Салгыы
Чурапчыга көрдүүр-быыһыыр этэрээт саҥа дьиэтэ аһылынна

Чурапчыга көрдүүр-быыһыыр этэрээт саҥа дьиэтэ аһылынна

30.11.2024, 13:00
Хаартыска Чурапчы улууһун дьаһалтатыттан
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ Чурапчы улууһугар көрдүүр-быыһыыр этэрээт саҥа дьиэтэ улуус салалтатын быһаччы хонтуруолунан, түөрт ый иһигэр тутуллан үлэҕэ киирдэ.

Бэлиэ тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар СӨ гражданскай оборонатын уонна нэһилиэнньэ олоҕор-дьаһаҕар куттал суох буолуутун хааччыйар миниистирэ Дмитрий Лепчиков, СӨ быыһыыр сулууспатын салайааччыта Иннокентий Андросов, Тааттатааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээт салайааччыта Павел Попов, о.д.а. кэлэн кытыннылар, эҕэрдэлээтилэр диэн Чурапчы улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу түөрт ый эттэххэ дөбөҥ, Николай Терютин салайааччылаах быыһыыр этэрээт хорсун-хоодуот байыастара, саас муус устар ыйтан саҕалаан, күһүн балаҕан ыйыгар диэри Чурапчы, Хадаар, Мындаҕаайы, Мырыла нэһилиэктэригэр уонна Таатта улууһугар сүппүт дьону көрдөөһүҥҥэ, Томпо, Абый улуустарыгар ойуур баһаарын умуруорууга түүннэри-күнүстэри үлэлээбиттэрэ. Уолаттар чэпчэкитэ суох суһал үлэлэрин таһынан быыс-арыт булан, бу дьиэни бэйэлэрэ туттулар.

«Бу кинилэр чахчы түмсүүлээхтэрин, дьон-норуот туһугар сыраларын- сылбаларын аныыр дьиҥ патриот дьон буолалларын бэлиэтиир. Саҥа дьиэҕэ киирэн, үлэлэрэ өссө таһаарыылаах, ситиһилээх буоларыгар баҕарабын», — диэн Чурапчы баһылыга Степан Саргыдаев эттэ.

+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -37°C
  • Ощущается: -37°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: