Чурапчы улууһун Чурапчы сэлиэнньэтигэр 53 кыбартыыралаах олорор дьиэ тутуута түмүктэннэ. Саҥа кыбартыыра күлүүһүн бүгүн биэрдилэр. Барыта 100-чэкэ киһи көстө.
Чурапчы сэлиэнньэтин Ленин уулуссатыгар биэс мэндиэмэннээх дьиэ тутуута дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак иитинэн “2019-2025 сс. саахалланар туруктаах олорор дьиэттэн дьону көһөрүү” өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама өйөбүлүнэн, 2021 сыл кулун тутар ыйыттан саҕаламмыта. Дойду баһылыгын быһаарыыта баар буолан, Чурапчы улууһугар барыта 114 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн дьону көһөрүөхтэрэ, бу 675 кыбартыыра, 30 тыһ. кв.м. тахса саахалланар туруктаах дьиэ буолар.
“Бүгүн биһиги өр кэтэспит улахан үөрүүлээх бырааһынньыкпыт. Биһиэхэ анаан олус үчүгэй, кырасыабай, аныгы дьиэни туттулар. Бу курдук мааны, тупсаҕай дьиэ сылаас, олорорго табыгастаах буоларыгар бигэ эрэллээхпит”, — диэн саҥа дьиэ олохтооҕо Лилия Гоголева бэлиэтээтэ.
Саҥа кыбартыыралар күлүүстэрин туттарар үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба аатыттан тутуу миниистирэ Виктор Романов тыл эттэ.
Санатан аастахха, Ил Дархан Айсен Николаев сайын Чурапчы улууһугар оробуочай сырыытын кэмигэр дьиэ тутуутун көрбүтэ-истибитэ. Ититэр тэрили, кыбартыыра иһинээҕи радиатордары атыылаһарга, олохтоохторго табыгастаах буоларын туһугар дьиэ аттынааҕы тэлгэһэҕэ сынньанар уонна массыына турар миэстэлэрин тупсарарга сорудах биэрбитэ.
Саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын иитинэн, 2019 сылтан Чурапчы улууһугар 9 нэһилиэккэ 18 элбэх кыбартыыралаах дьиэ тутуллан үлэҕэ киирбит. Уопсайа, 409 кыбартыыраттан 1100-тэн тахса киһини көһөрбүттэр.
Бырагыраама үлэлиир биэс сылын устата саахалланар туруктаах дьиэттэн өрөспүүбүлүкэҕэ 28 тыһ. кэриҥэ олохтоох саҥа дьиэҕэ көспүт.
Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
Хаартыска: ulus.media
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…