Чурапчыга эмтээһин саҥа ньымаларын ситиһиилээхтик туһаналлар
Чурапчы улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатыгар кэнники сылларга эмтээһиҥҥэ кэккэ саҥа ньымалары көхтөөхтүк киллэрдилэр.
2023 сылга холециститтаах, аппендициттаах уо.д.а. ыарыһахтарга 9 малоинвазивнай лапароскопическай эпэрээссийэни аан бастаан оҥордулар.
Маннык эпэрээссийэлэр анал видеоэндоскопическай тэриллэр көмөлөрүнэн оҥоһуллаллар. Саҥа тэрил көмөтүнэн хирургияҕа мэдиссиинискэй орооһуулар кыра хайаҕаһынан, видеонан кэтээн көрүү көмөтүнэн оҥоһуллаллар. Ол түмүгэр эпэрээссийэ кэннинээҕи оһорунар кэм кылгыыр, эмтэнээччилэр чөлүгэр түһэрии кэмин үчүгэйдик аһараллар.
– Урут маннык эпэрээссийэлэри аһаҕастык орооһон оҥорорбут эбэтэр ыарыһахтарбытын Дьокуускайга ыытарбыт. Билигин бэйэбит оҥоробут, тоҕо диэтэххэ, итинник эпэрээссийэлэргэ наадыйааччы олус элбэх. Бастакы эпэрээссийэлэри СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кылаабынай хирурга Василий Петрович Игнатьев кыттыылаах оҥорбуппут, кини маастар-кылааһы көрдөрбүтэ. Онон билигин бэйэбит хирурдарбыт эпэрээссийэни үчүгэйдик оҥорорго эрэллээхтэр. Мин санаабар, биһиги сөптөөх быһаарыныыны ылынныбыт, – диэн Чурапчы Оройуоннааҕы киин балыыһатын кылаабынай бырааһын мэдиссиинэ тэрээһинигэр солбуйааччы Александр Максимов иһитиннэрдэ.
Чурапчыга араас эчэйиигэ эмиэ саҥа технологиялары туһаналлар. Олортон биирдэстэрэ – тостубут уҥуохтарга интрамедуллярнай остеосинтез.
Чурапчы эмчиттэрэ инникитин даҕаны эмтээһин уонна ыарыыны сэрэтии аныгы технологияларын көхтөөхтүк киллэрэр, ыарыыны сэрэтэр хайысханы сайыннарар санаалаахтар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: