Хаартыска: СТНГ
Чурапчы улууһун киинигэр «Сахатранснефтегаз» тэрилтэ 10 пусковой комплекс ситимин тардар үлэни ыытар. Бу туһунан гаас хампаанньатын салайааччы телеграм-ханаалыгар Алексей Колодезников иһитиннэрэр.
«Бүгүҥҥү туругунан гаас ситимэ 930 миэтирэ уурулунна уонна иһэрдилиннэ. Үлэ кыраапык быһыытынан барар. Быйыл күһүн үлэ түмүктэнэрэ былааннанар», — диэн эттэ Алексей Колодезников.
Ону таһынан, хампаанньа гаас инфраструктуратын эбийиэктэрин, ол иһигэр автоматизированнай гаас ыстаансыйаларын модернизациялааһынын салҕыыр. Онуоха Тумуһахтаах уулуссаҕа саҥа ыстаансыйа тутулунна, бу гааһы тиэрдиини уонна хааччыйыыны эрэллээх оҥоруоҕа.
«Бэлиэтээн эттэххэ, 2025 сыл саҕаланыаҕыттан улууска сылга 156 дьиэ былааннаммытыттан 41-гэр гаас тардылынна. Бу бырагыраама саҕаланыаҕыттан улуус олохтоохторун 1820 дьиэтэ гаас ситимигэр холбонно. Ол аата 1820 ыал олорор усулуобуйаларын тупсардылар», — диэн Алексей Засимович тоһоҕолоото бэлиэтээтэ.
Санатан суруйдахха, бу бырагырааманы «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйата 2021 сыллаахха көҕүлээбитэ уонна Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бигэргэппитэ. Социальнай гаастааһын бырагыраамата салҕыы үлэлиир, олохтоохтор сайаапкалары киллэрэн, дьиэлэрин аттыгар тиийэ гаас турбатын босхо тардарга дуогабардаһаллар.
#СТНГ #Сахатранснефтегаз
Бүгүн, ахсынньы 14 күнүгэр, аам даам тымныы күүһүрэн турдаҕына, Мэҥэ Хаҥалас күнүгэр аналлаах Оһуокайга ыччаттар…
Лия бөлүүн түһээн эмиэ оҕо сааһыгар, олорбут дьиэтигэр, оонньообут тэлгэһэтигэр, үрдүк эмпэрэ биэрэктээх Өлүөнэ кытылыгар…
Энэргиэтик утахтартан сылтаан, эдэр дьон доруобуйалара айгыраабытын туһунан сурахтар кэлэр буоллулар. Туох буортулааҕый уонна тоҕо…
Айар куттаах суруйааччылар ахсынньы 7 күнүгэр аам-даам тымныыны аахсыбакка ахсынньы аргыарын ортотунан «Ника» уораҕайга ыраахтан…
Ахсынньы 11 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Өрөгөй» улахан уораҕайыгар «Ньурбалар түмсэр түһүлгэлэрэ» диэн элбэх биир дойдулаахтарын…
Быйыл Өймөкөөн улууһугар айылҕа иэдээнэ – улахан алдьатыылаах халаан үгүс хоромньуну таһаарбыта. Ахсынньы 2-3 күннэригэр…