Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор киин Чурапчыга аһыллыаҕа

Share

Ахсынньыга Чурапчытааҕы сокуоннай саастарын туола илик оҕолору социальнай-реабилитациялыыр киин баазатыгар Саха сиригэр бастакы Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор киин аһыллыаҕа. 

Бу киин РФ үлэҕэ, социальнай сайдыыга министиэристибэтэ уонна Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит оҕолору өйүүр пуонда 2022 сылтан тэрийэр пилотнай бырайыактарын чэрчитинэн аһыллар кыахтанна.

Дьиэ кэргэҥҥэ элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ тиийэн кэлэн, төлөпүөнүнэн, эбэтэр, интэриниэтинэн кэпсэтэн, көмөнү ылыахха сөп. Ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьиэ кэргэттэргэ психологтар, социальнай педагогтар, атын да исписэлиистэр көмөлөһүөхтэрэ.

Дьиэ кэргэттэргэ элбэх өҥөнү оҥорор киин тугунан көмөлөһөрүй?

  • «Госуслуги» портал нөҥүө социальнай көмөнү ыларга, сайабылыанньа суруйарга;
  • психолог, логопед консультациялара;
  • социальнай төлөбүрдэри хайдах ыларга көмөлөһөн, сүбэлээн биэрэллэр;
  • оҕо-төрөппүт сыһыаннарыгар үөскүүр кыһалҕалары быһаараллар;
  • төрөппүттэр уонна оҕолор интэриэстэринэн кулууптары тэрийэллэр;
  • оҕолору сайыннарар уонна чэбдигирдэр, чөлүгэр түһэрэрдьарыктары ыыталлар;
  • каникул кэмигэр оҕолору көрөр-истэр, дьарыктыыр бөлөхтөрү тэрийэн үлэлэтэллэр.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

4 часа ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

4 часа ago