбит сылгы өлүгүн булбуттара. Бу…

10 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Күн-дьыл туруга: күнүс -23°С кыраадыс

Бүгүн, ахсынньы 16 күнүгэр, Саха сиригэр соҕуруу, илин, хотугуу-илин кыралаан хаардыыр, соҕурууттан тыаллаах, Булуҥҥа, Анаабырга…

1 час ago
  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

15 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

16 часов ago