Кулун тутар 16-17 күннэригэр Чурапчыга национальнай многоборьеҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи чөмпүйэнээт ыытыллыаҕа. Бу чөмпүйэнээт эрдэ наар Дьокуускайга буолар этэ.
Быйылгы чөмпүйэнээт Чурапчытааҕы физкултуура уонна успуорт институтун баазатыгар буолуоҕа. Бу улууска ыытар туһунан национальнай многоборье федерациятын бэрэсидьиэнэ Алексей Пинигин көҕүлээбитин, улуус баһылыга Степан Саргыдаев өйөөбүт.
Чөмпүйэнээккэ уолаттар 70 киилэҕэ диэри уонна онтон үөһээ ыйааһыҥҥа арахсан күрэхтэһиэхтэрэ. Оттон «Дыгын оонньууларыгар» кыттар иһин путевканы 70 киилэттэн үөһээ ыйааһыннаах уолаттарга эрэ оонньотуохтара. «Чөмпүйүөн Куубагар» миэстэлэспит боотурдар чөмпүйэнээккэ кыттан эмиэ путевка ылар түгэннэригэр, кинилэртэн аллараа сылдьар элбэх очукуолаах уолаттар кыттар быраабы ылыахтара диэн Иван Белолюбскай СИА-ҕа иһитиннэрэр.
Кыайыылаахтар 50 тыһ. солк., 40 тыһ. солк. уонна 30 тыһ. солк. наҕараадаланыахтара. Итиэннэ Чурапчы улууһун дьаһалтата бириистэри туруоруоҕа.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…