Чурапчыга балыыһа иккис уочаратын үлэҕэ киллэрэргэ бэлэмнииллэр
Чурапчыга үлэҕэ киллэриллиэхтээх балыыһа комплексын иккис уочаратын тутуу РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит “Доруобуйа харыстабыла” национальнай бырайыагын чэрчитинэн ыытыллыбыта.
Тутуу 2021 сыллаахха саҕаламмыта, бу сыл 5 улууска: Чурапчыга, Бүлүүгэ, Уус Маайаҕа, Тааттаҕа уонна Муомаҕа мэдиссиинэ улахан эбийиэктэрин тутуу кэнники өр сылларга аан бастаан саҕаламмыта. Ити доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөх звенотун модернизациялааһын эрэгийиэннээҕи бырагырааматын көмөтүнэн ситиһиллибитэ.
“Балыыһа комплексын хаһаайыстыбаннай блоктаах иккис уочарата биһиэхэ олус күүтүүлээх эбийиэк. Билиҥҥитэ Чурапчы улууһун оройуоннааҕы киин балыыһатын кэккэ подразделениелара араас дьиэҕэ үлэлииллэр. Саҥа тутуу түмүктэннэҕинэ, сулууспалар бары биир дьиэҕэ үлэлиэхтэрэ – саҥа куорпус балыыһаны кытта сылаас көрүдүөрүнэн ситимнэнэр. Бу, биллэн турар, эмтэнээччилэргэ эмиэ олус табыгастаах”, — диэн кылаабынай бырааһы солбуйааччы Александр Максимов кэпсээтэ.
Саҥа эбийиэккэ симиэнэҕэ 100 киһи сылдьар кыахтаах поликлиника, терапия отделениета, дьахтар уонна оҕо консультацията, күнүскү сытар куойка (10), стоматология уонна доруобуйаны чөлүгэр түһэрэр отделениелар баар буолуохтара. Хаһаайыстыбаннай блокка мэдиссиинэ суһал көмөтүн отделениета (гараастаах уонна ыскылааттаах) киириэҕэ. Мэдиссиинэ комплекса аныгы стандартка эппиэттиир үрдүк технологиялаах тэриллэринэн сэбилэннэ. Чурапчы эмчиттэрэ саҥа тиэхиньикэлэнэн, ыарыыны быһаарар уонна эмтиир саҥа ньымалары баһылыыр былааннаахтар.
Ону таһынан эчэйии, инсульт уо.д.а. ыарыы кэнниттэн доруобуйаны чөлүгэр түһэрии курдук хайысханы сайыннарыахтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: