Чурапчыга буойуттар кэргэннэригэр, оҕолоругар дастабырыанньа туттардылар

Share

Чурапчы улууһун дьаһалтата байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин чилиэннэригэр дастабырыанньа оҥордо. Улуус баһылыга Степан Саргыдаев байыаннай эпэрээссийэҕэ улуустан баран кытта сылдьар байыастар кэргэннэрин, ийэлэрин сааскы бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран, бу дастабырыанньалары туттартаабытын, маннык дастабырыанньа байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын кэргэннэригэр, оҕолоругар бэриллэрин кэпсээтэ.

— Бары билэ-көрө, кытта сылдьарбыт курдук, байыаннай дьайыыларга сылдьар буойуттарбыт дьиэ кэргэннэригэр өрөспүүбүлүкэҕэ уонна улууспутугар араас хайысхалаах өйөбүл оҥоһулла турар. Биһиги улууспут Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев ааспыт сылга таһаарбыт дьаһалынан тута буойуттарбыт дьиэ кэргэттэригэр араас өрүттээх көмөнү оҥорууну тэрийбитинэн, үлэлээбитинэн барбыта.
Бу туттарыллыбыт дастабырыанньа быһыытынан, «Байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин чилиэнэ» статуһунан кэккэ чэпчэтиилэр олохтоннулар: дастабырыанньанан улуус култуурунай тэрээһиннэригэр сылдьыы, «Айыллаан» киинэ тыйаатырыгар оҕолор ханнык баҕарар киинэни көрүүлэрэ босхо, улахан дьон киинэни 50% чэпчэтиилээх көрүөхтэрэ. Чурапчы — Аллараа Бэстээх- Дьокуускай  сылдьар оптуобустарга ыйга биирдэ 50% чэпчэтии баар буолла уонна улуус иһигэр сүүрэр социальнай тырааныспардарынан босхо сылдьыахтара. Дьиэ кэргэн оҕолоро уочарата суох уһуйааҥҥа киириэхтэрэ, оҕо, дьахтар консультацияларыгар уочарата суох көрдөрүнүөхтэрэ, оскуола оҕолоро босхо аһыахтара.
Улуус дьаһалтата маннык миэрэлэри ылыныытын тустаах дьон өйөбүл эбии дьаһалларын быһыытынан сыаналааннар, дастабырыанньа көдьүүстээх уонна олус табыгастаах буолуоҕун бэлиэтээн, махталларын биллэрдилэр.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үрдүкү кылаас үөрэнээччитэ сэттискэ үөрэнэр оҕоттон харчы кыһайан ылбыт

ИДьМ 2-с нүөмэрдээх полиция салаатын дознавателэ куорат биир оскуолатыгар тахсыбыт быһылаанынан РФ Холуобунай Кодексын 163-с…

6 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Улуус хамыыһыйата социальнай эбийиэккэ тутуу үлэтин хаамыытын дьүүллэстэ

Быйыл күһүн Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Маттаҕа аҕам саастаах уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьон дьиэлэрэ үлэҕэ киириэхтээх.…

8 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Водоканал Мархаҕа уу турбатын ситимин тутуу бырайыагын олоххо киллэрэн саҕалыаҕа

Ил Дархан Айсен Николаев 2024 сыл түмүгүнэн “Водоканал” АУо үпкэ-хаһаайыстыбаҕа үлэтин түмүгүн көрөр мунньахха, Дьокуускай…

40 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Билгэлэр: итэҕэй-итэҕэйимэ

Көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр бит-билгэ арааһа баар. Үгүс дьон онно олуһун итэҕэйэр, оттон сорохтор наадыйбаттар, улахаҥҥа уурбаттар.…

48 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

АЛРОСА төрүт норуоттар нэһилиэстибэлэрин харыстааһыҥҥа көмөлөһөр

АЛРОСА Саха сирин бырабыыталыстыбатын уонна Хотугу сир аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын ассоциациятын  кытары хардарыта бииргэ…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Уопсастыба

Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ судаарыстбаннай тэрилтэлэрин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын үлэтин сыаналаата

Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүһүүгэ судаарыстыбаннай тэрилтэлэр уонна уопсастыбаннай хааччыйыы үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын биэс…

1 час ago