Чурапчыга мас тардыһыыга чөмпүйүөннэр быһаарылыннылар
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/img_2813-1060x596.jpg)
Чурапчыга мас тардыһыыга чөмпүйэнээт бастакы күнүн чөмпүйүөннэрэ быһаарылыннылар. Барыта 11 кэмпилиэк наҕараада оонньонно.
Былырыын кыайыылаах тахсыбыт лидердэртэн кыайыылаах Алексеева Анастасия (50 кг) Мэҥэ Хаҥалас улууһа, Ирина Севрюк (75 кг) Томпо улууһа, Татьяна Баишева (85 кг) Амма улууһа, Айсиэн Мигалкин (70 кг тахса) Уус Алдан улууһа, Артем Ветров (125 кг) Дьокуускай куорат буоллулар. Итинтэн атын категорияларынан ыйааһыннарга кыһыл көмүс мэтээллэри бастакытын кыайыылаах тахсыбыт атын спортсменнар ыллылар. 60 кг диэри ыйааһыннаахтарга былырыыҥҥы кыайыылаах Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан Артур Жиркову Таатта улууһуттан Владимир Баишев кыайда. Кини сүүмэрдэммит хамаандата быйыл ыытыллыахтаах Манчаары оонньууларыгар күүскэ бэлэмнэнэллэр.
Карьератыгар иккис төгүлүн кыһыл көмүс мэтээли Уус Алдан улууһун бөҕөһө Айсиэн Мигалкин ылла (70 кг). 80 кг диэри ыһаайыҥҥа күүстээх киирсилэр буолан аасталыр. Ол курдук, бу ыйааһыҥҥа аан дойду чөмпүйүөнэ Семен Ануфриев, Кэбээйи улууһуттан Семен Гуляев, Уус Алдантан икки төгүллээх Манчаары оонньууларын кыайыылааҕа Айсен Атастыров, Мэҥэ Хаҥаластан аан дойду призера Андрей Винокуров, Арассыыйа хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ Семен Атаков, Дыгын оонньууларын сулуһа Артем Варданян кытыннылар. Ол эрээри бу ыйааһыҥҥа Мэҥэ Хаҥалас улууһун бөҕөһө Егор Свинобоев кыайыылаах таҕыста
Санаттахха, бу күрэхтэһиигэр Манчаары оонньууларыгар эр дьоҥҥо 10-нуу путевка оонньонно, оттон бэтэрээннэргэ уонна дьахталларга— алталыы путевка.
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/img_2813-e1739060390839.jpg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/img_2134.jpg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/img_2128.jpg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/img_2788.jpg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/img_2669.jpg)
![](https://sakha-sire.ru/wp-content/uploads/2025/02/img_2813-960x640-1.jpg)
Кыайыылаахтар уонна призердар
Дьахталлар
50 кг диэри: 1. Анастасия Алексеева (Мэҥэ Хаҥалас), 2. Анна Андросова (Таатта-1), 3. Ньургуйаана Николаева (Ньурба), 3. Сахаайа Баттахова (Амма)
60 кг диэри: 1. Ирина Алексеева (Нам), 2. Жанна Алексеева (Дьааҥы), 3. Валентина Шестакова (Өлөөн), 3. Анна Охлопкова (Мэҥэ Хаҥалас);
75 кг диэри: 1. Ирина Севрюк (Томпо), 2. Саина Седалищева (Чурапчы), 3. Лия Плотникова (Мэҥэ Хаҥалас), 3. Елена Алексеева (Хаҥалас);
85 кг үөһэ: 1. Татьяна Баишева (Амма), 2. Татьяна Попова (Чурапчы), 3. Олеся Петрова (Хаҥалас), 3. Виктория Алексеева (Горнай);
Бэтэрээннэр (эр дьон):
65 кг диэри: 1. Василий Свинобоев (Мэҥэ Хаҥалас), 2. Иван Устинов (Мэҥэ Хаҥалас), 3. Виталий Донской (Уус Алдан), 3. Александр Дмитриев (Үөһээ Бүлүү);
85 кг диэри: 1. Алексей Анисимов (Дьааҥы), 2. Мерсиаз Пахомов (Амма), 3. Артаньян Неустроев (Таатта-1), 3. Максим Марков (Мэҥэ Хаҥалас);
95 кг үөһэ: 1. Иван Федоров (Мэҥэ Хаҥалас), 2. Анатолий Баишев (Амма), 3. Гаврил Кычкин (Таатта-1), Ким Бубякин (Уус Алдан);
Эр дьон:
60 кг: 1. Владимир Баишев (Таатта), 2. Артур Жирков (Мэҥэ Хаҥалас), 3. Ньургун Петров (Сунтаар), 3. Дмитрий Неустроев (Амма);
70 кг үөһэ: 1. Айсиэн Мигалкин (Уус Алдан), 2. Василий Чемпин (Таатта-1), 3. Егор Сивцев (Нам), 3. Константин Жирков (Таатта-2);
80 кг диэри: 1. Егор Свинобоев (Мэҥэ Хаҥалас), 2. Семён Ануфриев (Якутск), 3. Валентин Иванов (Сунтаар), Егор Гуляев (Кэбээйи);
125 кг диэри: 1. Артём Ветров (Якутск), 2. Эрчим Баппаҕай (Үөһээ Бүлүү), 3. Валентин Горохов (Томпо), 3. Владимир Михайлов (Таатта-1).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: