Чурапчыга Комсомол күнүн бэлиэтээтилэр

Share

Бэҕэһээ Чурапчы улууһугар Бэтэрээннэр сэбиэттэрин көҕүлээһиннэринэн, Комсомол күнүнэн дьоро тэрээһин ыытылынна. 

Мугудайтан, Одьулуунтан, Алаҕартан, Мындаҕаайыттан, Хатылыттан эдэр саастарын комсомолу кытта холбообут, ол сыллары күндүтүк саныыр комсомолецтар мустан, кэрэ кэпсээн кэккэлээтэ, ырыа тойук тардылынна, үҥкүү-битии оргуйда диэн Чурапчы улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Кэлбит комсомолецтары баартыйа райкомун сэкирэтээрэ Семен Никитин, улуустааҕы Бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Мотрена Матвеева эҕэрдэлээтилэр. 1982-1986 сылларга райкомол сэкирэтээринэн үлэлээбит Николай Хоютанов эдэр саас төлөннөөх кэмнэрин ахтан-санаан тыл эттэ, кэлбит комсомолецтарын эҕэрдэлээтэ.  Бу дьоро киэһэни Суруналыыстар сойуустарын чилиэнэ Наталья Захарова иилээн-саҕалаан ыытта. Хас биирдии тыл этэ тахсыбыт киһини хантан сылдьарын, тугу үлэлээбитин- хамсаабытын, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон тугунан дьарыктанарын бэйэтин эдьиийин, убайын билиһиннэрэрдии истиҥник сырдатта. Дьэ, ити курдук бииртэн биир комсомолец урукку кэмнэрин умнуллубат түгэннэриттэн ахтан-санаан тыл этттилэр, комсомол саҕанааҕы ырыалары ыллаатыллар.

Чурапчы улууһун ытык кырдьаҕастара Василий Николаевич Дьячковскай, Спартак Григорьевич Слепцов, Мотрена Ивановна  Феофанова эдэр саастарын кэмин долгуйа астына кэпсээн, кэлбит дьоҥҥо бэйэлэрин алгыстаах тылларын тиэртилэр, ыллаан-туойан, хоһоон ааҕан бу бэлиэ  күн  бэлэх ууннулар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

2 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Барыта Кыайыы туһугар!” Норуодунай фронт наҕараадаларын туттарыы буолла

Дьокуускайга иккис Өрөспүүбүлүкэтээҕи антифашистскай пуорум буолаары турдаҕына, “Норуодунай фронт. Барыта Кыайыы туһугар” бочуоттаах бэлиэнэн өрөспүүбүлүкэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Фашизмы утары пуорум чэрчитинэн “Без срока давности” мультимедийнэй быыстапка үлэлиир

Алтынньы 16 күнүттэн “Арассыыйа – Мин устуоруйам” түмэлгэ Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар киһилии кэмэлдьилэрин…

2 часа ago