Чурапчытааҕы физкултуура уонна успуорт үнүстүүтүн иһинэн быйыл тэриллибит “Боотур” байыаннай-патриотическай кулууп бэс ыйын саҥатыгар байыаннай полевой үөрэххэ баран кэлбитин туһунан «Саҥа олох” улуустааҕы хаһыат кэрэспэдьиэнэ Анна Захарова иһитиннэрэр.
— Бу хомуурга барыта аармыйаҕа сулууспалыы илик 13 устудьуон сырытта. Үнүстүүт преподователэ Иван Лукин хомууру салайда. Маннык тэрээһин сыала соруга диэн – аармыйа кэккэтигэр сулууспалыахтаах ыччаттарбытыгар бастакы өйдөбүлү иҥэрэр, онно бэлэмнээх буоларга уһуйар. Уолаттар байыаннай устаабынан эт-хаан өттүнэн, тактическай, строевой, огневой, химическэй бэлэмнэри аастылар.
Мындаҕаайыттан Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт буойуннар уонна Социалистическай Үлэ Дьоруойа И. Р. Константинов пааматынньыктарыгар сырыттылар. Нэһилиэк устуоруйатын Терентий Кардашевскай сиһилии билиһиннэрдэ.
Бу бастакы саҕаламмыт суолталаах тэрээһин үгэскэ кубулуйан, сыл аайы ыытыллар буолуоҕа.
2025 сылга болдьоҕо бүтэр суоппар дастабырыанньата үс сылга диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан Госавтоинспекция пресс-сулууспата…
Хатас олохтооҕо Полина Ефремова быйылгы харыйатын бэйэтэ оҥорбут куукулаларынан симээбит. “Тэлэбииһэринэн “Саха сатаабата суох” биэриигэ,…
Саха сиригэр кэнники сэттэ сылга араас бырагыраама чэрчитинэн 171 саҥа үөрэх эбийиэгэ тутулунна. Бу туһунан…
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн…
Саха сиригэр быйыл кырдьаҕастарга аналлаах саҥа интэринээт-дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэҕэ. Эбийиэк Мэҥэ Хаҥалас Матта сэлиэнньэтигэр…
Былырыын Саха сиригэр «Земскэй быраас» уонна «Земскэй биэлсэр» бырагыраамаларынан 16 исписэлиис үлэҕэ ыытыллыбыт: 90 быраас…